Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Халлаан сылыйарын, сааскы ылааҥыны кытта тэҥҥэ кэлбит туллуктарбытын, тураахтарбытын, араас ырыаһыт чыычахтарбытын манньыйа көрбүппүт-истибиппит  син балачча ааста. Аны ириэриини, ууну-чалбаҕы кытта сааскы кус-хаас боппуруоһа  бу тирээн  кэллэ.

Халлаан сылыйарын, сааскы ылааҥыны кытта тэҥҥэ кэлбит туллуктарбытын, тураахтарбытын, араас ырыаһыт чыычахтарбытын манньыйа көрбүппүт-истибиппит  син балачча ааста. Аны ириэриини, ууну-чалбаҕы кытта сааскы кус-хаас боппуруоһа  бу тирээн  кэллэ.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ быһаарбытынан,  Саха Сиригэр иитиэх угуйар куһу туһанан бултааһын  көҥүлэ муус устар 25 күнүттэн саҕаланан,   бэс ыйын 10 күнүгэр  диэри быһыллан турар.  Бу көрүҥҥэ атыыр көҕөнү (тыһытын ыппакка) эрэ бултуурун уонна  икки булчукка биир угуйар кус көҥҥүлэнэр. Булт билиэттээх дьоҥҥо көҥүлү ыларга сайабылыанньаны СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин территориятааҕы отделениеларыгар, e-yakutia.ru Саха сирин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүн эрэгийиэннээҕи порталын, эбэтэр «Мои документы» элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө биэриэххэ сөп.  Былырыын болдьох чугаһаабытыгар лицензияны ылыы бэрт уустуктардаммытын санатыахха сөп.

Салгыы, 2024 сылга  Саха Сиригэр уу уонна мас көтөрүн сааскы кэмҥэ бултааһын болдьоҕо суоналарынан (улуустарынан) маннык быһыллан турар:

-1 суона (Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы, Хаҥалас  уонна Дьокуускай) -11.05-20.05.

-2 суона (Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй (Айхал уонна Удачнай бултуур сирдэриттэн уратыларга) -Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн-14.05-23.05.

-3 суона (Абый, Өлөөн, Мииринэй оройуо­нун Айхал бөһүөлэгин уонна Удачнай куорат бултуур сирдэрэ)-31.05-09.06.

- 4 суона (Аллайыаха, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана)-15.05.-24.05.

-5 суона (Анаабыр) 2.06.-11.06.

 -6 суона (Булуҥ)-27.05-05.06.

-7 суона (Үөһээ Халыма)-05.05.-14.05.

-8 суона (Эдьигээн, Эбээн Бытантай)-22.05.-31.05.

-9 суона (Муома)-18.05-27.05

-10 суона (Орто Халыма, Аллараа Халыма)- 10.05.-19.05.

-11 суона (Кэбээйи) – 9.05.-18.05.

 Анды (көннөрү уонна саар, бары улуустарга) бултааһына -01.06.-04.06.  

 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ааҕааччы суруга

Ыйытыылаахпын!

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу телеграм каналыгар…
13.11.24 16:18
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44