-- “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бу экэнэмиичэскэй хааччахтааһын кэмигэр нэһилиэнньэ бигэ туруктаах буоларын, олоҕун таһыма түспэтин туһугар кириисиһи утары миэрэлэри ылынар. Ол курдук, экэниэмикэҕэ туһуламмыт былааны торумнуурга, нэһилиэнньэни уонна биисинэһи өйүүргэ бырабыыталыстыбаны кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир.
Генсовет сэкирэтээрэ Андрей Турчак Президиум мунньаҕар: «Биһиги дойдубутугар хаһан даҕаны буолбатах экэнэмиичэскэй агрессияны арҕаа дойдулартан көрүстүбүт. Тэрилтэлэрбитин, систиэмэни олохтуур салааларбытын көмүскүүргэ бары кыахпытын ууруох тустаахпыт. Бастатан туран, дьоҕус уонна орто урбааны өйүөххэ», — диэн этэн турар. Маны тэҥэ ылыллар быһаарыылар тутатына, бүрүкүрээтийэ өттүттэн харгыһа суох, тутатына олоххо киирэллэригэр баартыйа үлэлэһэр.
Сааҥсыйалар киирбиттэриттэн сабыллан эрэр тэрилтэлэри национализациялыыр туһунан Андрей Турчак эппитигэр биһиги эмиэ сөпсөһөбүт. Маныаха фракция күүскэ үлэлэһиэҕэ. Оччотугар тыһыынчанан үлэ миэстэтэ оннунан хаалыа этэ.
Дойду үрдүнэн биһиги баартыйабыт агропромышленнай салааны уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр. Сыана бас-баттах үрдээбэтин хонтуруоллаһар.
Ыһыы кэмэ саҕаланан эрэр. Маныаха бүддьүөттэн эрэйиллэр үбү толору төлүүрү – дойду үрдүнэн 25 млрд солкуобайы аныыры ситистэ. Маны тэҥэ чэпчэтиилээх кирэдьииттэри уонна бэрэбиэркэлэри ыытарга мораторий киллэрэргэ үлэлэһэр. Уоҕурдууну, уматыгы уонна таһаҕаһы тиэйиигэ чэпчэтиилээх тарыыптар олохтоннулар. Эбии өйөбүлү килиэби астыыр уонна үүт аһылыгы оҥоруу салаалара ирдииллэр.
Тас дойдулартан киирэр табаары дойдубутугар оҥорон таһаарар сорук турар. Сааҥсыйаларга түбэспит тэрилтэлэргэ өйөбүл олохтонор. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буоларыгар болҕомто күүһүрдэ. Оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ өйөбүл улаатарыгар эмиэ үлэ барар.
Экэнэмиичэскэй балаһыанньаны тупсарарга араас ньымалар олоххо киирэллэр. Ол курдук, биэнсийэ индексацияланна. Сахабыт Сиригэр муус устар 1 күнүттэн хамнас үрдээтэ, эми-тому атыылаһыыга чэпчэтиилэр киирдилэр.
Ил Дархан экэниэмикэ бигэ туруктаах буоларыгар анал мунньаҕы тэрийэн, үлэ-хамнас барыытыгар соруктары торумнаата. Хоту уонна Аартыка улуустарыгар былааннаммыттааҕар элбэх таһаҕас быйыл тиэрдиллиэҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0