Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр РФ Экологияҕа уонна сир баайыгар миниистирэ Александр Козлов үлэлии сылдьар. Бу туһунан Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьокуускайга Александр Александрович баһаартан сэрэхтээх буолууга сүбэ мунньаҕы ыытыаҕа. Маныаха федеральнай бүддьүөттэн ойуур баһаардарын утары охсуһууга эбии үп көрүллүбүтүн учуоттуохтара.
Маны тэҥэ эрэгийиэҥҥэ уонна олохтоох пууннарга, 2022-2024 сылларга көрүллүбүт үбү учуоттаан туран, ууттан сэрэхтээх буолуу инженернэй харысхалларын тутууну ырытыахтара.
Миниистир кыттыылаах «Геология: возрождение легенды» федеральнай бырайыак олоххо кииритин дьүүллэһии мунньаҕа буолуоҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0