Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сэтинньи 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев салалтатынан ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Конституционнай хамыыһыйатын мунньаҕар парламент дьокутааттара Конституцияҕа (Төрүт сокуоҥҥа) уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр икки сокуону көҕүлээһиннэрин көрдүлэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев мунньах түмүгүнэн маннык кэмэнтээрийи биэрдэ.

Сэтинньи 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев салалтатынан ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Конституционнай хамыыһыйатын мунньаҕар парламент дьокутааттара Конституцияҕа (Төрүт сокуоҥҥа) уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр икки сокуону көҕүлээһиннэрин көрдүлэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев мунньах түмүгүнэн маннык кэмэнтээрийи биэрдэ.

-Мунньахха дьокутааттар көҕүлээһиннэрин ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэн, ырытан көрдүбүт. Бастакы көҕүлээһини билиһиннэрдэххэ,  үрдүкү дуоһунастаах киһи – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын боломуочуйатын болдьоҕун ахсаанын хааччахтааһыны  уһулуу туһунан боппуруоһу көрдүбүт. Сокуон барылын норуот дьокутааттара киллэрбиттэрэр, салгыы кинилэри кэллиэгэлэрин бөлөҕө өйөөбүтэ. Көҕүлээһин өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын дуоһунаһын икки болдьохтон ордук кэмҥэ субуруччу солбуйууну хааччахтыыр нуорманы туоратыыга туһаайыллыбытын бэлиэтиир оруннаах.      

Үрдүкү дуоһунастаах киһи  боломуочуйатын болдьоҕун ахсаанын Арассыыйа Федерациятын эрэгийиэннэрэ бэйэлэрэ быһаараллар. Бу балаһыанньа “РФ субьектарыгар публичнай былаас уопсай тосхоллорун туһунан” 414 №-дээх федеральнай сокуонунан бигэргэнэн турар. Икки болдьоҕунан хааччахтааһын билигин Арассыыйа икки субьегар -Саха Сиригэр уонна Севастопольга эрэ хаалан турар, бары атын эрэгийиэннэргэ бу нуорма федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн тураллар.       

Конституционнай хамыыһыйа көҕүлээһини бары өттүнэн үөрэтиэҕэ, ол кэннэ Ил Түмэҥҥэ киллэриэҕэ. Салгыы булгуччулаах уонна кытаанах ирдэбили тутуһар процедура ыытыллыахтаах: публичнай истиилэр ыытыллыахтаахтар, уопсастыбаннаһы уонна кырасдааныскай уопсастыба бары үнүстүүттэрин уонна бэлитиичэскэй баартыйалары кытары киэҥ дьүүллэһии барыахтаах.  Регламеҥҥа ыйыллыбыт бары түһүмэхтэри барбытын эрэ кэннэ  сис кэмитиэт парламент пленарнай мунньаҕын көрүүтүгэр таһаарар туһунан быһаарыы ылыныахтаах.        

Иккис көҕүлээһин өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун тутулун уонна сирин-уотун биир кэлимин кытта ситимнээх. Бу боппуруос өссө 2008 сыллаахтан бэбиэскэҕэ сылдьар. Арассыыйа Федерациятын Генеральнай борокураатуратын,  толоруулаах былаас уорганнарын уонна Өрөспүүбүлүкэ борокураатуратын  кытта уһун кэмнээх сүбэлэһиини ааспыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ бары биир сомоҕоломмут өйдөбүлгэ кэллибит.       

98 copy copy copy

Сокуон көҕүлээһинэ юридическай өттүнэн бэрэбиэркэлэммит. Саха Сирин  сирэ-уота биир сомоҕо уонна үллэриллибэт буолуутун тосхоллоро барыта оннунан хааллылар уонна күүһүрдүллэн биэрдилэр. Сүрүн аспектара: Саха Сирин континентальнай чааһын тэҥэ, муораларга арыылаах чааһын ыстаатыстарын  өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуонугар бигэргэтэр. Бу бигэргэтии  устуоруйаҕа уонна геополитикаҕа ураты суолталаах тосхол буолар. Билигин аан дойдуга Аартыка суонатын балысханнык сайыннарыы, Хотугу муора суолун саҥаттан туһаныы уонна муора шельфатын баһылааһын курдук улахан хамсааһыннар бара туралларынан ураты дьайыылаах.  

Конституционнай хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн оробуочай бөлөх бу көҕүлээһиннэринэн  анал үлэни  салгыаҕа. Инникитин бу көҕүлээһиннэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын биир кэлим сокуон барылын быһыытынан Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) көрүүтүгэр киллэриллиэҕэ, -диэн парламент салайааччыта быһаарда.    

Хаартыскалар Ил Түмэн пресс-сулууспатын саайтан  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0