Дуума вице-спикерэ Александр Жуков бэлиэтээбитинэн, бу сокуон бырайыактарын ортолоругар байыаннай сулууспалаахтар статустарын туhунан сокуоҥҥа уларыйыылар бааллар, кинилэр кѳмѳлѳрүнэн анал байыаннай эпэрээссийэ доброволецтарын оҕолоро уопсай үѳрэхтээhин оскуолаларыгар уонна оҕо саадтарыгар бастакы уочарат киирэр быраабы ылыахтара.
Ону кытта бэс ыйынааҕы былаанынан култуура нэhилиэстибэтин эбийиэктэрин, устуоруйа уонна култуура пааматынньыктарын тустарынан сокуоҥҥа уонна ситэриллибэтэх тутуу эбийиэктэрин сыhыаннарыгар учуоттуур-регистрациялыыр дьайыылар бэрээдэктэрин олохтуур хамсаабат баай-дуол судаарыстыбаннай регистрациятын туhунан сокуоҥҥа уларыйыылар тустарынан бырайыак кѳрүллүѳхтээх.
Итиэннэ Крым Ѳрѳспүүбүлүкэтин уонна Севастополь территорияларыгар олорор дьиэни тутуу эйгэтигэр кѳҥүл экэнэмиичэскэй зона кыттыылаахтарынан инвестбырайыактары олоххо киллэрии кыаҕын хааччыйыыны, саҥа субъектарга тыа хаhаайыстыбатын ѳйүүр сокуон бырайыактарын дьүүллэhиэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0