Бу күн - Олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов уонна Таатта улууһун дьокутаатаарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов Ил Түмэн олохтоох салайыныыга сис кэмититэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевка көрсүһүүгэ киирэн саҥа ылыллыбыт федеральнай сокуону миэстэтигэр хайдах үлэлэтэргэ мэхэньиисимнэрин, ымпыктарын-чымпыктарын дьүүллэстилэр уонна сүбэ-ама ыллылар.
Ол кэннэ билигин Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар САССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыытын, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) I, III, IV ыҥырыыларын дьокутаатын, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Георгий Михайлович Артемьев 80 сылыгар аналлаах ахтыы киэһэтигэр кыттыыны ылаллар, үтүө киһи аатыгар сүгүрүйүөхтэрэ. Георгий Артемьев Саха Сиригэр олохтоох салайыныы кииритин биир бастакынан өйөөн, бастакы хардыыларын оҥороругар дьоһун кылаатын киллэрбит киһи. Кинини дьон-сэргэ Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын социальнай-экэнэмичэскэй сайдыыларыгар улахан сыратын, үгүс билиитин-көрүүтүн, толкуйун ууран туран таһаарыылаахтык үлэлээбит салайааччы, баһылык быһыытынан сыаналыыллар.
Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

