Мунньахха норуот дьокутааттара бастакы уочарат СӨ Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан сокуон барылын көрдүлэр. Бу боппуруоска иһитиннэриини СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина оҥордо. Конституционнай сокуон барыла Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн киллэриллибитин эттэ.
Санатахха, сэтинньи 7 күнүгэр Саха Сирин баһылыга Айсен Николаев ыыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Конституционнай хамыыһыйа мунньаҕар СӨ Төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан сокуон барыла биһирэммитэ.
Сис кэмитиэт киэҥ мунньаҕар Ольга Балабкина урукку ыҥырыылаах СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Миронов тылларын санатта. Кини бу сокуон барылын киллэриигэ научнай- экспертнэй Сэбиэт бэрэссэдээтилэн үлэлии сылдьан, Конституционнай сокуон барыла хас да сыл устата сокуону оҥорооччуларга өрүү Төрүт сокуоҥҥа баар конституционнай нуормаларга харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын бэлиэтиирэ. Конституционнай сокуон барыла судаарыстыбаннай былаас уорганнарын тиһигин оннунан хаалларыыга, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар олорор гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин харыстааһыҥҥа туһуланар. Бырайыак СӨ Конституциятын биэс ыстатыйатын чуолкайдыыр: 56, 59, 62, 72, 75 уонна 66.1 саҥа ыстатыйатын киллэрэр.
Докумуон саҥа редакциятыгар нолуогу уонна хомууру киллэриигэ, бэрээдэгин уонна нолуок төлүүр болдьоҕун бигэргэтиигэ, нолуокка чэпчэтиилэри уонна бэрээдэгин олохтооһуҥҥа Ил Түмэн боломуочуйата чуолкайданна. Ону тэҥэ, федеральнай сокуоҥҥа сигэнэн, бырайыагынан СӨ судаарыстыбаннай былааһын толоруулаах уорганнарын тиһигин олохтооһуҥҥа, Ил Дархан дуоһунаһыттан уонна куоластааһынынан болдьоҕун иннинэ тохтотор бэрээдэгэр Ил Түмэн боломуочуйата уларыйар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта дойду Бэрэсидьиэнэ көҕүлээһининэн, Аҕа баһылык боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотуу «Аһаҕас былаас уопсай тосхоллорун туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Бу балаһыанньаҕа парламент үлэлии олорор Төрүт сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, федеральнай сокуонунан көрүллүбүт төрүөттэргэ олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ баһылыгар итэҕэйбэт буолууну көҕүлүүр быраабы хаалларар. Ону таһынан, 414 №-дээх федеральнай сокуон ылыллыбытынан, СӨ Борокуруора сокуону көҕүлүүр быраабы ылар. Туһааннаах уларытыы 62 ыстатыйа 1 чааһыгар киирэр.
СӨ Конституционнай сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэринэн, Ил Дархаҥҥа илии баттыырыгар ыытыллар парламент ылыммыт сокуоннарын сахалыы уонна нуччалыы тылынан бэлэмнииргэ биэс хонуктан 15 хонукка диэри болдьоҕун уһатары этиллэр.
- Сорох нуормалар болдьохторун уларытыыга сыһыаннаах. Ордук бу ыстатыйалар уларыйыылара тиэхиниичэскэй көрүҥнээх. Маны таһынан, Ил Түмэн тэрийэр хонтуруоллуур-суоттуур уорганын - СӨ Счетнай палаата статуһун мэктиэлиир саҥа 66.1 ыстатыйа тахсан эрэрин болҕомтоҕутугар туһаайабын, -диэн этиитин Ольга Балабкина түмүктээтэ.
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев бэлитиичэскэй баартыйалар киэҥ араҥатын, ааспыт ыҥырыылаах норуот дьокутааттарын, уопсастыбаннай диэйэтэллэри, уопсастыбаннай палаатаны, норуот дьокутаттарын бүгүҥҥү кэпсэтиигэ түмэ тардан кэмитиэт тэрийбит сөптөөх үлэтин сыаналаата. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Конституционнай сокуон бырайыагын оҥорууга Саха Сирин баһылыга Айсен Сергеевич Николаев ыыппыт дьоһун уонна улахан үлэтин бэлиэтээтэ, ону тэҥэ СӨ Борокуратууратын бэрэстэбиитэллэригэр махталын биллэрдэ.
- Дьүүллэһиигэ көрүллүбүт СӨ баһылыгын Конституционнай көҕүлээһинэ, хас биирдии тылыгар тиийэ кичэйэн ырытыллыбыт уонна толкуйдаммыт. Мин сокуон барылын ырытыыга бары мунньахтарга кыттааччы быһыытынан бэлиэтээн, бары эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттарын, билиҥҥи кэм тыыныгар эппиэттиир этиилэри булбуппутун туһунан этиэх тустаахпын. Конституция быраап докумуона эрэ буолбатах, бу бэлитиичэскэй-быраап докумуона. Биһиги ону умнуо суохтаахпыт. Онон, ытыктабыллаах биир идэлээхтэрим, норуот дьокутааттара Ил Дархан Конституционнай көҕүлээһинин биир санаанан өйүөхпүт уонна Ил Түмэн уочараттаах аныгыс пленарнай мунньаҕар биһирэбили ылыныахпыт диэн эрэнэбин, - диэн Алексей Еремеев этиитин түмүктээтэ.
Аһаҕас истии түмүгүнэн төрүт сокуоҥҥа уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан сокуон барылын парламент сис кэмитиэтэ бастакы ааҕыыга ылынарга уонна Ил Түмэн аныгыс уочараттаах пленарнай мунньаҕар бастакы ааҕыыга көрөргө быһаардылар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0