“Бойобуой дьайыылар оройуоннарыгар православие итэҕэллээх гражданнар улахан ахсааннара олорорунан, Украина ѳрүтүн уоту тохтотуу эрэсиимин биллэрэргэ уонна кинилэргэ Ороhоостуба сочельнигар, итиэннэ Орооhустуба Күнүгэр сулууспаларга сылдьар кыаҕы биэрэргэ ыңырабыт”, — диэн ыйыыга этиллэр.
Эрдэ Ороhоспотооҕу эйэлэhиигэ Москва уонна Русь бүттүүнүн Партиарха Кирилл ыңырбыта.
Кэлин РФ Миноборуонатыгар Президент сорудаҕар сѳп түбэhиннэрэн сэриилэргэ 36 чааска — тохсунньу 6 күнүн 12:00 чааhыттан тохсунньу 7 күнүн 24:00 чааhыгар диэри — Украинаҕа ѳрүттэр бойобуой тиксиhиилэрин линиятыгар уоту тохтотуу эрэсиимин киллэрэргэ ыйыылар бэриллибиттэрин туhунан эппиттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0