Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Георгий Балакшин, Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, учуонайдар, успуорт салайааччылара уонна тэрийээччилэрэ, РФ успуордун министиэристибэтигэр бас бэринэр 14 үрдүк үөрэх кыһатыттан исписэлиистэр, Беларусь, Казахстан, Кыргыстаан, Узбекистаан, Туркменистаан, Азербайджан уонна Монголия үрдүк уонна орто идэтийбит үөрэх кыһалара кыттыыны ыллылар.
Кэмпэриэнсийэ сүрүн хайысхаларынан оҕо уонна ыччат успуордун ситимнээхтик сайыннарыы, устудьуон успуортун теорията уонна быраактыката, маассабай упуорду сайыннарыы, успуорт төрүт көрүҥнэрин сайдыытын кыахтара уонна кэскиллэрэ, аныгы усулуобуйаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин тиэмэлэрэ буоллулар.
Георгий Балакшин кэмпэриэнсийэ суолтатын уонна кэмигэр ыытыллыбытын бэлиэтээтэ: “Тэрээһиҥҥэ сэттэ омук дойдуларын уонна дойду уон биэс эрэгийиэннэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар. Доҕотторбут, биир идэлээхтэрбит, ыалдьыттарбыт суолталаах тэрээһини ыытан уураах ылыннылар. Кэмпэриэнсийэ түмүгүнэн успуорт эрэсиэрбэтин бэлэмнээһин быраактыкатыгар киллэриллэр аныгы научнай үлэлэр хомуурунньуктара бэчээттэниэҕэ».
Кэмпэриэнсийэ пленарнай чааһын саҕаланыытыгар РФ успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев эҕэрдэ этиитэ ааҕылынна. Кини “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII успуорт оонньууларын суолталарын бэлиэтээтэ: “Үрдүк ситиһиилээх успуорт оҕо уонна ыччат, маассабай успуордуттан саҕаланар. Оҕо уонна ыччат успуордун өйөөһүн уонна сайыннарыы – судаарыстыба бастакы соруктарыттан биирдэстэрэ. Дойду үрдүнэн оҕолорго, ыччаттарга успуордунан дьарыктанарга табыгастаах усулуобуйа баар буолуохтаах. Кэмпэриэнсийэ учуонайдарга, исписэлиистэргэ уонна устудьуоннарга санаа атастаһыытын киэҥ былаһаакката буолуоҕа диэн эрэллээхпин».
Юрий Николаев кэмпэриэнсийэ пленарнай чааһа успуорт сайдыытын туһугар элбэх дьоһуннаах сокуону ылыммыт Саха Сирин парламенын иһинэн ыытыллыбыта улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
“Бу саалаҕа ураты сокуоннар ылылыннылар: успуорт төрүт көрүҥнэригэр, оҕо уонна ыччат хамсааһынын сайдыытыгар, кулууп успуордугар, “Азия оҕолоро”оонньууларбытын үбүлээһиҥҥэ, норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар ыытыллар спортивнай эбийиэктэрин тутуутуга. Инникитин даҕаны парламентарийдар маннык сокуоннары өйүөхтэрэ, ылыныахтара диэн эрэллээхпин», — диэтэ Юрий Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Азия оҕолоро”оонньуулар тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников этиитигэр «Азия оҕолорун” географията кэҥээн иһэрин, кыттар дойду элбээн иһэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Успуорт, култуура, дьыала, билим тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллалларын туһунан үтүө сыанабыллар, илдьиттэр кэлэллэр, санаалар этиллэллэр. Биһиэхэ бу «Азия оҕолоро» оонньуулар ситиһиилээхтик ыытыллалларын бигэргэтэр уонна СӨ Ил Дархана уонна РФ Бырабыыталыстыбата оонньуулар саҕаланыахтарын иннинэ туруорбут соруктара туолбутун көрдөрөр”.
Салгыы дакылааттарын иһиттилэр. Саха Сиригэр оҕо уонна ыччат успуордун, ону таһынан, үрдүк уонна орто үөрэхтэргэ устудьуон успуордун сайыннарыыга этиилэр киирбиттэрэ. Айылҕа уонна килиимэт усулуобуйатыгар норуот бэйэтин эмтэниитин боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ.
Кэмпэриэнсийэ офлайн уонна онлайн форматынан, ангылыйалыы тылынан тылбаастанан ыытылынна. Кыттааччылар үлэлэрин түмүктэригэр олоҕуран, успуорт эрэсиэрбэтин бэлэмниир, быраактыкаҕа салгыы сайыннарыыны, олоххо киллэриини эрэйэр суолталаах боппуруостары быһаардылар уонна уураах ылылынна.
Санатар эбит буоллахха, «От Международных спортивных игр «Дети Азии» до университетского спорта» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы билим кэмпэриэнсийэтэ VIII “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар уонна Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай үнүстүүтүн 25 сылыгар ананна.
Тэрээһин оҕо уонна ыччат успуордун ситимнээхтик сайыннарыы, устудьуон успуортун теорията уонна быраактыката, маассабай упуорду сайыннарыы, успуорт төрүт көрүҥнэрин сайдыытын кыахтара уонна кэскиллэрэ, аныгы усулуобуйаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин хайысхаларынан буолан ааста.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0