«Нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас умайар уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы суоһуур ойуур баһаара суох. 10 км. сиргэ биэс баһаар умайарыттан, үһүн төгүрүттүбүт. РФ ЫБМ исписэлиистэрэ Уус Майа, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарыгар үлэлииллэр. Дьокуускайтан Уус Майа Петропавловскай сэлиэнньэтигэр көмөҕө эбии баһаарынайдары ыыттыбыт», -- диэн управление начальнига Павел Гарин иһитиннэрэр.
Кини этэринэн, халлаан туругуттан көрөн, ЫБМ көтөр аалларын Уус Майа улууһун Элдьикээн, Петропавловскай сэлиэнньэлэрин уонна «Өлүөнэ остуолбалара» паарка сирдэригэр умайар ойуур баһаардарын умуруорууга туһаныахтара.
Баһаардары умулларыыга 2,2 тыһ. киһи кыттар, 287 тиэхиньикэ туһаныллар. Өргөлөөх, Үөдэй, Петропавловскай, Мэлдьэхси уонна «Өлүөнэ остуолбалара» паарка сирдэригэр умайар ойуур баһаардарын умулларыыга РФ ЫБМ исписэлиистэрэ тардыллыбыттар. Балаһалары оҥороллор, төгүрүтүллүбүт уоту ситэри умуруораллар.
Суукка устата РФ ЫБМ авиацията Уус Майа уонна Хаҥалас улуустарын сиригэр умайар уоту умуруорууга тутуллубут, уопсайа 369 туонна ууну куппуттар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0