Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -17 oC

Кэлиҥҥи кэмҥэ смартфон үөдүйэн, дьон хаартыскаҕа хаһан баҕарар бэйэлэрин уонна тулалыыр эйгэни түһэрэр, үйэтитэр буоллулар. Төһө да маннык көстүү дэлэйдэр, идэтийбит фотографтар суолталара өрүү үрдүк буолар.

Кэлиҥҥи кэмҥэ смартфон үөдүйэн, дьон хаартыскаҕа хаһан баҕарар бэйэлэрин уонна тулалыыр эйгэни түһэрэр, үйэтитэр буоллулар. Төһө да маннык көстүү дэлэйдэр, идэтийбит фотографтар суолталара өрүү үрдүк буолар.

БЭЛЭСИПИЭТИНЭН ТИЭСТЭН

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтооҕо Виктор Семенов сылгы үрүҥ уонна хара атыырдарын дуолан киирсиилэрин хаартыскаҕа үйэтиппитин үгүс дьон араас кинигэлэргэ, халандаардарга, аккырыыккаларга көрбүт буолуохтаах.

 – Бу аҕыйах каадыры түһэрээри бэлэсипиэтинэн Маай диэн Бэрдьигэстээхтэн көс холобурдаах сытар учаастакка икки нэдиэлэ тиэстибитим. Алааска сылдьар атыырдар киҥир-хаҥыр иҥэрсийэн, субу билигин охсуһуох курдук тутта-тутта, тэйсэн хаала тураллара. Манна эбии, соругум үрүҥ уонна хара атыырдар охсуһууларын устуу буолан, атыттарга улаханнык болҕомтобун уурбаппын. Алаас киэҥ. Үрүҥ атыыр бэттэх, харам алаас уҥуор сылдьар. Дьэ, онтон икки нэдиэлэ буолан баран, бэрт кылгас түгэҥҥэ охсустулар. Ону хата түбэһэн, хаартыскаҕа үйэтиттэҕим, – диэн Виктор Васильевич ол түгэни кэпсиир.

БУЛТ КУРДУК УМСУЛҔАННААХ

Ааспыт ыйга Ил Түмэҥҥэ Виктор Семенов «Төрөөбүт дойдум устуоруйата, кэрэ көстүү ситимэ -- үйэлээх хаартыскаҕа» диэн ааптар 60 сааһын көрсө персональнай быыстапката буолан ааспыта. Бу быыстапкаҕа Виктор Васильевич айылҕаны, кэрэ көстүүнү түһэриинэн үлүһүйэр фотограф быһыытынан эрэ буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын, маны таһынан суолталаах быһаарыылары ылынар кэмнэр түгэннэрин үйэтиппит киһи быһыытынан эмиэ көстүбүт.

Виктор бэйэтэ кэпсииринэн, фотограф идэтин баһылыан иннинэ 1985 с. киинэ эйгэтигэр үлэлээн саҕалаабыт. Оччолорго «биидьик» саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ буолан, ханна да тиийдэҕинэ дьон хото сылдьар. Видеоплеерин, кассеталарын суумкаҕа угаталаан баран айан массыынатынан, сороҕор суолга туран нэһилиэктэргэ саҥа тахсыбыт киинэни көрдөрө айанныыр эбит. Бу айанныы сылдьан, массыына түннүгүнэн элэс ааһар айылҕа кэрэ көстүүлэрин кэрэхсии, сонургуу көрөр буолар. «Хаарыаны. Бачча кэрэ көстүүлэри хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэн, өрүү көрө, сэргии сылдьыбыт киһи» диэн санааттан сиэттэрэн, Виктор доҕорун сүбэтинэн аан бастакы «Олимпус» пленкаҕа уһулар фотоаппараты ылынар. Ити 2000 сс. саҥалара буолуо. Онтон ыла кыралаан айылҕаны, тулалыыр эйгэни, түгэни түһэртээн, үйэтитэн барар.

– Хаартыскаҕа түһэрии, эмиэ булт курдук умсулҕаннаах. Сороҕор төһө эмэ кэми, сыраны-сылбаны бараан туран, түһэртээбит үлэлэриҥ, кэлин хаартысканы бэчээттиир кэмҥэр көрбүтүҥ биирэ да табыллыбатах буолааччы. Эбэтэр, сороҕор хайдах эрэ сыыһа түһэрдим дии санаабытыҥ олох да бэркэ табыллан тахсыбыт буолааччы. Фотограф онтон ордук ылларан, умсугуйан түһэрэ сатыыр буолар эбит. Өссө туох эмит сонуну, кэрэни көрбүт, түһэрбит киһи дии саныы, оннугу көрдүү, була сатыы сылдьар буолан хаалар, – диэн Виктор Васильевич бу эйгэҕэ хайдах киирбитин кэпсиир.

МАҤНАЙГЫ БЫЫСТАПКА

51c7c2de 0535 42cc 92a2 648b2d574f2b

-- Кэлин, сайдыы кэлэн, видео дьоҥҥо-сэргэҕэ элбээн, киинэни көрдөрүү улахан барыһы киллэрбэт буолбута. Инньэ гынан, 2001 сыллаахха хаартысканан түһэриигэ нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорор урбаанньыт буолбутум. Бу хайысхаҕа 2018 сыллаахха диэри үлэлээн кэлбитим. Үксүн араас биэчэрдэргэ, сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ сылдьан хаартыскаҕа түһэрэр, видеоҕа устар этим. Бу идэҕэ үгүстүк кэллэххэ-бардахха, сүүрдэххэ-көттөххө, кэпсэттэххэ-ипсэттэххэ эрэ дохуоттанаҕын. Биир сиргэ олорон хайдах да барыстаммаккын. Ол эрээри, сүрэҕиҥ сөбүлүүр дьарыгын идэ оҥостор туохтааҕар да күндү. Ордук сөбүлээн айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү түһэрэбин. Бастакы сырыым Солоҕон Сиинэтигэр, суруналыыс Василий Алексеев тэрийбит эспэдииссийэтигэр этэ.

Манна кыыл табалары, эһэлэри, араас көтөрдөрү түһэрэммин, эппиккэ дылы, хараҕым уоттаммыта. Хамсыыр-харамайы хаартыскаҕа түһэрэр манан аҕай дьыала буолбатах. Кинилэргэ эн хайдах туттан түһүөхтээхтэрин кыайан соруйбаккын. Алҕас сыыһа хамсан эрэ, куотан «тилир» гыныахтара. Оччоҕуна хаарыан бириэмэҥ, сыраҥ-сылбаҥ барыта биир түгэҥҥэ сотуллар. Ордук тыа кыылларын түһэрэргэ. Син биир булчут курдук, биир түгэн.

Онуоха, дьэ, тулуур ирдэнэр. Хас хамсаныыҥ, туттууҥ-хаптыыҥ, үктэнииҥ барыта болҕомтоҕо ылыллар. Инньэ гынан, 2003 сыллаахха маҥнайгы быыстапкабын тэрийбитим. Нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ бэркэ биһирээн сылдьыбытыттан эрэл ылбытым. Быйыл номнуо алтыс быыстапкам буолла. Маны таһынан «Азия оҕолоро», «Манчаары» оонньууларын, Олоҥхо ыһыахтарын үйэтиппитим араас сурунаалларга, хаһыаттарга тахсыбыттара, -- диэн Виктор кэпсиирин тохтоппокко бэйэтин туһунан суруллубут ыстатыйалара мунньуллубут портфолиотын уунна. Дьэ, кырдьык, соруктаах үлэлэр ситиһиллиилэрин түмүктэрэ эбит. Ону барытын Виктор Васильевич сыа-сым курдук илдьэ сылдьар.

ИЛ ТҮМЭҤҤЭ ХАЙҔАЛ ТЫЛЛАР

– Быйыл 60 сааспын көрсө быыстапкам Ил Түмэн дьиэтигэр турбута. Үксүн араас көрсүһүүлэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьан өрөспүүбүлүкэбит салайааччыларын, биллэр-көстөр дьоннорун, ону таһынан айылҕаны устубут хаартыскаларбын экспозицияҕа туруорбутум. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев аатыттан махтал суругу туппутум. Киһиэхэ, ордук айар-тутар эйгэлээх киһиэхэ, хайҕал тыл үлэ-хамнас тахсыылаах буоларыгар олус суолталаах, – диэн Виктор Васильевич бэлиэ кэмин үрдүк таһымҥа ыыппыттарын махтана ахтар. – Билигин биэнсийэҕэ олоробун. Дьон көрдөстөҕүнэ, сакаастарынан сылдьан хаартыскаҕа түһэрэбин. Хотугу улуустарга, холобур Өлөөҥҥө уонна Анаабырга ыҥырыынан биэстэ бара сылдьыбытым. Дьэ, маннык сырыыларга Саха Сирэ муҥура суох киэнин, ураты дьоннордооҕун, хатыламмат кэрэтин билэҕин, ытыктыыгын, сөҕөҕүн-махтайаҕын.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением