Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Госдума туризмҥа уонна туристическай инфраструктураны сайыннарыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сангаджи Тарбаев уонна кини бастакы солбуйааччыта Николай Валуев Саха Сиригэр туризмы сайыннарыы боппуруостарынан кэлэ сырыттылар.

Госдума туризмҥа уонна туристическай инфраструктураны сайыннарыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сангаджи Тарбаев уонна кини бастакы солбуйааччыта Николай Валуев Саха Сиригэр туризмы сайыннарыы боппуруостарынан кэлэ сырыттылар.

--Биһиги Саха Сиригэр кэлбит сүрүн сыалбыт – Госдума туризмҥа кэмитиэтин мунньаҕа. Ил Түмэн дьокутааттарын кытта көрүстүбүт. Эрэгийиэҥҥэ туризмы сайыннарарга араас этиилэри иһиттибит. Ол курдук, Саха Сирин уратыларын учуоттаан, экологическай туризмы сайыннарыах тустаахпыт. Оттон саха дьоно саамай сөбүлүүр дьарыктара – балыктааһын уонна бултааһын. Олохтоохтор бу манан угуйан, дьону аҕалыахтарын баҕаралларын билэбин.

 Өрөспүүбүлүкэ киэҥ иэнигэр айылҕа араас көстүүлэрэ бааллар. Хоту өттүгэр үрүҥ эһэлэри көрсүөххэ сөп. Сайыннары ууллубат тарыҥнар. Сүдү күрүлгэннэр. Киһилээх хайатын курдук кыстаммыт таастар, о.д.а. элбэх. Оттон соҕуруу диэки олох атын айылҕалаах. Мииринэйи да аҥаардас көрөн соһуйуо этилэр.

Саха Сирэ Арассыыйа Федерациятын саамай улахан субъега буоларын умнумуохха. Биир Европа кэриҥэ иэннээх. Санаан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдарыгар кыах бөҕө баар.

Бэс Күөлэ

Туризмы сайыннарыыга суол-иис мөлтөҕө маҥнайгы харгыс буолар. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар салгынынан сылдьыыны эмиэ сайыннарыахха наада, тоҕо диэтэххэ, ирбэт тоҥҥо, сайынын куурбат бырыы да бадарааҥҥа суолу оҥорор уустуктардаах. Дойдубут арҕаа өттө маннык тыйыс айылҕата суох. Ол иһин суол кыһалҕата онно, Саха Сиригэр курдук, сытыытык турбат. Дьиҥэр, Арассыыйа 60%-на ирбэт тоҥ иэнигэр хапсар. Онон дьоҕус авиацияны сайыннарар хайаан да наада, -- диэтэ аатырбыт боксербут, норуот дьокутаата Николай Валуев

Киһи көрөн үөрүөх

 Мария Павлова

Николай Валуев былырыын күһүн Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр баһаар буолбутугар кэлэ сылдьыбыта. Кини быһаччы көмөтүнэн федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн үп көрүллэн, баһаартан эмсэҕэлээбит ыалларга саҥа дьиэлэр тутуллубуттара.

Хайдах кыстаабыттарын билсэ, элбэх оҕолоох Павловтар дьиэ кэргэннэригэр ыалдьыттаата.

- Атырдьах ыйыгар манна көстүү ынырык этэ. Сэрии кэнниттэн курдуга... «Молодежка ОНФ» 75 волонтерын илдьэ кэлэн, ыраастааһыҥҥа үлэлэспиппит. Мин онно: “Тутуллубут дьиэлэри кэлэн көрүөҕүм”, -- диэн тылбын биэрбитим. Көрөн үөрдүм. Сабыс-саҥа коттеджтар кэчигирэспиттэр. Тутааччылар, өрөспүүбүлүкэ салалтата, федеральнай былаас, хата, кэмигэр барытын тэрийбиттэрэ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа суһаллык тутарга харчы тыыран, үлэ тардыллыбакка барбыта.

Мария Павлова, саҥа дьиэ хаһаайката:

- Биһиги икки дьиэбит умайбыта. Биир дьиэбит оннугар бу саҥа дьиэни туппуттара, оттон иккис дьиэбитин толуйан, куоракка кыбартыыра биэрбиттэрэ.

Николай Валуев:

--Билигин хас биирдии ыал туспа кырыыһаланна. Холобур, икки ыал буолан дьукаахтыы олорбуттар тус-туспа дьиэлэннилэр. Саҥа дьиэлэр ыаллар урукку дьиэлэрин иэннэригэр тэҥ. Оттон сорохтор харчынан ылан, атын сөбүлээбит сирдэригэр көстүлэр. Ыал үксэ бөһүөлэгэр хаалла. Суол оҥоһулунна, уу, гаас ситимэ тардылынна. Дьиэлэр 3 сыллаах гарантиялаахтар. Онон дьон туох эмэ итэҕэһи ыйдаҕына, ону эбии оҥорон биэриэххэ сөп. Тутааччылар үлэлэригэр улахан боппуруос суох. Олохтоохтор бу дьиэлэргэ этэҥҥэ кыстаатылар.

Дэлэгээссийэ салгыы пиэрмэр Алексей Петровка баран, хаһаайыстыба баһылыга тутуллубут хотонун туох диэбитин ыйыталастылар.

Алексей Петров

- Көрөргүт курдук, металлокаркаснай сэндвич-панеллэртэн тутулунна. Иһирдьэ сылаас, сырдык. Биир ыанньык үлэлиир. Үс уолум ынахтары көрө сылдьаллар, аһаталлар. Быйыл ынахтарбын анал аһылыкка көһөрбүтүм кэннэ, лаппа элбэх үүтү биэрэр буоллулар. Төрүөх үчүгэй, эбиллии баар. Бүгүн өссө биир ынаҕым ньирэйдэннэ. Миэстэ тиийбэт буолан эрэр. Онон хотоммун кэҥэтээри, тыа хаһаайыстыбатын субсидиятыгар сайаапка биэрдим, билигин эппиэтин күүтэбин.

Сынньанар сирдэрэ суох эбит

спортзал 

Госдума дьокутаата нэһилиэк спорт саалатыгар олохтоохтору кытта көрүстэ.

Туох баар тэрээһин бу биир кыракый саалаҕа буолар эбит. Ол иһин атамайдар: “Култуурабыт дьиэтэ суох, тутуллара буоллар”, -- диэн баҕа санааларын эттилэр.

2012 сыллаахха нэһилиэк култууратын дьиэтэ саахалланар туруктааҕынан көтүрүллүбүт. Онтон ыла 10 сылы быһа саҥа кулуубу туттараары туруорса сатыыллар. Дьиҥэр, саҥа дьиэ симиэтэ-бырайыак докумуона бэлэм буолбута ырааппыт эбит. Былаан быһыытынан, ол элбэх хайысхалаах комплекска: спорт саалата, түмэл, кэнсиэрдиир сир – барыта  баар буолуохтаах. Валуев дьону истэн баран: “Бу дьыала хамсыырыгар көмөлөһүөм”, -- диэн бигэ тылынан эрэннэрдэ.

Бэрдьигэстээххэ

 школа

Улуус киинигэр Николай Валуев Бэрдьигэстээх С.П. Данилов аатынан орто оскуолатыгар сырытта.

 Оскуола дириэктэрэ Маргарита Константинова этэринэн, мас оскуола олус эргэрбит, хаарбах туруктаах. Таас оскуоланы тутарга сыбаайалары номнуо түһэрбиттэр. Саҥа үөрэх тэрилтэтэ сад-оскуола буолуоҕа. Онон оҕолору кыра саастарыттан үөрэтэр соруктаах аныгы уһуйаан буолуохтаах.

тир 2

тир 3 1 1

Ол кэннэ дэлэгээссийэ былырыын Манчаары оонньууларынан тутуллубут “Бэргэн” ытар комплекска бардылар. Манна Николай Валуев бинтиэпкэнэн уонна ох саанан ытан көрдө.

 Быйыл муус устарга бу комплекс өрөгөйдөөх аһыллыыта буолбут. 3600 кв. миэтэрэ иэннээх, икки этээстээх эбийиэк буулдьанан, пневматическай уонна оҕунан ытыыга анаан саамай аныгы оборудованиелаах, үөрэнэргэ-эрчиллэргэ киэҥ-куоҥ саалалардаах.

Сээркээн Сэһэн дойдутугар

Киэһэтин Валуев модельер Августина Филиппова “Сээркээн Сэһэн дойдута” диэн этнография уонна култуура комплексыгар сылдьан, сахалыы сиэри-туому толоруутугар кыттыста, салама баайда, ыраастанна, арчыланна.

Сээркээн Сэһэн

Сээркээн

Өйдүүргүт буолуо, Августина Филиппова 2002 сыллаахха Чысхаан эбэҥкилии уонна сахалыы оһуорунан киэргэтиллибит, ону сэргэ, Дьыл оҕуһун курдук, сүдү муостаах бэргэһэлээх аныгылыы көстүүмүн айбытын. Николай Сергеевич ону олус сэргээтэ, бэйэбит Тымныы Оҕонньордоохпутун хайҕаата: “Туристары сэҥээрдэр персонаж эбит”, -- диэтэ.

Этно-культурнай комплекс ыалдьыттара олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын амсайан көрдүлэр. Сорох оҥоһуктары оскуола оҕолоро оҥорбуттар, дьоҕус биисинэс курдук тэринэн, нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар эбит. Оскуоланы бүтэрэллэригэр сорохтор бу урбааннарын төрөппүттэригэр хаалларан, дьиэ кэргэн биисинэһигэр кубулуталларын сэһэргээн сөхтөрдүлэр.

Салгыы Августина Филиппова таҥаһын билиһиннэрдилэр. Ааҕааччы эмиэ биллин диэн, ол кэллиэксийэни кэпсээбиттэрин билиһиннэрэбин.

Чолбон куо

Чолбон Куо – умуллубат таптал, эрэл, күүтүмньү бэлиэтэ. Бу уобарас – бүтүннүү Августина Николаевна фантазията. Бу мифологическай персонаж сахалыы остуоруйаҕа сыһыана суох. Маастар айбыт көстүүмэ кэргэн тахсыбыт саха дьахтарын көстүүмүн үтүктэр. Сиэҕэ баайыылааҕа – көҥүл, босхо олох тохтуурун бэлиэтиир.

Чысхаан 1

Чысхаан – оһуора Хоту Муустаах байҕал долгунун бэлиэтиир. Саха Сирин тымныытын харыстааччыта. Бытыга сылгы сиэлиттэн оҥоһуллубут. Персонаж аныгы туристическай брэнд буолар. Чысхаан олорор сирэ – тымныы оройо --  Өймөкөөн.

Сүктэр кыыс 1       

Сүктэр Кыыс аныгылыы национальнай таҥаһа. Үрүҥ өҥ үрдүк Айыы өҥө буолар. Дьол-соргу, омсото суох буолуу туоһута.

Матка хотун        

Матка Хотун – төрөөбүт сири ытыктааһын бэлиэтэ. Бу саҥа уобарас Матка өрүскэ уонна бүттүүн Горнай улууһугар анаммыт. Көстүүм 2021 сылга  Манчаары оонньууларыгар сүрэхтэммитэ.

царевна 1

Августина Николаевна Александр Сергеевич Пушкин остуоруйаларыгар улааппыта. “Салтаан Саар туһунан остуоруйаны” ордук сөбүлүүрэ. Бу остуоруйаҕа кини олох философиятын булбута. “Салтаан Саар туһунан остуоруйаҕа” олоҕуран Сарыабына көстүүмүн оҥорбута.

Ол кэннэ “Төгүрүк остуол” буолла. Онно туризмы сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр.

Туруорсуулар

Елена Кесерова 1        

Тэрилтэтин үлэтин туһунан «Синяя-тур» ХЭТ салайааччыта Елена Кесерова кэпсээтэ:

--Горнайга Сиинэ диэн үрэх баар. Айылҕата олус кэрэ. Онон туризм биһиэхэ, кыралаан да буоллар, син сайдан эрэр.

Тэрилтэбит сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы кэмҥэ өрүс устун ыстандаартынай уонна балыктыыр турдары ыытар. Хас биирдии тур тустаах бөлөхтөргө сөп түбэһиннэриллэр. Ону таһынан трансферга уонна массыынаны арендалыырга көмөлөһөбүт.

Туристическай сырыыны элбэтии, суол кыһалҕаларын быһаарыы, анал тиэхиньикэни ылыыга эбии үбүлээһин туризм салгыы сайдарыгар сүрүн төрүөт буолуохтара этэ.

20 сыл уопуттаах туроператор көтөхпүт өссө биир дьоһун суолталаах боппуруоһа – турдары уонна туризм эбийиэктэрин ыксаллаах быһыыттан-майгыттан страховкалааһын.

-- Холобур, былырыын көстүүнэй дьиэлэрбит ойуур баһаарыттан уокка былдьана сыспыттара. Халаан уута кэллэҕинэ, тыынан турдарбыт тохтууллар. Эрдэ былааннаммыт айаннар-сырыылар көтүрүллэн, килийиэннэргэ харчыларын төннөрөбүт. Маннык түгэҥҥэ туроператор улаханнык ночоотурар. Ол иһин туризм эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэри ыксаллаах быһыы-майгы буолар түгэнигэр өйүүр страховка көрүллүөхтээх диэн этии киллэрэбин.

Сардана Андреева 1        

Сардана Андреева, урбаанньыт:

         - Мин кэргэммин кытта 1996 сылтан урбаанынан дьарыктанабыт. Сүрүн дьарыкпыт – атыы-эргиэн. Кэлин атын да хайысхаларга үлэлиир буолбуппут. Федеральнай куонкурус усулуобуйатынан, сүрүн дьарык туризм буолуохтаах. Ол гынан баран, эрэгийиэммит усулуобуйатын учуоттаатахха, урбаанньыттар сүрүн дьарыктара атыы-эргиэн, аһылык өҥөтө, оҥорон таһаарыы буолар. Куонкурус усулуобуйатын, биһиги кыттарбыт курдук, уларытыахха сөп дуо?

Ити ыйытыыларга Николай Валуев: “Сибилигин эппиэттиир кыаҕым суох. Эһиги этиигитин барытын суруна олоробун. Москубаҕа тиийэн баран, манна этиллибит көрдөһүүлэри көрүөхпүт, дьүүллэһиэхпит”, -- диэн хоруйдаата.

Александр Сергеев 1        

«Матта» дьиэ кэргэн сынньалаҥ базатын бэрэстэбиитэлэ Александр Сергеев маннык базалары тэрийии уонна сайыннарыы, туристар олохторугар уонна доруобуйларыгар куттал суоһаабатын хааччыйыы, Уһук Илиннээҕи гектары баһылыырга дьаһаллары аныыр туһунан боппуруостары көтөхтө.

         Ону сэргэ дьоҕус уонна орто урбаан эбийиэктэрин тутууга электрическэй ситимнэри эбэтэр күн электростанцияларын холбуурга өйөбүл миэрэлэрин олохтуур туһунан санаатын эттэ.

Миниистир быһаарда

Урбаанньыт Надежда Горнай оройуонун сайыннарыыга муниципальнай бүддьүөттэн субсидияны ылбыт. Бүгүн ис туризм үс эбийиэгэр үлэ ыытылларын кэпсээтэ.

IMG 9821 1

--Тутуу олус бытааннык барар, үлэ дизельнэй генератор көмөтүнэн ыытыллар, ол кыамтата тиийбэт. Саамай чугас трансформатор мантан 2 км тэйиччи сытар. “Якутскэнерго” суоттаабытынан, трансформаторы туруорууга уонна тутууга 6 мөл. 850 тыһ. солк. наада. РФ туризмы сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагырааматыгар, туризм кластердарын кэлимник сайыннарыы чэрчитинэн, инженернэй инфраструктураны тэрийиигэ субсидия баар, ол эрээри кини РФ Бырабыыталыстыбатын уонна Бэрэсидьиэнин сорудахтарынан олоххо киллэриллэр улахан бырайыактарга эрэ туһаныллар.

IMG 9778 1        

Бу боппуруоска СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистири бастакы солбуйааччы Максим Карбушев быһаарыы биэрдэ:

-- Эрэгийиэн мэхэньиисимнэрин ортолоругар урбаанньыттар туристическай дьиэлэрин инфраструктураларын, базаларын тупсарыыга грантовай өйөбүл баар. Хайысхаламмыт федеральнай национальнай бырайыак чэрчитинэн эрэгийиэҥҥэ эйгэни сайыннарыыга 200 мөл. солк. суумаҕа сайаапка оҥоһулунна, ол түмүгэр дьоҕус уонна орто урбаан граннарыгар куонкурустар тэриллиэхтэрэ. Быйыл эрэгийиэн туристическай эбийиэктэргэ инженернэй инфраструктураны саҥа тутууга (гаастааһын, электрическэй уотунан, уунан хааччыйыы, суолу тутуу) анаан үбү-харчыны аныыр куонкуруска сайаапка биэрдэ. Салгыы үлэ урбаанньыттар көхтөрүттэн тутулуктаах.

Марианна Морок 2 1        

Марианна Морок, уопсастыбанньык:

         - Мин дьиэ кэргэмминэн агротуризмынан дьарыктанаары гынабын. Бэйэм Горнай улууһугар олоробун. Бу биисинэһи Хаҥалас улууһугар тэрийэргэ былаанныыбын. Уһун Илин гектарын бырагырааматынан учаастак ылбыппыт. Онно иккис сылбытын хортуоппуй олордобут, сылгы иитэбит. Салгыы бу дьыалабытын кэҥэтээри, туризм эйгэтин киллэрээри, Хаҥалас улууһугар көһөөрү сылдьабын. Ол эрээри Хаҥалас улууһугар суол куһаҕана туризмы сайыннарыыга харгыстары үөскэтэр.

         Максим Карбушев:

         - Тутуу министиэристибэтэ Хаҥалас улууһугар суолу оҥорор “ТРК Лена” бырайыагы бэлэмнээбитэ. Онон агротуризмы тэрийэргэ бу улахан көмө буолуохтаах.

         төгүрүк остуол

Салгыы Николай Валуев этиитэ биһигини, парламент хаһыатын суруналыыстарын, сөхтөрдө. Элбэхтэ суруйан турабыт, былырыын 2021 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр Госдума агротуризм туһунан сокуону ылыммытын, от ыйыгар Бэрэсидьиэн Путин онно илии баттаабытын. Онтон бу 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр ол сокуон күүһүгэр киирбитинэн улахан ыстатыйаны таһаарбыппыт. Ол сокуону Николай Сергеевич, сылдьар сырыыта киэҥ буолан дуу, умнубут быһыылаах. Ол иһин бу курдук хоруйдаата:

         - Агротуризм диэн хайысха сокуонунан бигэргэммэтэх буолан, судаарыстыбаттан туох да көмө миэрэ көрүллүбэт. Пиэрмэрдэр бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн дьону аҕалаллар, сырытыннараллар. Дьиҥэр, туризм көрүҥэ олус элбэх. Олор бары сокуоҥҥа киирбэккэ сылдьаллар. Ол курдук, гастротуризм диэн баар. Араас сири кэрийэ сылдьан, аһылыктарын амсайар буоллахха.

Урбаанньыттар билигин ону бэйэлэрин кыахтарынан тэрийэллэр. Ростуризм маннык хайысхалар сокуоҥҥа киирэллэрин утарар. Ону өйдүөххэ сөп – сокуону уустугурдуохтарын баҕарбаттар. Оттон агротуризм билигин сайдан, тэнийэн ахан эрэр. Онон бу хайысхаҕа судаарыстыба инникитин көмө бырагыраамалары оҥоруо диэн эрэнэбин.

Сахамин Афанасьев 1

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев, тыын суолталаах проблемаларга кэккэ быһаарыылары киллэрдэ. Холобур, кини санаатынан, суол боппуруоһун «Сиинэ» айылҕа пааркатын кытта үлэлэһэн быһаарыахха сөп. Ону таһынан, ураты харыстанар сирдэргэ үлэлиир туроператордары кытта уһун болдьохтоох дуогабар түһэрсэргэ этии киллэрдэ.

--“Сиинэ” айылҕа пааркатын дирекциятыгар маннык урбаанньыттары кытта 10, 15, 20 сылга дуогабар түһэрсэргэ сүбэлэһиэхпит. Туризмнынан дьарыктанар дьон-сэргэ көмүскэллээх, тирэхтээх буоларыгар, итиэннэ экэнэмиичэскэй өттүнэн, үлэтин-хамнаһын былаанныырыгар, - диэн эттэ.

         “Төгүрүк остуол” түмүгүнэн этиилэри Госдума туризмҥа уонна туризм инфраструктуратын сайыннарыыга сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын дьүүлүгэр киллэриэххэ диэн быһаарыы ылылынна.

Никита Андреев 1        

Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев Николай Сергеевичкэ сырыытын иһин махтанна уонна кэмитиэт чилиэннэрин оройуоҥҥа турист быһыытынан ыҥырда: «Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн ис туризмы сайыннарыыга, сервиһи үрдэтиигэ бары кыһамньыбытын ууруохпут уонна саҥа мэхэньиисимнэри, урбаанньыттары өйүүр ньымалары үлэлэтиэхпит. Судаарыстыбаннай Дуумаҕа ис туризмҥа профильнай кэмитиэт үөскээбитэ олус үөрдэр. Билигин дойду туризмҥа урбаанньыттара сокуонунан өйөбүллээх буолаллара олус наадалаах, кинилэр салааны салгыы сайыннарыыга тирэх буолуохтара», - диэн түмүктээтэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24