Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Анаан үөрэппит-чинчийбит учуонайдар суруйалларынан, киис ХҮII үйэ ортотугар Саха сирин киин өттүгэр эстэр туруктана, оттон Өлүөнэ өрүстэн арҕаа диэки (билиҥҥи Эдьигээн уонна Өлөөн улуустарын сирдэригэр) биллэрдик аҕыйыы, ХҮIII үйэ саҥатыгар  хотугулуу-илин букатын быста сылдьыбыт, соҕуруу эҥээргэ эрэ, төһө да күүскэ бултаабыттарын иһин, олоччу эстибэтэх.

Анаан үөрэппит-чинчийбит учуонайдар суруйалларынан, киис ХҮII үйэ ортотугар Саха сирин киин өттүгэр эстэр туруктана, оттон Өлүөнэ өрүстэн арҕаа диэки (билиҥҥи Эдьигээн уонна Өлөөн улуустарын сирдэригэр) биллэрдик аҕыйыы, ХҮIII үйэ саҥатыгар  хотугулуу-илин букатын быста сылдьыбыт, соҕуруу эҥээргэ эрэ, төһө да күүскэ бултаабыттарын иһин, олоччу эстибэтэх.

Нуучча айанньыттара уонна “бырамыысыланнай дьон” кэлиэхтэрин иннинэ сүөһү иитэр сахалар уонна табалаах эбээннэр, эбэҥкилэр, о.д.а. хотугу норуоттар кииһи, атын даҕаны күндү түүлээх кыыллары бултаабаттарын кэриэтэ этэ. Ол саҕана киис Саха сирин тыалаах-мастаах сиригэр барытыгар баара, ахсаана олус элбэҕэ. “Бырамыысыланнай дьон” Енисей өрүс эргин киис ахсаана тосту аҕыйаан, саҥа сири булаат-буулаат эмиэ кииһи аҥаар кырыытыттан кырган барбыттара. Ону тэҥэ ыраахтааҕыга сулууспалыыр дьон олохтоох нэһилиэнньэҕэ түһээн түһэрэн, түүлээҕинэн хомуйар буолбуттара. Ону, сүрүннээн, киис тириитинэн төлөһөллөрө. Онтон ыла кииһи сонордоһуу олохтоох норуоттар укулааттарыгар бигэтик киирбитэ. Аһара күүскэ бултааһын түмүгэр Саха сирин киин уонна арҕаа эҥээригэр XVII үйэ ортотугар киис эстибитэ. Сиэмэх “бырамыысыланнай дьон” аны хотугулуу-илин тиийэн салгыы кыыллыы бултааннар, маннааҕы кииһи  XVIII үйэ саҥатыгар олоччу бараабыттара.   

Саха сиригэр киис ахсаанын чөлүгэр түһэрии үлэтэ сэбиэскэй кэмҥэ эрэ 1930 сылтан саҕаламмыта. Киис булдун үстэ төхтүрүйэн үс сыллаах (1930-1933) уонна биэстии сыллаах (1936-1941 уонна 1946-1950) бобуулар туох да түмүгү биэрбэтэхтэрэ. Абына-табына ордон хаалбыт киистэр эбиллибэккэ, сыыйа тарҕанан, 1948 сылга диэри Саха сирин тыатын 20 эрэ бырыһыаныгар олохсуйбуттара. Киис бултанар ахсаанын чөлүгэр түһэрии сыччах бултааһыны бобуунан-хааччахтааһынынан ситиһиллибэтин өйдөөн, 1947 с. киһи көмөтүнэн түргэнник тарҕатан тэнитиэххэ диэн оччолорго улахан соругу туруорбуттара. Кииһи олохсуйбут ыырыттан ыраах сытар, бэйэлэрэ кыайан тиийбэт хайалардаах сирдэргэ ыытан олохсутарга быһаарбыттара. Бастатан, Саха сирин хотугулуу-илин, онтон соҕуруу өттүлэригэр. Хотугулуу-арҕаа  киистэр бэйэлэрэ төрөөн-ууһаан тэнийэр кыахтаахтара.    

Кииһи олохсутуу үлэтэ 1948-1961 сс. ыытыллыбыта. Бу кэм устатыгар барыта 5102 киис 49 баартыйанан араас сирдэргэ тарҕатыллыбыта. Племенной матырыйаалынан түүтэ-тириитэ үрдүк хаачыстыбалаах Витим кииһэ талыллыбыта. Дьааҥы хайаларын арҕаа уонна соҕуруу тэллэхтэрин батыһа 1000 км усталаах сиргэ 21 төгүл 1666, Дьааҥыга, Индигиргэ, Халымаҕа 16 сиринэн 1871, Өлүөнэ -- Бүлүү, Өлүөнэ -- Амма өрүстэр икки ардыларыгар 434 (ол иһиттэн 349 -- Амма орто сүнньүнэн, 125 -- Амма-Миил икки ардыгар, 45 -- Кэҥкэмэҕэ, 10 – Сиинэҕэ),  соҕуруу Алдан өрүс умнаһыгар 7 сиргэ 598, Өлүөхүмэ, Туолба тардыыларынан уонна Амма баһынан 533 киис 6 тус-туспа баартыйаларынан тарҕатыллыбыта.

         Кииһи атын дойдуттан аҕалан үөскэтии итиэннэ кэминэн көрөн бултатыы түмүгэр бу күндү түүлээх кыылбыт 60-с сыллартан саҕалаан киэҥник тарҕаммыта. Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар диэри хотугулуу-арҕаа  ордон хаалбыт киис бэйэтэ ууһаан-тэнийэн, урукку чөлүгэр түстэ. Олохтоох киис хоту туундара быыһыгар тиийэ, оттон соҕуруу уонна илин диэки Өлүөхүмэ өрүскэ диэри тарҕанан олохсуйда. Бу ыйыллыбыт сиргэ ахсаана   тэҥэ суох. Муҥутуур хойуутук Өлөөн уонна Эдьигээн улуустарын сорох сирдэригэр үөскээн турар. Өлүөнэ өрүстэн илин диэки өссө киэҥник тарҕаныахтарын Дьааҥы сис хайаларын арҕаа тэллэхтэригэр ыытан олохсутуллубут киистэртэн харгыстаммыт буолуохтаахтар. Арҕаа олохтоох уонна хотугулуу-илин ыытыллыбыт кэлии киистэр аан маҥнай  Өлүөхүмэ сүнньүгэр ииссэн ууһаабыттара сабаҕаланар.

         Витим кииһин улахан аҥаара (3521 устуука) Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр ыытыллыбыта. Манна олохтоох киис имири бултаммыт буолан, кэлии киис ыытыллыбыт эрэ сирдэриттэн саҕалаан тарҕаммыта. Тус-туспа олохсутуллубут кыра бөлөхтөр бэйэ-бэйэлэрин кытта 60-с сыллар саҥаларыттан саҕалаан холбоспуттара. Инньэ гынан, киис хотуттан соҕуруу диэки уһун синньигэс биир кэлим бигэтик олохсуйбут түбэтэ үөскээбитэ: биир уһуга Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэринэн, иккис уһуга маһа суох Дьааҥы, Дабаан арҕастарынан быысаһар. Хоту өттө Сииктээх үрэххэ тиийэр, оттон соҕуруу бу эҥээр киистэрин кытта ууһуур буолбута.     Дьааҥы уонна Индигир өрүстэр тардыыларыгар бэйэ-бэйэлэриттэн чугас ыытыллыбыт эрэ сирдэригэр бигэтик үөскээбитэ. Халыма тардыытыгар бүтүннүүтүгэр тарҕаммыта.

         Саха сирин соҕуруу өттүгэр билигин баар киис бииһэ олохтоох уонна кэлии кыыллартан үөскээбитэ. Олохтоох киис ахсаана Витим кииһэ кэлиэн иннинэ, быһа холуйан, 200-250 эрэ эбит. 1957 сылга диэри бу эҥээргэ 1400 киис ыытыллыбыта. Соҕуруу хайалаах тыаҕа киис бүтүннүүтүгэр кэриэтэ олохсуйда эрээри, ахсаана сир ахсын биир тэҥ буолбатах.   Өлүөхүмэ уонна Амма икки ардыларынааҕы тыаҕа киис Дьааҥы сис хайаларын соҕуруу тэллэҕэр уонна Амма орто сүүрүгүнэн ыытыллыбыт сирдэриттэн киирэн олохсуйбута. Бу элбэх алаас сирдээх түбэҕэ 5 улуус дьоно-сэргэтэ хойуутук түөлбэлээн олохсуйдар даҕаны, 80-с сыллар саҥаларыттан ыла киис бигэтик бултанар буолла. 1981-1990 сс. күндү түүлээх соҕотуопкатыгар киис ылар өлүүтэ 18 бырыһыаҥҥа тиийбитэ. Ити улуустартан саамай элбэх киис тириитэ 1988 с. туттарыллыбыта. Бүлүү сүнньүгэр сытар улуустарга олохтоох арҕааҥы кииһи эмиэ бу кэмҥэ дэлэйдик бултаабыттара. Онон олохтоох (Бүлүү умнаһынааҕы) уонна кэлии (Өлүөхүмэ -- Амма икки ардыгар) киистэр биир кэмҥэ төрөөн-ууһаан эбиллибиттэрэ.

          Саха сиригэр киис бултаныллар ахсаанын чөлүгэр түһэрэр инниттэн ааспыт үйэ ортотугар кииһи атын сиртэн аҕалан олохсутар сыралаах  уонна далааһыннаах үлэ ыытыллыбытын түмүгэр бу кыыл өрөспүүбүлүкэ тыатын 87 бырыһыаныгар тиийэ тарҕанна итиэннэ биир сүрүн бултаныллар күндү түүлээх суолталанна. Инньэ гынан, төһө-хачча саарбалаахпытый? Экспертэр ааҕалларынан, аан дойду үрдүнэн киис 95 бырыһыана Арассыыйаҕа үөскүүр эбит, ону сыыппараҕа таһаардахха – 1,5 мөлүйүөн. Саха сиригэр киис ахсаана, үөһэ ыйыллыбытын курдук, 1960-с сыллартан түргэн тэтиминэн эбиллэн, уонча сылынан 130-140 тыһ. төбөҕө тиийбит, 1980-с сыллар бүтүүлэригэр 180-190 тыһ. буолбут. Онтон 2011-2012 сс. муҥутаан 300 тыһ. төбөҕө диэри элбии сылдьан баран, кэлин ахсаана 120 тыһ. (2006 с.) уонна 270 тыһ. (2016 с.) икки ардынан халбаҥныыр. Саарба ахсаана эмискэ түһэрин-тахсарын дьылга күтүрүөххэ сөп эрээри, булт хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах исписэлиистэр этэллэринэн, булчуттар сорох сыл учуот үлэтин түмүгүн (ЗМУ) ситэ отчуоттаабаттарыттан төрүөттээх эбит.

Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэрин булчуттара туттарар күндү түүлээхтэрин бүттүүн сыанатыттан 80 бырыһыанын киис тириитэ ылар. Киис тириитэ ырыынакка хамаҕатык атыыланар буолан, сыаната лаппа ыараата. Санкт-Петербурга норуоттар икки ардыларынааҕы күндү түүлээх аукционугар 2008 с. 330 тыһ., 2013 с. 719 тыһ. киис тириитэ атыыламмыта. Маны таһынан судаарыстыба кыайан хонтуруоллаабат, квотаны-лимиити таһынан бултанар, илииттэн илиигэ кистии-саба атыылаһыллар-атыыланар саарба ахсаанын ким даҕаны ааҕар кыаҕа суох. Саха сиригэр билигин сыл аайы 70 тыһ. аҕыйаҕа суох киис бултанар. Ону таһынан эмиэ, дойдуга баар көстүү курдук, судаарыстыба хараҕын далыгар киирбэтэ төһөтө биллибэт. Ол гынан баран, тустаах исписэлиистэр, учуонайдар ааҕалларынан, киис чопчу бултаныллар түбэтигэр ахсаана аҕыйыан сөп эрээри, ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕанааҕы быһыы-майгы хатыланыа суоҕа. Кинилэр ону булчуттар чугастааҕы сирдэргэ эрэ кииһи сонордоһоллорунан, саарба олохсуйар 1,4 мөл. кв. км иэннээх тыатын барытын хабан бултууллара улахан ороскуоттааҕынан быһаараллар итиэннэ күндү түүлээх кыыл өссө даҕаны уһун сылларга үөскүү-тэнийэ туруоҕар эрэнэллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ааҕааччы суруга

Ыйытыылаахпын!

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу телеграм каналыгар…
13.11.24 16:18
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44