Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр кыратык, арҕаа, соҕуруу сорох сиринэн биллэрдик хаардыыр.

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр кыратык, арҕаа, соҕуруу сорох сиринэн биллэрдик хаардыыр.


Сөбүгэр соҕус тыаллаах, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м, тибиилээх, Усуйаанаҕа арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-18 м, Аартыка кытылынан сөкүүндэҕэ 17-22 м түргэннээхтик тыалырыа, силлиэриэ.
Салгын температурата күнүһүн -28-33°С, намтал сиргэ -35-40°С, арҕаа -20-25°, соҕуруулуу-арҕаа -13-18°С, сорох сиринэн -8-13°С. буолар.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, сарсыарда туманнаах, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1-3 м түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата күнүһүн  -31-33°С буолар.

Хаартыска Гигачат оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0