Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 11 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Бүгүн олохтоох салайыныы күнүнэн ситимнээн Ил Түмэн олохтоох  салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев муниципальнай тэрээһиннэр баһылыктарыгар, дьокутааттарыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныы үлэһиттэригэр туһаайан эҕэрдэлииригэр быйылгы сыл Арассыыйа муниципалитеттарыгар ураты сыл буолбутун бэлиэтээтэ.

52Олохтоох салайыныы туһунан федеральнай сокуон ылыллан, билигин публичнай былаас салгыы сайдыытыгар суолу арыйарын, былаас бары таһымнара бииргэ үлэлииллэригэр кыах биэрэрин,  хааччыйарын эттэ.   Онон олохтоох бэйэни салайыныы саҥа модела Арассыыйа Федерациятыгар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас ситимэ салгыы ситиитигэр-хотуутугар тиэрдиэҕэ.  

Быйылгы сыл түмүктэниэр диэри  Судаарыстыбыннай Мунньах (Ил Түмэн) дьокутааттара олохтоох салайыныы туһунан  сокуону ылынан, эрэгийиэҥҥэ былаас бу таһымын үлэтин бигэ тиһигэ олохтонуохтаах. Ол сокуоҥҥа олоҕуран муниципалитеттар бэйэлэрин устааптарыгар уларытыылары киллэриэхтэрэ.  Саҥа федеральнай сокуон 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэҕэ диэтэ. Салгыы сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ  өрөспүүбүлүкэтээҕи олохтоох салайыныы сокуонун ситэрэн-хоторон биэриигэ сыралаах уонна улахан эппиэтинэстээх үлэ күүтэр диэн туран, эҕэрдэтин эттэ уонна махталын биллэрдэ.

Хаартыска: Ил Түмэн, СИА

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0