Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Бу тыллары Бэс Күөлүн олохтоохторо Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жиркову кытта 2021 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр буолбут көрсүһүү түмүгэр  эттилэр. Бэс Күөлүн түөлбэтиттэн үлэ бэтэрээннэрэ, инбэлииттэр, аҕам саастаах дьон Дьокуускай куоракка кэлэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ көрдөрүнэ, эмтэнэ сылдьаллар.

Бу тыллары Бэс Күөлүн олохтоохторо Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жиркову кытта 2021 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр буолбут көрсүһүү түмүгэр  эттилэр. Бэс Күөлүн түөлбэтиттэн үлэ бэтэрээннэрэ, инбэлииттэр, аҕам саастаах дьон Дьокуускай куоракка кэлэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ көрдөрүнэ, эмтэнэ сылдьаллар.

Александр Жирков Бэс Күөлүн олохтоохторун кытта көрсүһүөн иннинэ баһаартан эмсэҕэлээбит түөлбэни чөлүгэр түһэрии үлэтин салайар өрөспүүбүлүкэтээҕи штаб салайааччытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Бердниковы, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоровы уонна Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы кытта сүбэ мунньах тэрийэн, тутуу үлэтиттэн саҕалаан, кыстыгы тэрийии, уокка былдьаммыт сүөһү-ас толуйуутун, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө оҥоруутун сиһилии дьүүллэстэ. Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар уонна Горнай улууһун салалтатыгар уокка былдьаммыт түөлбэ дьиэтин-уотун уталыппакка чөлүгэр түһэрэргэ, тиэргэн иһинээҕи атын тутуулары оҥостоллоругар көмөлөһөргө, олохтоохторго үбүнэн-харчынан, онтон да атын өйөбүллэри толору оҥорорго сорудахтаабытын туһунан эттэ .

Ил Дархан кыһардаҥҥа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөр туһунан этиитин өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ ылынна. Дьокуускай куоракка, улуустарга иэдэээҥҥэ түбэспит биир дойдулаахтарыгар көмөлөһүөн баҕалаах сүүһүнэн дьон түмсэн, үгүс малы, таҥаһы-сабы, туттар тэриллэри, үбү-харчыны хомуйаллар. Бэс Күөлүн олохтоохторугар судаарыстыба суотугар бары медицинскэй, социальнай, психологическай көмө оҥоһуллар. Аҕам саастаах дьон Саха сиригэр уонна өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар эмп-томп тэрилтэлэригэр, санаторийдарга ылыллаллар, оскуола саастаах оҕолор өрөспүүбүлүкэ уонна Россия бастыҥ лааҕырдарыгар сынньалаҥҥа ыытылыннылар.

Бэс Күөлүн чөлүгэр түһэриигэ Ил Дархан сүрүн соругунан саҥа дьиэлэри, социальнай уонна хаһаайыстыбаннай эбийиэктэри тутууну, айылҕа быһылааныттан үөскээбит хоромньуну толору толуйууну ааттаабыта. Айсен Сергеевич дьаһалынан өрөспүүбүлүкэҕэ Бэс Күөлүн инфраструктуратын чөлүгэр түһэриигэ Дмитрий Бердников салайааччылаах штаб тэрилиннэ. Штаб хас биирдии олохтооҕу кытары анаан сөбүлэһиллибит бырайыагынан олорор дьиэлэри тутан, кыстык иннинэ бүтэттэрэргэ  сорудах ылла. Бу күннэргэ тутууга бэлэмнэнии үлэтэ түмүктэнэн эрэр, ону кытта даҕаспытынан олорор дьиэлэри тутуу саҕаланна.

Маны таһынан Айсен Николаев Бэс Күөлүгэр 150 миэстэлээх саҥа оскуоланы, култуура уонна спорт саҥа киинин тутуу туһунан Дойду Президенэ В.В. Путин иннигэр туруорда. В.В. Путин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын туруорсуутун өйөөн, Горнай улууһун Бэс Күөлэ сэлиэнньэтигэр култуура уонна спорт дьиэтин, ону таһынан 150 миэстэлээх оскуола дьиэтин тутууларын суһаллык үбүлүүллэригэр атырдьах ыйын 14 күнүгэр Россия Правительствотыгар сорудах биэрдэ.

Бэс Күөлүн олохтоохторун кытта көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников бэлиэтээбитинэн, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бастакы көмө үп-харчы тириэрдилиннэ, бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр диэри харчынан көмө эбии оҥоһуллуоҕа. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ миниистирин солбуйааччы Бэс Күөлүн олохтоохторо Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар эмп-томп тэрилтэлэригэр судаарыстыба суотугар көрдөрүнэллэрин, эмтэнэллэрин курдук дьаһал ылылынна диэн эттэ.

Горнай улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Сардана Стручкова улуус салалтата баһаарга эмсэҕэлээбит биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр соруктаах ылыныллыбыт дьаһаллар тустарынан сиһилии кэпсээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламенын бастакы вице-спикэрэ Александр Жирков Бэс Күөлүн олохтоохторугар туһаайан: «Айылҕа иэдээнэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин долгутта, атаҕар туруорда. Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ эһиги кыһалҕаҕытын дьиҥ чугастык ылынна, айманна. Үгүстэр бэйэлэрин тус кыһалҕаларын умнан туран көмөлөһө сатыыллар. Саха дьоно сомоҕолоһон, эһиги эрэйгитин чэпчэтэргэ дьулуһар. Уоттан эмсэҕэлээбиттэргэ судаарыстыба көмөтө тэрилиннэ.Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэ уонна улуус салалтатыгар уот быһылааныгар тахсыбыт хоромньуну олоччутун чопчу ааҕан, толуйарга сорук туруорда. Ол сорук туолуоҕа» – диэн эттэ.

Көрсүүгэ кыттыыыны ылбыт үлэ бэтэрээнэ, 1995-1998 сыллардаахха «Дьүккүөнэ» КП дириэктэрэ Кирилл Кириллович Иванов, үлэ бэтэрээнэ, 1998-2004 сыллардаахха «Ньургуһун» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Анна Егоровна Павлова уонна да атыттар уоттан эмсэҕэлээбиттэргэ  өрөспүүбүлүкэ, дьон-норуот аатыттан  оҥоһуллар күүс-көмө күннэтэ үксүү,эбиллэ турарын бэлиэтээтилэр.

Сотр

Үлэ бэтэрээнэ А.Е. Павлова Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар, Бырабыытылыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ, саха сирин бары олохтоохторугар, биир дойдулаахтарыгар туһаайан маннык эттэ: «Биһиги өтөр буолбатах, ким да үөйбэтэх-ахтыбатах иэдээнигэр сөһуччу түбэстибит. Хаарыан дьиэбит-уоппут, уонунан сылларга мунньуммут баайбыт, сүөһүбүт-аспыт чыпчылыйыах түгэнэ күдэҥҥэ көппүтүн көрөн эрэ хааллыбыт. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Уокка урусхалламмыт Бэс Күөлбүт барахсаны харааста, уйадыйа эрэ көрөбүт.

Ол эрээри Өрөспүүбүлүкэбит көмөтө, хаһан да билбэтэх – истибэтэх дьоммут-сэргэбит кыһамньыта биһиэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолла. Онно-манна биһиги иэдээммит туһунан арааһы суруйаллар. Ол эрээри биһиги, олохтоохтор биири чопчу этэбит: «Бу ыар күннэргэ биһиги соҕотох буолбатахпыт». Өрөспүүбүлүкэ бары өттүттэн үгүс билэр-билбэт дьоммутуттан күүс-көмө оҥоһуллар. Ил Дархаммыт Айсен Николаев Россия салалтатыгар Бэс Күөлүгэр саҥа оскуола, култуура уонна спорт киинин туттарар туһунан туруорсан, Президент В В. Путин өйөбүлүн ылан, анал дьаһал таһаартарбытын биһиги бэйэбит көрдүбүт-иһиттибит. Бу биһиэхэ олус үөрүүлээх сонун буолла. Ол аата төрөөбүт түөлбэбит салгыы сайдар кэскиллэннэ. Бэс Күөлэ олус үчүгэй, үлэһит дьонноох-сэргэлээх дойду. Нэһилиэкпит улуус үрдүнэн бастыҥынан биллэр. Биһиги оскуолабыт өрөспүүбүлүкэ бастыҥ оскуолаларыттан биирдэстэрэ, үчүгэйкээн диэн уһуйааннаахпыт. Биир сомоҕо буолан, инникигэ эрэлбитин ыһыктыбакка, салгыы олоруохпут»- диэтэ Анна Егоровна.

Маны таһынан Анна Егоровна Александр Жирковтан Бэс Күөлүн эдэр олохтооҕор Гаврил Антоновка көмө оҥоттороругар көрдөстө: «Гаврил барыны бары сатыыр, баар-суох уус ыччаппыт. Олохтоохтор үксүбүт кини өҥөтүнэн туһанар этибит. Уһанар дьиэтэ умайан, туох баар туттар тэрилэ, наадалаах докумуоннара уокка былдьаннылар» - диэтэ бөһүөлэк ытык олохтооҕо.

Бэс Күөлүн олохтоохторо Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерин кытта көрсүһүүлэрэ олус истиҥ,толору буолла. Александр Жирков өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ылыллар дьаһаллар тустарынан сиһилии кэпсээтэ, көрсүһүү кэмигэр турбут боппуруостарга тута эппиэттээх дьону анаан, чопчу сорудахтары биэртэлээтэ.

«Мындыр бэйэҕит, күүстээх санааҕыт, тулуургут иһин  махталбын тиэрдэбин. Үлэ бэтэрээннэригэр, аҕам саастаах дьоҥҥо, ыал аҕаларыгар, эһээлэригэр, дьиэ кэргэн тутаах дьонугар эһиэхэ билигин ураты сорук сүктэриллэр.Тус бэйэҕитигэр төһө да ыараханын иһин, ону тулуйан, ааһа түһэн, эһиги эбиитин аймах–билэ дьоҥҥутугар, ыччаккытыгар сүбэ ама, күүс–көмө буолуохтааххыт. Сахалар биһиги хаһан да, ким да «сээн» диэбэтэх, айылга атаахтаппатах омугабыт. Бу да ыарахаттары тулуйуох, туоруох кэриҥнээхпит. Күүстээх, кыайыылаах санааланыҥ. Бэйэбит Ил Дархаммыт, Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салалтатын тула сомоҕолоһуоҕуҥ, кинилэргэ эмиэ үлэлэригэр сүбэ-ама, өйөбүл буолуоҕуҥ.

Иннибитигэр аны биир кыһалҕа кэтэһэр. Өтөр наар буолбатах уот курааны аны кыстык кыһарҕана солбуйар. Кыһыммыт барахсан эһиги курааннаабыккыт, умайбыккыт диэн аһыныа суоҕа. Барытыгар бэйэбит бэлэм буолуохтаахпыт. Бары бииргэ, сүбэнэн» – диэн Александр Жирков Бэс Күөлүн олохтоохторун кытта көрсүһүүтүн түмүктээтэ.

Көрсүһүүгэ кыттыбыт Бэс Күөлүн олохтоохторо Александр Николаевичка ыар ыарыыны этэҥҥэ  аһарынарыгар  баҕа санааларын эттилэр, тыа сирин дьонугар мэлдьитин ураты болҕомтолооҕун, кыһамньытын, сүбэтин-аматын иһин истиҥ махталларын биллэрдилэр.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31