Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу  телеграм каналыгар https://t.me/evgenii_krivoshapkin/2628таһаарбыт  суругун ыытта уонна чуолкайдаһарга көрдөһөр.

Ону ылынаммыт бастакы дьайыы быһыытынан бу саайтпытыгар билиһиннэрэбит. Ол кэннэ тустаах эппиэттээх дьон, норуот дьокутааттара чугаһаан, сөптөөх хоруйу, кэмэнтээрийи бириэхтэрэ дии саныыбыт.

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу  телеграм каналыгар https://t.me/evgenii_krivoshapkin/2628таһаарбыт  суругун ыытта уонна чуолкайдаһарга көрдөһөр.

Ону ылынаммыт бастакы дьайыы быһыытынан бу саайтпытыгар билиһиннэрэбит. Ол кэннэ тустаах эппиэттээх дьон, норуот дьокутааттара чугаһаан, сөптөөх хоруйу, кэмэнтээрийи бириэхтэрэ дии саныыбыт.

 

“Огни Туймаады” хайыһар күрэҕэр кытынным. Бэйэбин холонон көрүүгэ стартаатым. Киэппэр киирдэрбин, син бастакылар кэккэлэригэр киириэх эбиппин. Бүгүн ол туоһутунан лидердэр кэннилэриттэн тилэх баттаһа сырыттым. Ити эрээри техникабын сыыһа-халты туттан, охтон, кинилэртэн хааллым. Ортотук сүүрдүм. Күрэхтэһии диэн хас биирдии киһиэхэ эрчиллии, уопут, эти-сиини чэбдигирдии, санааны сааһыланыы, инники стартарга бэлэмнэнии, күрэхтэһиилэргэ кыайыы.

 2

Бу бүгүҥҥү күрэхтэһии кэнниттэн биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын.

 Күрэхтэһии буоларын истэн баран, Сайсары күөлгэ тиийдим, хайыһар баазатыгар. Онно тиийэн истибитим – бааза устудьуоннартан атыттарга сабыылаах эбийиэк буолбут. Дьиктиргээтим. Тренердэри кытта кэпсэттим. Кинилэр кэпсээбиттэринэн, хайыһар баазата федеральнай үнүбэрсиэт бас билиитигэр киирэринэн, манна хайыһарынан сөбүлээн дьарыктанааччыларга аан сабыллыбыт. Ирдэбил оннук буолбут. Онон баҕалаах оҕо да, үйэтин тухары хайыһар үрдүгэр сылдьыбыт кырдьаҕас да бэлэм оҥоһуулаах анал баазаҕа дьарыктанар кыахтара тохтообут.3

 Мин санаабар, бу үнүбэрсиэккэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүлүннэҕэ дии, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазатын хаҥатыыга диэн. Холобур, бу хайыһар да баазатыгар буоллун, “Юность” стадиоҥҥа да буоллун. Манна кыралыын-кырдьаҕастыын хайыһардаабыт ахан сирбит буоллаҕа. Онон бу саҥа “дьаһалы” соһуйа иһиттим.

 Күрэхтэһиини Теплай күөлгэ буолар диэбиттэригэр онно кэллим. Иттэр, хаххаланар сир суох, тыбыс-тымныы. Оҕолор барахсаттар, кырдьаҕастар күнү быһа тоҥон-хатан таһырдьа турдулар.4

 Маннык кылгастык быһааран туран, Ил Түмэн дьокутааттарыгар, өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар туһаайан ыйытыы биэрэбин. Тоҕо үнүбэрсиэт территориятыгар бэлэм тутуллубут хайыһар баазатыгар күрэхтэһии, хайыһарынан сөбүлээн дьарыктанар дьон эрчиллэллэрэ бобулунна диэн.44

Болҕомтоҕут иһин махтанабын.

Хаартыскалар ааптар биэриитэ 

  • 2
  • 0
  • 0
  • 1
  • 1
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44