Политическай кириисис тахсан эрэр быhыылаах диэн этэр тоҕоостоох дуо?
Сүрүн биричиинэтинэн Арассыыйа уонна кыраныысса таһыгар ньиэби атыылыыр дойдулар сойуустара (The Organization of the Petroleum Exporting Countries) ньиэби хостуур үлэлэри аҕыйатарга биир сөбүлэҥҥэ кэлбэтэхтэриттэн буолуон сөп. Өйдөспөт буолуу төлө барыытын төрүөтэ — Арассыыйа бу ырыынакка бэйэтин өлүүтүн сүтэриэн баҕарбата буолар. Ол курдук, барыстаах кэпсэтииттэн акаастаныы ньиэп сыаната түһүүтүгэр уонна тилэх баттаһа солкуобай кууруһа тосту түһүүтүгэр тиэртэ.
Биһиги редакциябыт ньиэп ырыынагын эйгэтигэр экономистар, экспердэр этиммит санааларын эһиги болҕомтоҕутугар түмэн таһаарарга соруктанна. Салгыы «Ньиэп сыаната уонна национальнай валюта кууруһа инникитин хайдах буолуохтарай?» диэн ыйытыктаах, кэнники күннэргэ тахсыбыт түбэлтэни ырытан көрүөххэ.
Сайдыылаах экономикалаах дойдулар кириисискэ бэлэмнэр
Этиллибитин курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ коронавирус эпидемиятыттан сабаҕаланар фондовай ырыынактар аан дойду үрдүнэн дьон айманыытын таһаарбыттара бэлиэтэннэ. Көмүс сыаната үрдээн баран, кэлин соһуччу түһүүтүн кэннэ инвестордар Америка облигацияларын көхтөөхтүк атыылаһан бардылар. Ньиэп сыаната 14% түстэ — бу көрдөрүү 2011 сылтан муҥутуур үрдүк буолла. Дойду үрдүнэн евро кууруһа 2019 сыл атырдьах ыйыттан аан бастакытын 74 солк. куоһарда, оттон доллар 67 солк. диэри ыараата. Билигин глобальнай кириисис куттала бүрүүкээн, төһө улахан содулланара экономистары долгутар.
«СКОЛКОВО-РЭШ» үп технологияларын уонна сыыппаранан экономиканы кэтээн көрөр киин директора, үп бэрэпиэссэрэ Олег Шибанов иһитиннэрбитинэн: «Эпидемия сайдыыта уонна ырыынак түһүүтэ букатын сибээстэрэ суох. Биричиинэтэ — АХШ-ка буолаары турар быыбар, «Брекзит» түмүгүттэн (Великобритания Евросойуустан тахсыыта), АХШ уонна Кытай икки ардыларыгар аан дойдутааҕы атыы-эргиэн эйгэтигэр мөккүөрдэр тахсалларыттан. «Хара Куба» коронавируһа уһун кэмҥэ атыы-эргиэн ырыынагар дьайыа суохтаах. Кырдьык, «баһаар» тахсан эрэр диэн хаһыытыырга улахан баҕа баар, ол эрэн бүтэһигэр «ууга барыы» буолла диэн уларытан этэр кыбыстыылаах дьыала буолуо. Кытай экономиката 2020 сыл бастакы кыбаарталыгар бытаарда диэххэ сөп. Салгыы ханнык түгэн тахсыаҕын сөпкө быһаарар кыах суох. 2003 сыллаахха атипичнай пневмонияны утары охсуһар үлэлэргэ сыл аҥаара бириэмэ наада этэ, оттон бу сырыыга туох тахсарын көрүөхпүт. Кэтэһэргэ эрэ тиийэбит. Мин кэтиирбинэн, коронавирус төһө кутталлааҕын уонна дьон маассабай өлүүтүгэр тиэрдэрин туһунан вирусологтар ситэ чопчу маннык диэн билбэттэр».
Ырыынактарга айманыы тахсыыта — глобальнай кириисис чинчитэ
Эксперт кэпсииринэн, ырыынактарга айманыы тахсыыта чопчу глобальнай кириисискэ тиэрдиэ диирргэ төрүөт суох. Бастакытынан, облигацияларга көһөр кыахтара суох. Облигация сыаната ырыынакка акцияттан намыһах. Иккиһинэн, көмүс сыанатын уонна фондовай ырыынактар түһүүлэрэ кириисискэ тиэрдибэттэр.
2010 сылтан АХШ доллар 20% түспэтэҕэ бэлиэтэнэр, утарынан сыаната үрдүү турар. Холобур, АХШ акциятын сыаната 20% түһэр түгэнигэр дойду экономикатыгар охсуута суох. Историяҕа биллэринэн, 2000-2001 сылларга фондовай ырыынакка кириисис тахсыбыта эрээри, экономика таһыма намтаабатаҕа. Ол эрэн, АХШ облигацияларын ыстаапкалара түһүүтэ экономиканы сүрүннээн кэтииргэ төрүөтү үөскэтэр.
Аан дойду экономикатыгар глобальнай кириисис тахсыа уонна толкуйданан быһаарыы ылынарга тоҕосостоох бириэмэ кэллэ диир эрдэ. 1977-1998 сылларга Арассыыйаҕа уонна Кореяҕа тахсыбыт кириисистэр курдук түгэннэр буолаллара күүтүллүбэт. Билигин сайдыылаах экономикалаах дойдулар ордук күүстээхтэр уонна кириисискэ бэлэмнэр.
Солкуобай кууруһун инникитэ
Чахчытынан, ньиэп сыаната түһүүтүттэн солкуобай сыаната намтыыр. Солкуобай кууруһа билигин атыы-эргиэн ырыынагын эйгэтигэр хамсыыра экономика өттүнэн сөптөөх көстүү. Экспердэр этэллэринэн, 2020 сылга солкуобай кууруһа түһүүтэ ньиэп сыаната намтыырыттан сабыдыаллаах. Барыллааһынынан, ньиэп сыаната түһэрэ салҕанан барыаҕа. Ол эрэн, кылгас кэмҥэ ньиэп сыанатын түһүүтэ инникитин бытаарыа диэн билгэлиир уустук соҕус. Быһа холоон, 2020 сылга ньиэп орто сыаната чопчу түһүө, онтон салгыы араас түгэннэртэн тахсара күүтүллэр. Билигин ньиэп биир баррела 50 доллартан аллара түстэ. Маннык түгэннэргэ инфляция тахсар кутталыттан Киин Баан ыстаапканы, ону таһынан РФ Үпкэ министиэристибэтэ солкуобай облигациятын сыаналарын түһэриэн сөп диэн этэр уустук. Санатар буоллахха, 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар баррель сыаната 27 долларга диэри түспүтүн үрдүнэн, бу түгэни Арассыыйа экономиката тулуйбута. Дойду үрдүнэн баррель ортотунан 40-45 доллар таһымнааҕа бары өттүнэн табыгастаах. Аны туран, бүддьүөт быраабылатынан Үп министиэристибэтэ солкуобай кууруһун биир таһымҥа тутаары доллары атыылыан сөп.
Мантан сиэттэрэн, киһи бэйэтин баҕатынан солкуобайынан уурунуу харчытын долларга атастаһыан сөп, ол эрэн долларынан уурунуу табыгастаах диэн этэр эмиэ табыллыбат.
Ити курдук, 72+ таһымнаах доллар үрдээһинэ чопчу биир таһымҥа көһүү буолар диэн этиллибэт. 2014 сылга солкуобай сыанатын таһыма балысханнык намтыы сылдьыбыта, ол кэннэ 2019 сылы киллэрэн туран, икки төгүл ордук бөҕө валюта ахсааныгар киирсэрэ. Ол иһин, солкуобай таһыма долларга тэҥнээтэххэ, кылгас кэмҥэ араас таһымнаах буолара чахчы баар суол, ону тэҥэ 65-тээх кирбиигэ эмиэ төттөрү түһүөн сөп.
Түмүк оннугар
Москва биржатыгар акция атыылааһынын кээмэйэ 257,3 млрд солк. тэҥнэстэ диэн биржа саайтыгар иһитиннэрдилэр. Валюта атыылааһынын кээмэйэ 1,8 триллион солк., деривативтар— 928,3 млрд солк. тэҥнэстэ. Кулун тутар ый бу нэдиэлэтээҕи бүтэһик дааннайынан, «Тинькофф инвестиций», «БКС брокера», «Открытие Брокера», «Финама» уонна ВТБ иһитиннэриилэринэн, ырыынак түһүүтүттэн брокерскай хампаанньаларга ноҕурууска 2-5 төгүл улаатта. Кулун тутар 10 күнүгэр биржа сабыллыытыгар доллар 72 солк., евро 81,1 солк. сыаналаах этилэр. Ордук биллэрдик ньиэп-гаас хампаанньаларын: «Татнефть» (-19,5%), «Лукойл» (-18,6%), «Роснефть» (-16,9%) акциялара чэпчээбитэ билиннэ. Арассыыйатааҕы «АКРА» рейтины оҥорор агентство биллэрбитинэн Арассыыйаҕа үп кириисиһэ саҕаламмыта сабаҕаланар. Кулун тутар 9 күнүн түүнүгэр баррель 31 солк. диэри тэҥнэһэн Brent ньиэп маарката 30% диэри чэпчээбит, оттон кулун тутар 1 күнүгэр ньиэп 37 доллартан үөһэ сыаналаммыт.
Ити түмүгэр политическай кириисис тахсан эрэр быhыылаах диэн этэр тоҕоостоох дуо? Ааҕааччыларбытыттан хаһыат нөҥүө санааҕытын үллэстэргитин, эбэтэр санааҕытын суруйаргытын күүтэбит.
Василий ПРОКОПЬЕВ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0