Бэлиэ тэрээһиҥҥэ Ньурба оройуонун дьаһалтатыттан Н.С.Петрова, Ньурбачаан нэһилиэгин баһылыга Семенова М.Н., култуура департаменыттан Иванова К.Д., бибилэтиэкэттэн Багмет А.В., Ньурбачааннааҕы «Түмсүү» кииниттэн Саввинова Т.С., «Уйгулаана» ырыа бөлөҕө, Ньурбатааҕы түмэл үлэһитэ Борисов Б.Б. уонна Иванова Л.В. аймахтара, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ кэлэн сылаас тыллардаах эҕэрдэлэрэ этилиннэ, элбэх сибэкки дьөрбөтө, бэлэх туттарылынна.
Бу кинигэни «Айар» кинигэ кыһата итиэннэ «Ньурба оройуона» МТ үбүлээбиттэр уонна 800 экземплярынан бэчээттэнэн тахсан, билигин «Айар» киоскаларыгар атыылана турар. Кэлбит ыалдьыттартан саамай аҕам саастаах дьон Бияков О. учууталын Багдарыын Сүлбэ аата өссө да ааттана туруоҕар баҕа санаатын тиэртэ.
Багдарыын Сүлбэҕэ аналлаах сквер уонна куорат биир эмит уулуссата кини аатын сүгүөн баҕарарын туһунан баҕа санаатын үллэһиннэ.
Онтон Тимофеев В.И. эмиэ бэрт элбэх историческай түгэннэри, ким хантан төрдүлээҕин, Ньурба дьонун төрүттэрин, өбүгэлэр туһунан кэпсээнин мустубут дьон сэҥээрэ иһиттибит. Презентация кэннэ Людмила Васильевна минньигэс астаах сандалыта ыалдьыттары маанылаата, уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0