Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстарга VI  ыҥырыылаах мунньах биэс сыллаах үлэтин түмүктүүр пресс-кэмпэриэнсийэни тэрийэн ыытта.

«Пандемия содулуттан, анал байыаннай дьайыыттан, тас дойдулар сааҥсыйаларыттан ыарахаттары көрүстүбүт эрээри, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй көрдөрүүтэ  тэтимирдэ  уонна улаатта, онон социальнай эбээһинэстэрбитин толордубут”, - диэн спикер бэлиэтээтэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстарга VI  ыҥырыылаах мунньах биэс сыллаах үлэтин түмүктүүр пресс-кэмпэриэнсийэни тэрийэн ыытта.

«Пандемия содулуттан, анал байыаннай дьайыыттан, тас дойдулар сааҥсыйаларыттан ыарахаттары көрүстүбүт эрээри, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй көрдөрүүтэ  тэтимирдэ  уонна улаатта, онон социальнай эбээһинэстэрбитин толордубут”, - диэн спикер бэлиэтээтэ.

Сыыппаралар

2018 сыллаахха талыллыбыт Ил Түмэн мунньаҕа 44 пленарнай мунньах ыыппыт, 619 СӨ сокуонун, 1284 Ил Түмэн  уурааҕын ылыммыт.

Ордук элбэх судаарыстыбаннай салайыыга, куттала суох буолууга уонна олохтоох бэйэни салайыныыга сокуоннар тахсыбыттар - 203 сокуон;

Социальнай эйгэҕэ, үөрэҕирии, билим уонна доруобуйа харыстабылыгар  -  153 сокуон;

Бэйэ бас билиитин боппуруостарыгар уонна экэниэмикэҕэ  - 100 сокуон;

Тыа хаһаайыстыбатын, айылҕаны туһаныыга, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа уонна сир сыһыаннаһыыларыгар - 63 сокуон;

Бүддьүөтү олохтуурга   уонна нолуогу тутууга – 79 сокуон;

Бу  ыҥырыыга норуот дьокутааттара хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх сокуон барылын киллэрбиттэр уонна ылыммыттар - 259 сокуон;

Ил Дархан – 129 сокуону, бырабыыталыстыбаны кытары бииргэ -56 сокуону киллэрбит;

Оттон СӨ Бырабыыталыстыбата 155 сокуону көҕүлээбит;

Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ – 18 сокуону, СӨ Борокуратуурата – 2 сокуону.

Сокуоннар, уураахтар  туолууларыгар, судаарыстыбаннай бырагыраамалар олоххо киириилэригэр, уопсастыбаннаһы билиһиннэриигэ 25 барылааман истиилэрэ, 124 бырабыыталыстыба чаастара, 128 төгүрүк остуол уонна 10 публичнай истиилэр ыытылыннылар.

Федеральнай таһымҥа туруорсуулар

Алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн мунньаҕа 11 федеральнай сокуон бырайыагын көҕүлээбит. ОДьКХ, тыа хаһаайыстыбатын, Нолуок кодексын, култуура, хантараагынан эргиэн систиэмэтин, этиловай испиири уонна арыгы бородууксуйатын атыылааһын боппуруостарын таарыйбыттар.

Маны тэҥэ, 11 федеральнай сокуон барыла бэлэмнэнэригэр көннөрүүлэр ыытыллыбыттар. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар интэриэстэрин көмүскүүргэ, балыктааһыҥҥа уонна уу биологическай өрөсүүрсэлэрин харыстааһыҥҥа, РФ субьектарыгар публичнай былаас уопсай бириинсиптэригэр туһаайыллыбыт федеральнай сокуоннарга барылааман туруорсуулара учуоттаммыт.

2020 сыллаахха Ил Түмэн Аартыка сиригэр-уотугар урбаанньыттары өйөөһүн федеральнай сокуонун бырайыагар барылааман этиилэрэ киирбиттэр.

Олохтоох бэйэни салайыныы биир кэлим публичнай былаас систиэмэтигэр үлэлииригэр Саха Сирин барылаамана туруорсууларын көмүскүүр. Бу сокуон барыла 2022 сыл тохсунньу 25 күнүгэр ылыныллыбыта. Маны тэҥэ, хоту таһаҕас тиэйии боппуруостарын туруорсар. Сокуон барыла 2023 сыл кулун тутар 22 күнүгэр ылыныллыбыта.

Биир сүҥкэн докумуонунан 2022 сыл ахсынньы 23 күнүгэр ылыллыбыт Федерация сэбиэтин “СӨ сайдыытыгар социальнай-экэнэмиичэскэй судаарыстыбаннай өйөбүл” уурааҕа буолар.  Маныаха 2022 сыл ахсынньытыгар Саха Сирин күннэрин чэрчитинэн, Федерация Сэбиэтин алта сис кэмитиэтигэр тыҥаан турар боппуруостары ырытыы ыытыллыбыта.

Биэс сыл устата барылааман боростуойа суох кэмҥэ үлэлээбитин Алексей Еремеев эттэ. Ил Түмэн СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дарханы кытары күүскэ үлэлэһэн, экэнэмиичэскэй, социальнай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй  салаа бигэ туруктаах, экэниэмикэ уонна социальнай инфраструктура тупсарыллар. Бу аныгыс кэлэр ыҥырыылаах мунньахха үчүгэй тирэх буолуо.

Устуоруйаҕа маҥнайгынан

2022 сыл олунньутугар Ил Түмэн аан маҥнайгытын Төрүт сокуон сорох нуормаларыгар аутентичнай быһаарыылары бигэргэттэ. Манна СӨ сирэ-уота уонна өрөспүүбүлүкэ сирин биир кэлимэ диэн тиэрминнэр бигэргэннилэр.

Ил Дархан СӨ сокуоннарыгар илии баттааһынын уонна нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриитигэр боломуочуйалар чопчуланнылар. СӨ борокуруора Ил Түмэҥҥэ сокуон барылын киллэрэр бырааптанна.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн СӨ сокуоннара нууччалыы эрэ тылынан буолбакка, сахалыы тылынан ылыллаллар, дьон истиитигэр тахсаллар.

2022 сыл сэтинньи ыйыгар СӨ бар дьонун дьокутаатын быыбардарыгар биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктар саҥа схемалара 10 сылга бигэргэннэ. Дьокуускай куоракка, нэһилиэнньэ улааппытынан, уокуруктар 9-тан 11-гэ диэри элбээтилэр. Саха Сирин хоту уонна Аартыка, соҕуруу уонна арҕаа оройуоннарын быыбардыыр уокуруктарын кыраныыссалара чопчуланна.

“СӨ киин куоратын статуһа” сокуон саҥа эрэдээксийэтэ бигэргэннэ. Докумуоҥҥа олоҕуран, киин куорат боломуочуйалара кэҥиир, маныаха СӨ бүддьүөтүттэн көрүллэр үп улаатыа.

Бүддьүөт

Ааспыт биэс сыл устата барылааман боростуойа суох кэмҥэ үлэлээтэ, ол эрэн ыарахаттары этэҥҥэ туораан, экэниэмикэни, биисинэһи, олохтоохтору өйүүр дьаһаллары түргэнник ылынан, социальнай эбэһээтилистибэлэри толордулар.

2019 сыллаахха дьокутааттар устуоруйаҕа аан бастаан бүддьүөтү “нулевой циклтан”, ол эбэтэр хара саҕаланыаҕыттан көрдүлэр. Алтыс ыҥырыы маҥнайгы бүддьүөтү ылынарыгар дохуоттаах чаас – 220 млрд. солк., ороскуоттаах чаас – 221,9 млрд. солк. этэ. Оттон 2023 сылга дохуоттаах чаас – 296,4  млрд.солк., ороскуоттаах чаас – 339 млрд. солк. тиийдэ.

Ити курдук, бүддьүөт дохуоттаах чааһа 35 % улаатта, ол иһигэр нолуоктан киирэр дохуот 42% үрдээтэ, төннөрүллүбэт үбүлээһин  41%  эбилиннэ .

Оҕолоох ыаллары өйөөһүн

Тиийинэн  олоруу алын кээмэйин куоһарбат дохуоттаах дьиэ кэргэттэри, үлэһиттэри өйөөһүн күүһүрдэ.

Оҕолоох ыаллар өссө күүстээх көмөнөн туһанар буоллулар. Кинилэри өйүүр сыалтан, “СӨ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнин статуһа”, оҕо төрөтүүгэ уонна иитиигэ ый ахсын төлөнөр босуобуйа туһунан сокуоннар ылылыннылар. Маны тэҥэ, атын сокуоннарынан оҕо 3-тэн 7 сааһыгар диэри, 8-тан 17 саастарыгар диэри харчынан төлөбүр олохтонно. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ” хапытаалыттан 15 тыһ.солк. уонна 30 тыһ. солк. төлөнөрүгэр икки сокуон бигэргэннэ.

Ыраах уонна мөлтөх суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ үрдүк таһымнаах мэдиссиинэ өҥөтө ыытыллар, “Аартыка оҕолоро” бырагыраама үлэлиир, тыа сиригэр мэдиссиинэ каадырдарын олохтуурга үлэ барда. Хоту (Аартыкатааҕы) доруобуйа харыстабылын моделын оҥоруу ирдэнэригэр федеральнай уонна эрэгийиэннэр икки ардыларыгар күүстээх үлэ барда. 

Үөрэҕириигэ эмиэ кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, төрөппүт оҕотун төрөөбүт тылынан үөрэтэр уонна ол быраабын туһанар. 2022 сыл муус устарыгар төрөппүттэр оҕолоругар хоту аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт үгэстэринэн араспаанньаларын уонна аҕатын аатын суруттарар бырааптаннылар.

Ыччат бэлиитикэтигэр устудьуоннар этэрээттэрин өйөөһүҥҥэ, патриотическай иитиигэ тирэх буолар сокуоннар ылылыннылар.

Нолуоктааһыҥҥа чэпчэтиилэр киирдилэр. Бастатан туран, Аартыка оройуоннарыгар үлэлиир тэрилтэлэргэ уонна олохтоохторго чэпчэтиилэр уонна преференциялар олохтоннулар.

Экология уонна айылҕа харыстабылыгар сэттэ тирэх сокуоннар биир экологическай кодексаҕа түмүлүннүлэр.Тыа хаһаайыстыбатыгар сылгыны үөрдээн иитиигэ, олохтоох табаары оҥорон таһаарааччылары өйөөһүҥҥэ уонна сайыннарыыга ананар сокуоннар бигэргэннилэр. 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үүт туттарыыга уонна ынах төбөтүгэр субсидия саҥа көрүҥэ олоххо киирдэ.

Патриотрическай иитии  

Ааспыт сыл муус устарыгар Саха Сиригэр “Патриотическай иитии туһунан” сокуон Ил Дархан көҕүлээһининэн ылыллыбыта. Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Алексей Ильич билиҥҥи кэмҥэ бу хайысхаҕа хаһааҥҥытааҕар даҕаны болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан эттэ.

“Биһиэхэ патриотическай иитиигэ анал судаарыстыбаннай бырагыраама ылыныллыбыта, онон үтүө үгэс баар. Бу бырагыраама сүрүн салааларыгар олоҕуран,“СӨ патриотическай иитиигэ”сокуон барыла ылыныллан, үс ааҕыыны ааста. Мин санаабар, бу докумуон анал байыаннай дьайыы кэмигэр суолтата өссө күүһүрэр. Бириэмэ да көрдөрөрүнэн, патриотическай иитиинэн дьарыктаныы уолдьаста. Маныаха сөптөөх нормативнай бааза ирдэнэр», — диэтэ спикер.

Маны тэҥэ, Федерация таһымыгар маннык сокуон ылынылларыгар эрэнэрин биллэрдэ.

Ыт боппуруоһун тула киирсии

Норуокка биллэр “Ыт сокуонугар” уларытыыны киллэриигэ тохтоон, Алексей Еремеев санаатын үллэһиннэ. Хотугу эрэгийиэннэр кыыл ахсаанын бэрээдэктээһиҥҥэ бэйэлэрэ быһаарыы ылалларын туруорсаллар.

Судаарыстыбаннай Дуума таһымыгар “Кыылга эппиэтинэстээх сыһыаннаһыы” федеральнай сокуон тула элбэх мөккүөр тахсар.

“ХИФУ преподавателэ алдьархайдаах быһылааҥҥа түбэһэн, суорума суолламмытын кэннэ федеральнай сокуоҥҥа уларытыыны киллэриигэ бырайыак бэлэмнээбиппит. Биһиги билэрбитинэн, атын эрэгийиэннэртэн биир идэлээхтэрбит эмиэ бу сокуону уларытар баҕалаахтар. Онон Уһук Илин уонна Забайкалье барылааманнарын түмсүүтүгэр тахсыбыппыт”, - диэн эттэ кини. Ол кэмҥэ ити этиилэри ассоциация өйөөбөтөҕө хомолтолоох.

Онон Госдуума дьокутаатыгар Галина Данчиковаҕа тахсан, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа нөҥүө эрэгийиэннэр боломуочуйаларыгар хаһаайына суох кыыллар ахсааннарын бэрээдэктииргэ уларытыы киллэриигэ боппуруос туруорарыгар көрдөспүттэр. Маныаха Арассыыйа хоту эрэгийиэннэрэ научнай тирэхтээх биир фронт буолан киирсэн эрэллэр. Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ эппиэтинэһи ылынан үлэлэһэр. Элбэх дьокутааттар уонна фракциялар өйөөтүлэр. 56 субьектан 80 киһи өйөөн, сокуон барыла маҥнайгы ааҕыыны ааста. Ол эрэн, киирсии билигин да барар. Сокуону киллэрбит Владимир Бурматов: “Чэпчэкитик бэриниэхпит суоҕа”, —  диэн эппит.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением