Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Сэттэ мөлүйүөн га сир умайда. Хаарыан күөх дуолбут, халыҥ тайҕабыт куруҥҥа кубулуйда, күл-көмөр буолла... Барытын биирдэ салаан ылар уот кыһыл тылын куолулаан да, үөҕэн-мөҕөн даҕаны тохтоппоккун. Арай бары сомоҕолоһон туруннахпытына эрэ кыайар кыахтаахпыт.

Сэттэ мөлүйүөн га сир умайда. Хаарыан күөх дуолбут, халыҥ тайҕабыт куруҥҥа кубулуйда, күл-көмөр буолла... Барытын биирдэ салаан ылар уот кыһыл тылын куолулаан да, үөҕэн-мөҕөн даҕаны тохтоппоккун. Арай бары сомоҕолоһон туруннахпытына эрэ кыайар кыахтаахпыт.

Чахчы, оннук да буолла – оппутун-маспытын, тыабытын-ойуурбутун көмүскүүр күргүөмнээх күннэргэ хас эмэ тыһыынчанан киһи түмсэн үлэлээтэ, түүннэри-күнүстэри турууласта. Олор истэригэр бааллар: дьахталлар, эдэр ыччат, баҕа өттүнэн барбыт доброволецтар, соҕурууттан кэлбит волонтердар, быыһааччылар, баһаарынньыктар, байыаннайдар, оборона байыастара, тыа сирин отчут-масчыт олохтоох дьоно...

Норуот дьокутааттара да онтон туора турбатылар — ким баһаарга бэйэтигэр баран, ким үп-харчы, ас-таҥас хомуйан, ким дьону түмэ тардан,  салалтаны хамсатан, ким суһал ыстаапка түбүгүрэн, көдьүүстээх үлэни ыыттылар.

Нам улууһун Фрунзетыгар, Көбөкөнүгэр ааттаах улахан баһаардар тэнийэннэр, нэһилиэнньэлээх пууннарга киирэр кутталын үөскэтэ сылдьыбыттара. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцовы кытары, вездеходунан кэрийэн, уота умуруорууга үлэлии сылдьар дьону кытта көрсүбүтэ. Онуоха баһаары бохсооччулар тырааныспартарыгар уонна утары уот ыыталларыгар уматык тиийбэтин эппиттэрэ. Алексей Ильич бу боппуруоһу төннөн кэлээт быһаарбыта. Эбиитин бэйэтиттэн 100 000 солк. суумалаах көмөнү оҥорбута.

Алексей Еремеев

Вице-спикер Антонина Григорьева салалтатынан Ил Түмэн дьокутааттара уонна аппараатын үлэһиттэрэ бастакы кэмҥэ туттуллар малы-аһы (кэнсиэрбэ, мокоруон, куруппа, мааска, респиратор, уу) атыылаһан, Доброволецтар өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай ыстааптарыгар илдьэн туттарбыттара. Антонина Афанасьевна таарыйа волонтердары көрсөн кэпсэппитэ, туох наадатын, дьон төһө өйүүрүн, үлэ хайдах барарын ыйыталаспыта. Кэлин Бэс Күөлүгэр тахсыбыт алдьархайга парламентарийдар харчынан көмөлөстүлэр. Аны туран, Ыччат парламенын чилиэннэринэн Таастаах дьаһалтатыгар 1 туонна уматыгы куттар каартаны, буруоттан харыстанар сириэстибэлэри, бензопиланы ыыттылар.

1 35

Бэс Күөлэ умайбыт сураҕын истээт, Феодосия Габышева быыбардааччыларыгар көмөлөһө охсорго тиэтэйбитэ. Кини  көҕүлээһининэн утуйар таҥас (матрастар, сыттыктар, суорҕаннар), бородуукта, иһэр уу хомулла охсон, эмсэҕэлээбит нэһилиэк дьонугар тута тиэрдиллибитэ. Билигин Феодосия Васильевна Бэс Күөлүттэн туттарсар абитуриеннары үөрэххэ киллэрэргэ сүүрэр-көтөр, итиэннэ үөрэнээччилэри оскуола таҥаһынан хааччыйыыга үлэлэһэр. 

Чурапчы Мэлдьэхситигэр улахан уот тураатын кытта, Михаил Гуляев онно барбыта. Хаһыс да күнүн улуус суһал ыстаабыгар үлэлии сылдьар. Ол курдук, тиийээт да, Доброволецтар өрөспүүбүлүкэтээҕи уоспсастыбаннай ыстааптарын сүрүннээччи Афанасий Алексеевка уонна Анжелика Андрееваҕа быһа сибээскэ тахсан, гуманитарнай көмө аҕалтарбыта: мотопомпалары, эрбиилэри, респиратордары, баһаарынньыктар ранецтарын, о.д.а. “Биир дойдулаахпытын, Ил Түмэн III уонна V ыҥыырыыларын дьокутаата Иван Макаровы бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини 10 бензопиланы, 3 туонна уматыгы, бородуукта биэрэн абыраата”, -- диэн махтанар Михаил Дмитриевич. Бэйэтэ бензопила, сыап, 30 тыһыынча солк. суумаҕа бородуукта атыылаһан биэрбит. Иллэрээ күн РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирин солбуйааччы А.П. Чуприяны арыаллаан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы баһаардарын көрдөрдө, баар кыһалҕалары кэпсээтэ, элбэх көмөнү туруоруста.

гулев мчс

Иван Данилов доброволецтары эрбиинэн, мотопомпанан, ыстарардаах сүгэһэрдэринэн, лаппаакынан, сүгэнэн, биэдэрэнэн, бэрчээккинэн, респираторынан хааччыйда.

Андрей Находкин Мэҥэ Хаҥалас Баатаратыгар күөдьүйбүт баһаары умуруоруста. Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас ыпсыытыгар 1500-тан тахса гектардаах киэҥ сиргэ уот тарҕаммыта. Ол халыҥ систэри быһан, улахан тиэхиньикэлэринэн хайытан, түүннэри-күнүстэри дьуһуурустубалаан, баһаары кэтээн, утары уоту ыытан тохтоттубут”, --  диэн кэпсиир.

андрей находкин в пожаре 1 1

Оксана Михайлова Өлүөхүмэ улууһугар турбут ойуур баһаардарын умуруоруу үлэтин туһунан онлайн-мунньах ыыппыта. «Өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар турбут ойуур баһаардара былаас бары таһымын бэрэстэбиитэллэрэ уонна олохтоох салайыныы уорганнара хаар түһүөр диэри бэлэмнээх буоларбытын ирдиир. Өлүөхүмэҕэ “Ми-8” бөртөлүөт үлэлээн, “Ан-26” зондировщик-сөмөлүөт ардах түһэрэн, уот нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабакка умулунна», -- диэн балаһыанньаны сырдатта.

Кэбээйи Сииттэтигэр, Сангаарыгар, Кальвицатыгар уот киирээри хаайбыта. Ыксаллаах кэмнэргэ Михаил Эверстов төрөөбүт улууһун салалтатын кытта мэлдьи сибээскэ сылдьыбыта, хаста да баран кэлбитэ.   Айылҕаны кэтээн көрөн үөрэтэр научнай киин үлэһиттэрэ бэлиэтээбиттэринэн, балтараа сүүс үйэҕэ буолбатах кураан үһү. Бу эргин улуустарга от ыйыгар баара-суоҕа 1,5 см. халыҥнаах сөҥүү түспүтэ. Инньэ гынан, сир буорах курдук бытарыйан түһэр, от-мас, сир-дойду оннук кууран-хатан турар. Сангаар баһаара Нефтебаза оройуонугар чугаһаан, улаханнык уолута сырытта. Күүстээх үлэ түмүгэр уҕарыттылар. Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы Д.Д.Садовников балаһыанньаны иһиттэн билэн-көрөн, тиһиктээх үлэни ыыта, ыраахтан дьаһайа-салайа олороллор. Олохтоохтор эмиэ биир киһи курдук турунан, төрөөбүт дойдуларын быыһыыр туһугар күнү-түүнү аахсыбакка үлэлээтилэр”.

  Виктор Лебедев «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ буолан, Хандыгатааҕы нефтебаза үлэһиттэригэр этэн, олор баһаарга сүүрэ сылдьар тиэхиньикэлэри босхо сапараапкалаатылар. Тэрилтэтиттэн икки биригээдэни тэрийэн, Күбэмэ АЗС колонкаларыгар чугаһаабыт уоту туттулар. Виктор Николаевич дьокутаатынан талыллыбыт уокуругун дьонугар – таатталарга -- 3 туонна уматыгы, 15 ранец сүгэһэри, ону таһынан горнайдарга 4 туонна кэриҥэ бэнсиини, итиэннэ бородуукта бөҕөтүн биэрдэ. Сангаар нефтебазатыгар уот суоһаабытыгар, тута 16 киһилээх бөлөҕү ыытан, баһаары умуруорууга сүрүн күүс буолбуттара.

Чурапчы баһаарын умуллара сылдьан, базалара умайан хаалан, туох баар малларын барытын уокка былдьаппыт Горнай Алтай быыһааччыларын  Виктор Федоров экипировкалаата: таҥас-сап, утуйар мөһөөччүк, утуйар матрас. Ону сэргэ дьокутаат горнайдарга 15 рацияны, Мария Христофорова бензопила, Юрий Кондратьев өлүөхүмэлэргэ 10 устуука «Ермак» ранеһы, Марина Силкина бородуукта атыылаһан ыыппыттара. Андрей Николаев Сунтаартан төрүттээхтэртэн ас-таҥас, баһаарга туттуллар мал-сал хомуйан, Түбэйгэ уонна Түбэй-Дьаархаҥҥа тиэрдибитэ.  

 “Өлүөнэ остуолбалара” национальнай пааркабыт сирэ-уота умайбытын бары билэбит. Бу паарка дириэктэрэ -- Ил Түмэн дьокутаата Аркадий Семенов. Кини балаһыанньаны бу курдук билиһиннэрдэ: “Сайын устата барыта 11 ойуур баһаара ураты харыстанар территориябытыгар күүдэпчилэннэ. Олору умуллардыбыт эрээри, билигин да кэтии-маныы сылдьабыт. Көрдүгэннии сытан, тыалга хаттаан күөдьүйүөхтэрин сөп. Нацпаарка үлэһиттэрэ, идэлээх анал быыһааччылар, доброволецтар буолан, барыта 130 киһи баһаардарга үлэлээтэ.Уопсйа 30 тыһ. га. сирбит умайда. Төһө да уот турбутун үрдүнэн, паарка үлэтин тохтоппотубут, дьон-сэргэ билигин даҕаны күн аайы кэлэ турар. Туристар сылдьар миэстэлэригэр уот суоһаабат, 20-30 км тэйиччи сиргэ баар”.         .

Павел Ксенофонтов «Сахатранснефтегаз» тэрилтэттэн оптуобус уонна «Урал» массыынаны ылан, соҕурууттан кэлбит байыаннайдары уонна доброволецтары Бэс Күөлүгэр илтэрбитэ.

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев Горнайтан төрүттээх уонна ити уокуруктан быыбардаммыт буолан, Бэс Күөлэ уокка былдьанаатын кытта, онно тиийэн, уолуйбут олохтоохтору көрсөн уоскуппута. Дьаһалтары кытта көрсөн, кэккэ боппуруостарын быһаарсыбыта: дьиэлэри туох матырыйаалтан туталларын, эвакуацияламмыт дьону ханна олохтууру, Амбаардаах учаастагар умайбыт докумуона суох дьиэлэри уопсай хоромньу суотугар аахтарыы ымпыгын-чымпыгын.

Наталья Румянцева бэйэтин «Колми» тэрилтэтиттэн “Газель” массыынаны Доброволецтар уопсастыбаннай ыстааптарыгар уларыста. Онон  волонтердар Намҥа көмөлөһө тахсыбыттара. Бу “Газель” улуус дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспатыгар олус туһалаата, дьону эвакуациялыырга тиэйэн-таһан абыраата. Итини таһынан Наталья Леонидовна Нам улуустааҕы, Таастаах уонна Көбөкөн нэһилиэктэрин дьаһалталарыгар 50-нуу тыһ. солк. харчыны ыытта.

румян1

Ону сэргэ бензопила уонна сыап, оттон Любовь Явловская 2500 устуука харыстыыр мааска ылан биэрдилэр. Любовь Леонидовна уот турбут улуустарыгар офтальмолог быраастар мобильнай биригээдэлэрин тэрийэн илдьэр соруктаах.

“Ойуур баһаардара сэрии фронун тэҥэ. Чахчы, сэрии. Уоттуун сэрии. Хараххар буруо, тыынаргар ыарахан, дууһаҕар ыарыы... Ол эрээри тоҕо маннык буолбут төрүөтүн быһаара сатаабакка, тугу да эргитэ толкуйдаабакка, иннин хоту бараҕын эрэ. Баһаары умуллара охсор баҕалаах... Бу иэдээн барыбытын сомоҕолоото. Доброволецтар, көмөлөһө кэлбит байыастар, олохтоох нэһилиэнньэ --  бары биир дьыала туһугар табаарыстыы буоллулар. Ааппытын да билсибэккэ, ким туох сололооҕор-дуоһунастааҕар да наадыйбакка, бары лаппаакы, эрбии тутаммыт, бу суоһуур кутталы суох оҥорорго турунан үлэлээтибит”, -- диэн кэпсиир Ил Түмэн хомуньуустарын фракциятын чилиэнэ Вячеслав Макаров “итии туочукаттан” быһа сибээскэ тахсан.

092e8b24 d994 40cc b110 2995bfb45282

Геннадий Васильев, дьону мунньан, бэйэтин УАЗ массыынатынан, МТЗ тыраахтарынан Бээрийэ баһаарын умуруорууга сырытта. Кытыастар кыһыл “кыылы” кытта кыргыһыыга өссө байыаннай киһи Валерий Лютай (Намҥа), Александр Гоголев (Бүлүү Тыымпытыгар) кииристилэр.

Юрий Николаев ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар кыттыбыта, Мииринэйгэ баһаары утары үлэни сүрүннээбитэ. Семен Березин Горнай Өртүгэр, Петр Юмшанов Нам үс дэриэбинэтигэр доброволецтар этэрээттэрин тэрийиигэ көмөлөстүлэр.

Ити курдук, дьокутааттар бука бары кыһарыйбыт кыһалҕаны, ааҥнаабыт алдьархайы киэр илгэргэ, туоратарга туруулаһа, түбүгүрэ, кыһалла, сыралаһа сылдьаллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31