Аҕам, мин уонна убайым Коля буолан буранынан бөһүөлэктэн тэйиччи сытар Омук Күөлэ диэн диэн эбэҕэ илим үттээччибит.
Биһигини аҕабыт муус үрдүнэн илим үтэргэ, илими көрөргө кырабытыттан ыла үөрэтэр. Мин билигин ойбону аллардахтарына, мууһун ыраастыыбын, онно «сүүр» диэн тэрили туттабын. Онтон ойбонтон ойбоҥҥо салаасканы соһобун, онно балыкпытын уурабыт. Илими үтэргэ, көрөргө «чороох», «ситим быата», «ситим», «хотоҕос», «таастыган» диэн тыллары, тэриллэри билбитим.
Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан балыктыыр наһаа үчүгэй, интэриэһинэй. Илимҥэ иҥнибит балыгы араарар саамай кэтэһиилээх уонна үөрүүлээх.
Быйыл, тоҕо эрэ, балыкпыт булда аҕыйах. Ол да буоллар, Баай Байанайбытыгар махтанан, эбэбитин аһатан, астынан-дуоһуйан балыктаатыбыт. Дьиэбитигэр ийэбит, эбэбит балыкпытын, сордоҥмутун үөрэ-көтө астааннар, сибиэһэй, минньигэс аһынан күндүлээбиттэрэ.
Денис Винокуров,
V кылаас
Орто Халыма, Өлөөкө Күөл
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0