Сүрүн иһитиннэриини тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин э.т. Анна Стручкова, хос иһитиннэриини үп миниистирин э.т. Иван Алексеев оҥордулар.
Сорох улуустарга халааннаан, сорохторго курааннаан, онуоха эбии уматык кэмчитинэн төһө да уустуктар үөскээтэллэр, сайын 396,2 тыһыынча туонна от оттоммут. Манна ааспыт кыстыктан ордубут 18,8 тыһыынча туонна кур оту эбэн, кыстыгы 415 тыһыынча туонна оттоох көрсүбүппүт, ити 145 тыһыынча ынах сүөһүнү, 165 тыһыынча сылгыны кыстатарга тиийэр. Хортуоппуйга уонна оҕуруот аһыгар былаан 100 %, бурдукка 82 % толоруллубут. Сиэмэ хаһаайыстыбаларын таһаарыылаах үлэлэрин түмүгүнэн, бурдук олохтоох сиэмэнэн ыһыллыбыт, инньэ гынан сиэмэни атыылаһыыга көрүллэр харчы өрөспүүбүлүкэ иһигэр эргийбит.
Тыа хаһаайыстыбатын кэккэ боломуочуйалара 2025 сылтан улуустарга бэриллибитэ, ханна туох үлэни-хамнаһы тэрийэри, туох эбийиэги тутары олохтоох дьаһалталар тустаах хаһаайыстыбалары кытары бэйэлэрэ быһаарар буолбуттара көдьүүстээх түмүктэри көрдөрбүт. Дьоҕус кыамталаах эбийиэктэри тутууга уонна сэбилээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 917 мөл. солк. көрүллэн, онуоха улуустар хос үбүлээһини оҥороннор, бу икки сыл устатыгар 174 эбийиэк (кыстык хотоннор, сайылыктар, сылгы баасалара, астыыр сыахтар, буойуналар, бурдук уонна хортуоппуй ыскылааттара, тэпилииссэлэр) тутуллубуттар. Ордук элбэх эбийиэктэр Уус Алдаҥҥа (20), Сунтаарга, Томпоҕо (15-тии) үлэҕэ киллэриллибиттэр. Улуустар үүккэ үлэлииргэ быһаарыммыттарын түмүгэр, үүтү туттарыы көрдөрүүтэ үрдээн, 61 тыһыынча туоннаҕа тиийбит, ону кытары даҕаспытынан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар төрүөҕү биэрэр ийэ сүөһүлэрин ахсаана эбиллибит.
Боломуочуйаны толорууга 2025 сылга 8,4 млрд көрүллүбүт, ырытыы түмүгэ үбү 28 улуус көдьүүстээхтик, 6 улуус ситэтэ суох көдьүүстээхтик, оттон икки улуус көдьүүһэ суох туһаммыттарын көрдөрбүт. Быйыл 6,8 млрд солк. (тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бырагырааматыгар анаммыт үп 64 %-а) көрүллүбүт, сэтинньи 4 күнүнээҕи туругунан, ол харчы 94 %-а улуустарга тиэрдиллибит.
Анна Стручкова өйөбүл мэхэньиисимин итэҕэс өрүтүнэн бүддьүөтү таһынан үп кыайан учуоттамматын итиэннэ тиэрдиллибит харчы туһаныллар хайысхата уонна ыстаапкалар кээмэйдэрэ улуус ахсын тус туһунан буолан, субсидияны туттууну хонтуруоллуур судургута суоҕун ыйда. Инньэ гынан манна өссө үлэлэһэр эрэйиллэрин эттэ.
Улуустарга хайдаҕый?
Салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин уонна Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев тустаах улуустарыгар ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы билиһиннэрдилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйата кэҥэтиллиэҕиттэн, үүт соҕотуопкатын көрдөрүүтэ 27 %-ынан үрдээбит, икки сыллааҕыта үүтү 104 хаһаайыстыба туттарбыт, билигин 123 хаһаайыстыба үүккэ үлэлиир. Матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баасаны хаҥатыыга былырыын 460 сүөһүгэ анаммыт 6 хотон, ол иһигэр дьоҕус үлэ эбийиэктэрин тутуу бырагырааматынан сүүстүү сүөһү турар хотоннорун «Томтор» ХЭТ, «Илгэ» кэпэрэтииип (Төхтүр) үлэҕэ киллэрбиттэр. Быйыл бу бырагырааманан «Сүүрээн» кэпэрэтиип (Бэдьимэ), «Хаххах» өҥөнү оҥорор кэпэрэтиип (Балыктаах) хотон туттубуттар. Бу хайысханан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 79,9 мөл. солк., олохтоох бүддьүөттэн 46 мөл. солк. көрүллүбүт, хаһаайыстыбалар 10,8 мөл солк харчыны укпуттар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин ахсаанын элбэппиттэр, холобур, иллэрээ сыл ыанар ынах ахсаана 3 122 буоллаҕына, билигин 4 010. Көрдөрүү тупсан, хамнас үрдээбит, 2025 сыл түмүгүнэн ыанньыксыт ыйдааҕы орто хамнаһа ынах ахсыттан 4 тыһ. туонна үүтү ыыр «Чүүйэ» муниципальнай-унитарнай тэрилтэҕэ 185 тыһ. солк., ынах ахсыттан 3,7 тыһ туонна үүтү ыыр «Хорообут» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ 92 тыһ. солк. тиийбит.
– Маннык кирбии өйөбүл саҥа мэхэньиисимигэр, кэҥэтиллибит боломуочуйа чэрчитинэн үлэлиир саҥа бырагыраамаларга, хаһаайыстыбалары кытары утумнаах үлэ ыытылларыгар тирэҕирэн итиэннэ тыа сирин үлэһит дьонун сыраларынан ситиһилиннэ. Түмүкпэр маннык этиилэри киллэрэбин: хаһаайыстыбалар үлэлэрин-хамнастарын эрдэттэн былаанныылларыгар тупсаҕай буоларын туһугар өйөбүл мэхэньиисимин үлэлиир болдьоҕун биэс сылтан кылгатымыахха, субвенцияны тыырарга улууска төһө сүөһү-сылгы, бааһына баарын учуоттуохха, сүөһү ахсаанын аччаппат инниттэн өҥөнү оҥорор кэпэрэтииптэри өйүөххэ, дьоҕус эбийиэктэри тутуу бырагырааматын өссө кэҥэтиэххэ. Тыа хаһаайыстыбатын кэккэ боломуочуйалара бэриллэллэригэр олохтоох салайыныы уорганнарыгар ханнык хайысхалары чорботору быһаарар, өйөбүл кээмэйин олохтуур быраап бэриллибитэ. Ол эрээри, ону олоххо киллэрээри гыннахха, холобур, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2021 сыл ахсынньы 13 күнүгэр таһаарбыт олохтоох салайыныы уорганнарыгар тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ бэриллэр субвенция кээмэйин нормативтарын бигэргэтэр туһунан 515 №-дээх уурааҕын чэрчитинэн муниципальнай ыстаапкалары үрдэттэххэ, хонтуруоллуур уорганнар харчыны атын сыалга туһаныы биитэр көдьүүһэ суох туттуу быһыытынан көрөллөр, онон сокуоҥҥа өйөбүл ыстаапкатын чопчулааһыҥҥа укккэ уларытыы киирэрэ наада, -- диэтэ Дмитрий Тихонов.
Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ бэриллибит боломуочуйалар улуустарга улахан хамсааһыны, сэргэхсийиини таһаарбыттарын, бары хайысхаларынан көрдөрүүлэр тупсарыллыбыттарын бэлиэтээтэ.
– Кэлэр өттүгэр боломуочуйа өссө да кэҥэтиллэ, үбүлээһинэ үрдүү турарыгар баҕарабыт. Онон, салааны үбүлээһин кээмэйин 2026 сыл таһымыттан намтатар уонна бэрээдэгин уларытар табыллыбат, чахчы көдьүүстээхтэрин көрдөрбүт дьоҕус эбийиэктэри тутуу уонна сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин бырагыраамаларын салгыахха. Быйыл үүт соҕотуопкатын харчытын уонна кэтэх ыаллар ыанар ынахтарыгар ороскуот сорох чааһын толуйуу быһыытынан көрүллэр субсидияны, норуокка судургутук этиллэринэн, «төбө харчытын» толору кээмэйинэн көрүөххэ, – диэтэ Амма баһылыга.
Бу этиини ситэрэн, Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев үбүлээһин ситэтэ суоҕуттан соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэр хаһаайыстыбаларга үүт харчытын ситэ төлүү иликтэрин кэпсээтэ. Тоҕо диэтэххэ, субсидия 3,9 тыһ туонна үүккэ көрүллүбүт, 382 туоннаҕа эбии сайаапкалаабыттарыттан 150 туонна бигэргэммит, аны 230 туоннаҕа эбии үбүлээһин эрэйиллэр эбит.
– Миэстэҕэ үлэни-хамнаһы сүрүннүүр исписэлиистэр хамнастарын төлүүргэ харчы тиийбэт, күн бүгүн ахсынньытааҕы хамнаска харчы суоҕунан, тыа хаһаайыстыбатын департамена үлэһиттэрин төлөбүрэ суох уоппускаҕа ыытар туруктаах олорор. Оттон министиэристибэ хамнаска хос үбүлээһини оҥорор оннугар, боломуочуйа бэриллибитинэн, улууска сыҕайда. Ити Бүддьүөт кодексыгар сөп түбэспэт. Онон, ытыктабыллаах дьокутааттар, бу боппуруоска болҕомтолоохтук сыһыаннаһаргытыгар көрдөһөбүн. Кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин хамнастара үбүлэммэт түбэлтэтигэр, улуус бэриллибит боломуочуйаттан аккаастанарыгар тиийэр,-- диэтэ Иван Евсеев.
Харчы: хамнаска, үүккэ, төбөҕө
Үгүс ыйытыы сүрүннээн үбүлээһин тула эргийдэ. Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов ыйытыыта дьон барыта долгуйар кыһалҕатыгар туһуланна:
– Тыа хаһаайыстыбатын департаменнарын үлэһиттэрин хамнаһыгар төһө харчы нааданый?
Онуоха департаменнар үлэһиттэрин хамнаһын пуондата, үбүнэн хааччыйыы лимиитин быһыытынан, сыл саҕаланыытыгар улуустарга барыларыгар тиэрдиллибитэ, хамнас көҕүлүүр чааһа, бириэмийэ лимииккэ сөп түбэһиннэриллиэхтээҕэ эрдэттэн сэрэтиллибитэ быһаарылынна. Дьэ ол иһин, билигин хамнаска харчы суох диир департаменнарга тустаах улуустарын дьаһалтатыттан сураһарга этэр эбиттэр.
– Бу боппуруоһу кытаатан хонтуруолга ылыҥ. Сыл бүтүөр диэри үүккэ уонна төбөҕө төһө харчы нааданый? – диэтэ норуот дьокутаата.
– Барыта 880 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр, ол иһиттэн 470 мөлүйүөн үүккэ, ордубута кэтэх ыаллар ыанар ынахтарыгар, – хоруй дьэҥкэ буолла.
Исписэлиистэри тыытымаҥ!
Быйыл күһүн министиэристибэ боломуочуйалары сааһылыыр үлэ чэрчитинэн, бүддьүөт үбүн көдьүүстээхтик туттуу бэрээдэгинэн итиэннэ «1С», ВетИС/Хорриот, электроннай бүддьүөт уо.д.а. курдук иһитиннэрэр-биллэрэр тиһик киллэриллэн үлэ биллэрдик кудумсуйбутун быһыытынан, сүүстэн аҕыйах сүөһүлээх (сылгылаах, табалаах...) муниципалитеттар дьаһалталарын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлиистэрин ахсаанын сарбыйарга, оттон бэйэ-бэйэлэриттэн үс көс иһинэн чугас олорор икки нэһилиэккэ биир исписэлииһи көрөр туһунан сүбэни оҥорон улуустарга ыыппыта.
– Исписэлиистэри сарбыйан, төһө харчыны кэмчилииргэ суоттанаҕытый? – диэн Ньургуйаана Заморщикова ыйыппытыгар, «60 мөлүйүөнү» диэн иһилиннэ. Дьокутаат бу сүбэҕэ туох быһаарыыны ылынан олороллорун туһунан улуустар баһылыктарыттан сураспытыгар, Бүлүүгэ түөрт, Аммаҕа биэс ыстааты сарбыйар боппуруос үөрэтиллэ сылдьар дэстилэр.
Норуот дьокутааттара исписэлиистэри сарбыйыы былаанын утаралларын биллэрдилэр. Ил Түмэн олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев маннык эттэ:
– Доҕоттоор, 15 сыл анараа өттүгэр нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин ыстааттарын көрүү хайдах курдук сыранан ситиһиллибитин өйдүүр инигит? Бу – нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын сүрүннүүр, сайдыы стратегиятын оҥорор, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары чааһынай-бааһынай хаһаайыстыбалары кытары үлэлиир-хамсыыр дьоммут эбээт. Ону төрүт тыыттарымыахха, хата, кинилэр тыа сиригэр толору үлэлииллэрин хааччыйыахха, – диэтэ.
Салгыы икки үйэ алтыһар кирбиитигэр Филипп Охлопков салалтатынан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бырагырааматын ырытан оҥорууга үлэлээбитин, ол дьоһун суолталаах докумуон чэрчитинэн, бүддьүөт үбүнэн бигэргэммит үүт соҕотуопката тэриллибитин туһунан кэпсээтэ.
– Туохха тирэҕирэн үүт туттарыллар сыанатын быһаарар туһунан мөккүөр оччолорго да баара. 2016 с. тыа хаһаайыстыбатын саҥа сокуона ылылларыгар тирэх быһыытынан үүт бэйэҕэ турар нуормаламмыт сыанатын оҥорорго быһаарбыппыт. Туттарыллар сыана үүт бэйэҕэ турар сыанатыттан итэҕэһэ суох буолуохтаах этэ да, хомойуох иһин, ити бириинсип күн бүгүн тутуһуллубат. Ону сокуонунан өссө төгүл бигэргэтэр эрэйиллэр. Иккиһинэн, Вячеслав Штыров 2002 с. Бэрэсидьиэнинэн талыллаат: «Саха Бырабыыталыстыбата быһаарыахтаах саамай сүрүн боппуруоһа тыа хаһаайыстыбата буолар, атын салаалар бары бүддьүөттэн ылар, быһаарыллыбыт үптээхтэр. Онон биһиги тыа хаһаайыстыбатын өйүөхтээхпит, тус дохуоппут 10 %-ыттан итэҕэһэ суох харчыны көрөргө кыһаныахтаахпыт», – диэбитэ. Дьэ биһиги итини ситиһэргэ дьулуһуохтаахпыт. Балаһыанньа уустуга өйдөнөр эрээри, үбүлээһини толору көрүөх тустаахпыт, онуоха үүт субсидиятын үүт бэйэҕэ турар нуормаламмыт сыанатынан сирдэтэн оҥоруохтаахпыт. Сыллата төһө туонна үүт туттарыллан астанара барыллаан биллэр, ахсаан судургу.
Аартыканы умнумуохха
Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева болҕомтону хотугу төрүт салаалары сайыннарыыга туһаайда: "Таба салаатыгар сөптөөх үлэ тэриллэр, үп көрүллэр буолан, көрдөрүү үчүгэй. Оттон атын салааларга үлэ үөтэлээбэт, ону туоһулаан, министиэристибэ төһө бородууксуйа оҥоһуллубутун туһунан отчуоттуур табылыыссатыгар барыта «нуул» сыыппаралар кэчигирэһэн тураллар. Киһи харааста, хомойо көрөр. Хайдах гынан маннык балаһыанньаттан тахсары бары көмөлөөн толкуйдуурбут эрэйиллэр. «Оҕолорбут доруобуйалара мөлтөөтө», -- диибит. Ити барыта астан-үөлтэн тутулуктаах. Урбаанньыттар болдьоҕо ааһан хаалбыт араас аһы илдьэллэрэ мэлдьэһиллибэт. Онон, үп суох диэн баран сууланан кэбиспэккэ, үлэни-хамнаһы тэрийэр хамсааһыны таһаарыахтаахпыт. Билигин килиимэт уларыйан, хотугу улуустарга даҕаны биирдилээн ыаллар оҕуруот аһын, хортуоппуйу хото үүннэрэр буоллулар. Балык, сир аһа эмиэ баар. Олохтоох дьаһалталар дьэ олорго тирэҕирэн, дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн, дьоҕус киэбинэн үлэлиэхтэрин сөп, бөдөҥ хаһаайыстыбалары тэрийэр кыах суох быһыылаах".
Саҥа сүүрээн билиннэ
Дьокутааттар харчы кэмигэр тиэрдиллэрэ наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Ил Түмэн култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Куличкин сыллааҕы харчыны олунньуга ыытар оннугар, алтынньыга-сэтинньигэ тиэрдэллэрин уонна тута отчуот көрдүүллэрин, ону кыайбакка харчыларын төннөрөргө күһэллэллэрин туһунан улуустар мэлдьи этэллэрин санатта. «Импортозамещение» диэн баар, биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабыт диэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата буолар, онон судаарыстыба интэриэһинэн салайтаран, өйөбүл дьоммут-сэргэбит дьарыктаах-дохуоттаах, астаах-үөллээх, чэгиэн доруобуйалаах буолалларыгар ананыахтаах, кэмигэр тиксэриллиэхтээх диэтэ. Тихон Скрябин дойдуга дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары өйүүр туһунан кэнсиэпсийэ ылыллыбытын эттэ, онон биһиги боломуочуйаны улуустарга биэрэн сөпкө хамсаммыппыт, аны үбүлээһин ырычааҕын тупсаран, тыа сиригэр үлэлииргэ-хамсыырга табыгастаах усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит диэтэ. Татьяна Тымырова өйөнүллэр хайысхаларга түргэнник ситэр салаалары, мүөттээх ыҥырыаны иитиини таһынан балыктааһыны уонна килиэби астааһыны киллэрэргэ эттэ.
– Бүгүҥҥү истииттэн саҥа сүрээн билиннэ, суолбутун-ииспитин тобулан, үбү-харчыны сааһылаан эрэр эбиппит. Ити 2018 сылтан саҕалаан, саҥа мэхэниисиминэн ыытыллан кэлбит үлэ түмүгэ буолар, ону улуус баһылыктарын этиилэригэр иһиттибит. Кинилэр боломуочуйа кэҥэтиллэн бэриллиитин көдьүүстээх уонна итэҕэс, болҕомтону эрэйэр өттүлэрин чопчу ыйдылар, түмүк докумуоҥҥа олору барытын учуоттуурга этэбин. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев тыа хаһаайыстыбата сүрүн чорбутуллар салаа буоларын мэлдьи бэлиэтииллэр. Онон үбүлээһин кээмэйин төрүт аччатымыахха, инфляциянан сибээстээн, субсидия ыстаапкаларын үрдэтэн иһиэххэ итиэннэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо төһө кыалларынан чэпчэтиилэри оҥорон, үлэни-хамнаһы атахтыыр хааччахтааһыннары туоратан иһиэххэ наада, – диэтэ сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин.
Норуот дьокутааттара истиигэ киирбит этиилэринэн Түмүк сүбэ барылын ыллылар, ону салгыы чочуйан баран, Ил Түмэн буолаары турар пленарнай мунньаҕар бигэргэтиигэ киллэрэргэ быһаардылар.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



