СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников: “Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаар балаһыанньата уустук. Сыл саҕаланыаҕыттан 300-чэкэ баһаар бэлиэтэннэ. Хомойуох иһин, киһи өлүүлээх быһылааннар тахса тураллар. Чинчийии көрдөрөрүнэн, 26% баһаар уот ситимин кэһиллиититтэн, 15% оһохтон, 22 % табахтан тахсар эбит. Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуу көмөтүнэн бу кыһалҕалары туоратыахха сөп этэ. Онуоха дьиэҕитигэр булгуччу баһаар саҕаламмытын тута биллэрэр тэрили туруораргытын умнумаҥ», — диэтэ .
Саха Сиригэр 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар 6,4 тыһ. чааһынай дьиэҕэ уонна социальнай эбийиэккэ АДПИ туруоруллубут.
Вице-премьер АДПИ туруорарга уонна олорор дьиэлэргэ эргэ электрическэй ситимнэри уларытарга наадыйар кыаммат ыаллар испииһэктэрин саҥардарга соруйда. Кини этэринэн, социальнай эбийиэктэргэ ураты болҕомто ууруллуохтаах. Оскуола, интэринээт, спорт, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин бастакы уочарат АДПИ тэрилинэн хаачыйарга сорук туруорда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0