Үлэ үгэстэрин, ньымаларын, маастарыстыбатын ыччаттарга иҥэрэр, эдэр исписэлиистэри иитиигэ өр сыллартан үлэлиир дьону бэлиэтииргэ анаммыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах настаабынньыга» бочуоттаах бэлиэ Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан 2024 с. олохтоммута. Арассыыйаҕа Настаабынньык күнүгэр, ол эбэтэр кулун тутар 2 күнүгэр, араас салааларынан уонтан итэҕэһэ суох киһиэхэ сыллата туттарыллар. Тыа хаһаайыстыбатын саалтыгар 2026 с. саас бу бэлиэ Үлэ Дьоруойугар, «Кириэстээх» кэпэрэтиип ыанньыксыта Владимир Африканович Михайловка туттарыллыбыта.
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, наҕараадалааһыҥҥа хандьыдааттарга хадаатайыстыбалары ханнык баҕарар үлэ кэлэктиибэ, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, тустаах министиэристибэтигэр түһэриэн сөп. Бу туһунан Тыа хаһаайыстытын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-киинэ суруйар.
Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин саайта.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
