Ыраах нэһилиэккэ чоҕунан оттуллар сүрүн эбийиэгинэн ааттанар киин хочуолунай тутаах үлэһитэ хамнаһын ылбакка кирэдьиитин кыайан төлөөбөтүттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ хас эмэ уонунан млрд. солкуобай суумалаах иэһин хайдах гынан сабарын кыһалҕата биир сэтиигэ сылдьар улахан моһуогунан буолла. Биллэрин курдук, бу боппуруос хас эмэ сылларга куутуйаланан, дьарҕа ыарыы курдук Саха Сирин бары муннуктарыгар тиийэ тарҕанна. Ол туһунан 2025 сылга Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев хомунаалынай субсидия суумата күн-түүн улаата туруута кэлэр сылларга бүддьүөт уйбат таһаҕаһыгар кубулуйуоҕа диэн сэрэппитэ, сөптөөх миэрэлэри ыларга ыҥырбыта.
ҮҮНЭ-ТЭҺИИНЭ СУОХ БАРБЫТ КЫҺАЛҔА
Ити сыл Ил Түмэн тутууга, дьиэҕэ-уокка, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин «Ил Түмэн» хаһыакка субсидия кыһалҕата хантан-хайдах үөскээн тахсыбытын быһааран, чопчулаан турардаах. “Күн бүгүн нэһилиэнньэ хомунаалынай өҥөнү, ититиини өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир тэҥ соҕус тарыыбынан төлүүр, онтон ону хааччыйыы ороскуота тус-туһунан. ОДьКХ судаарыстыбаннай тэрилтэ 28 улууһу сылааһынан хааччыйар, нэһилиэнньэ 74 %-нын хабар, хомунаалынай өҥөнү оҥорор 100-тэн тахса бэдэрээтчиттээх. Сылааһы биэрэр тэрилтэ дьиҥ ороскуотун уонна нэһилиэнньэ төлөбүрүн араастаһыыта субсидия диэн ааттанар. Холобур, киин улуустарга ОДьКХ өҥөтүн 11 % төлүүбүт, хаалбыт сууматын бырабыыталыстыба толуйар. Субсидияны 150-тан тахса хомунаалынай өҥөнү оҥорор тэрилтэ ылар. 2020 с. диэри бүддьүөккэ субсидия 95 % көрүллэр этэ, оччолорго 15-18 млрд. солкуобай ааҕыллара. 2023 с. үбүлээһин кыччаан барбыта. Бииринэн, 2012 сылтан оһохтоох кэтэх дьиэлэри киин ититиигэ холбооһун күүскэ ыытыллыбыта. Хочуолунайдары тутан, киин ититиигэ холбонорго, ситими атыылаһарга үп-харчы көрүллүбүтэ. Биир өттүнэн субсидия кээмэйэ үрдээн барбыта. Тэрилтэ кэмигэр сылааһы биэриэн, оттугу тиэйиэн, ситим алдьаннаҕына өрөмүөннүөн, хамнаһы төлүөн наада, ол иһин кирэдьиити ыларга күһэллэр, ол иэс билигин 28 млрд. солкуобайга тиийдэ.
Аны 2023 с. оттук сыаната үрдээбитэ, ол сыанатын судаарыстыба буолбакка, биржа быһар. Ньиэп сыаната биир кэмҥэ чэпчии сылдьыбыта, ол хочуолунайдары убаҕас оттукка көһөрбүтэ. Таас чох, ньиэп, гаас, убаҕас оттук сыаната ититии төлөбүрүгэр 50 % ылар. Ити хас даҕаны өрүт мунньуллан, өрөспүүбүлүкэ хомунаалынай хаһаайыстыбата уустук кэмҥэ киирбитэ”, – диэн бэлиэтээн эппитин санатар оруннаах.
Манна эбии ситэрэн биэрдэххэ, хомунаалынайдар үлэһиттэригэр хамнаһы төлүүллэригэр үптэрэ тиийбэтин ааһан, оттугу хостооччуларга, тиэйээччилэргэ, энэргиэтиктэргэ төлөнүөхтээх хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөнүнэн иэскэ тириэрдэн турар.
ҮРДЭЭҺИНИ ТОХТОТОРГО ТУҺУЛААН
Ону быһаарарга 2026 сыл саҕалыанаҕыттан СӨ Бырабыыталыстыбата уонна парламена кыттыгас, биир соруктаах үлэни ыытар. Хомунаалынай хаһаайыстыбаны субсидиялааһын үрдэ суох барыытын тохтотор сыалтан Ил Түмэн дьокутааттара ааспыт нэдиэлэҕэ Бырамыысыланнас сайдыытын пуондатыгар 100 мөл. солкуобайы көрдүлэр. Бу харчы куонкурус түмүгүнэн төнүннэрэр чэпчэтиилээх сойуом пуорматынан бэриллиэҕэ.
Ааспыт өрөбүллэргэ парламеҥҥа бүддьүөтү көрүү иккис ааҕыытыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн Сөбүлэһии хамыыһыйата Таатта улууһугар суортаммыт уонна таараламмыт таас чох туһунан бырайыагын билиһиннэрбитэ. Чох сыанатын тутууга уонна үлэ хаачыстыбата тупсарыгар сыалламмыт саҥа былааны норуот дьокутааттара Александр Корякин уонна Юрий Николаев билиһиннэрдилэр.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Бочков бу көҕүлээһини өйөөн: «Хочуолунайдары маннык суортаммыт чоҕунан оттууга көһөрүү улахан кэмчилээһини аҕалыан сөп. Ол курдук, ааҕан көрөн сыаналаатахха, 230 тыһ туонна чоҕу көһөрүү сылга 300-400 мөл. солкуобай тарыыптар икки ардыларынааҕы арастаһыыны субсидиялааһын харчытын кэмчилиэҕэ. Холобура, аҥаардас Амма улууһугар биэс сыл устатыгар тарыыптар 1 Гкал иһин 11 872-тэн 8000-9000 солкуобайга диэри түһүөхтэрин сөп. Кэмчилээһин логистика суотугар оҥоһуллар кыахтаах. Дьааҥы улууһугар судургутук тиэллэн ыытыллыбыт чох оннугар таараламмыты тириэртэхпитинэ, сыл устата хас да мөлүйүөн солкуобайы кэмчилиэхпитин сөп», – диэн хамыыһыйа мунньаҕын кэмигэр эттэ.
Норуот дьокутаата Владимир Прокопьев быһаччы: «Бэйэбит чох разрезтардаах эрээри, чоҕу Хакасияттан тиэйэрбит сатаммат. Манна бэйэбитигэр чоҕу хостооһуну сайыннарыахтаахпыт», – диэн чуолкайдаата. Өрөспүүбүлүкэ парламена бырабыыталыстыбаҕа субсидия үрдээһинин тохтотуу тэрээһиннэригэр олохтоох аччыгый чох разрезтарын киллэрэргэ ыйда.
Норуот дьокутааттара бу былаан көдьүүһүн ааҕыы, дьүүллэһии кэмигэр: «Чоҕу суортааһыҥҥа угуллубут хас биир солкуобай түөрт буолан төннүөҕэ», – диэн эттилэр. Дьокутаат Юрий Николаев бырабыыталыстыба бу хайысхаҕа дьэ сөптөөх хамсааһыны таһааран, анал миэрэлэри ылынан эрэрин бэлиэтээтэ. Кини бу бастакы саҕалааһыны хайаан да өйүүргэ уонна салгыы төһө көдьүүстээхтик үлэлиирин хонтуруолга ыларга ыҥырда.
Бу соруктары толоруу хомунаалынай хаһаайыстыба үлэтигэр уларытыыны киллэриитэ суох, салайар каадырдары кытта үлэни күүһүрдүбэккэ эрэ сатаммата биллэр. Бырабыыталыстыба ону учуоттаан, бу кэлиҥҥи биир ый устатыгар хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтин салайар икки сүрүн дуоһунастарга саҥа дьону анаабытын бэлиэтиэххэ сөп. Ол курдук, бу эйгэни сүрүннүүр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан Николай Бочков ананыытын Ил Түмэн толору өйөөбүтэ. Аны аҕыйах хонуктааҕыта СӨ ОДьКХ-тын уонна энэргиэтикэтин миниистиринэн Сергей Киров анаммытын санатабыт.
УЛУУСТАРГА ЧОХ ТИЭЛЛЭР
Быйыл бастакы хаар түһүөҕүттэн Саха Сирин сорох улуустарын хочуолунайдарыгар чох саппааһа аҕыйаабытын, тиийбэтин туһунан боппуруос турбута. Ол курдук, Амма улууһугар ыксаллаах балаһыанньа кытта биллэриллэ сылдьыбыта, Алдан куорат киин хочуолунайыгар чох бүттэ диэн суһал иһитиннэрии өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ.
ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, сэтинньи 9 күнүттэн саҕалаан 14 күнүгэр диэри Амма улууһугар олоҕу- дьаһаҕы хааччыйыы эбийиэктэригэр 3,8 тыһ. туонна таас чоҕу тиэйдилэр.
Таас чоҕу Харбалаахтааҕы таас чох разреһыттан «Харбалаах-Амма» массыына суолунан таһаллар. Тиэйии кээмэйин элбэтээри эбии таһаҕас массыыналарын ыыттылар. Үлэ оттук саппааһын элбэтиигэ уонна олорор дьиэлэри уонна социальнай тэрилтэлэри туруктаахтык сылааһынан хааччыйаары ыытылынна. Оттон Алдан улууһун хочуолунайдарыгар анаан 21,8 тыһ. туонна таас чоҕу ыыттылар. Чохтоох бастакы богуоннар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар сэтинньи 20 күнүгэр кэллилэр.
Эрдэ, алтынньы 26 күнүгэр, Алдан улууһунааҕы «Теплоэнергосервис» МУП-ка оттук сезонугар чоҕу атыылаһарга эбии 60 мөлүйүөн солкуобайы көрбүттэрэ. Саха Сирин Бырабыыталыстыбата оройуоннарга уматык саппааһын хаҥатыыга аналлаах үлэни салгыыр.
ХАМНАСКА ИЭС ТӨЛӨНҮӨҔЭ
«СӨ ОДьКХ» судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнас иэһин төлөөһүнү өрөспүүбүлүкэ салалтата ураты хонтуруолга тутар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков сэтинньи 17 күнүгэр билиһиннэрбитинэн, тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнаска иэһин 209 мөл солкуобайга диэри аччатта. Күн аайы иэһи сабыыга 10-15 мөл. солкуобай ыытыллар. “Хамнаска иэһи төлөөһүн тэрилтэ бастакы нүөмэрдээх соругунан буолуохтаах. Бу тэрилтэ үбүлээһинин чэбдигирдии чэрчитинэн 2026-2028 сылларга эбии харчы көрүллүөҕэ. Сүрүн чааһа оттугу уонна эниэргийэ өрөсүүрсэлэрин атыылааһыыга ананыаҕа. Тэрилтэ кыһыҥҥы кэмҥэ үлэтэ туруктаах буолуохтаах, хамнаһы хойутаппакка биэрэн, бэдэрээтчиттэрин кытта кэмигэр төлөһөн иһиэхтээх.
Билигин хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрдэри оҥорботохтору, иэстээхтэри кытта үлэ күүскэ ыытыллар. Суут нөҥүө ирдэбил оҥоһуллар, биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа хас биир төлөммөтөх түгэннэринэн аадырыстаммыт дьүүллэһиини ыытар”, – диэн Кирилл Евгеньевич билиҥҥи балаһыанньаны иһитиннэрдэ.
Хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрин хамнаһын туһунан лаппыйан чопчулаатахха, СӨ Үпкэ миниистирин э.т. Иван Алексеев быһаарбытынан, “СӨ ОДьКХ” судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ үлэһиттэрин хамнаһа бүддьүөттэн көрүллүбэт, тэрилтэ бэйэтэ оҥорбут өҥөтүн иһин киирбит дохуотуттан төлөнөр. Тэрилтэ бүддьүөттэн тарыыптар икки ардыларынааҕы араастаһыыга субсидия харчытын ылар. Ол харчы тэрилтэҕэ болдьоҕун иннинэ киирэрин туһунан миниистир э.т. тоһоҕолоон эппитин болҕойуохха сөп.
ХАСТА ДА ТӨХТҮРҮЙЭН
Өрөспүүбүлүкэ 2027 сыллааҕы уонна онтон кэлэр сылларга бүддьүөтү иккис ааҕыыга көрүүгэ норуот дьокутааттара олох-дьаһах хомунаалынай хаһайыстыбатын үбүлээһин чааһыгар хаһааҥҥытааҕар да ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтиини, дьүүллэһиини таһаардылар.
Оттон сэтинньи 26 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын иккис күнүгэр, 2026 сыл бүддьүөтүгэр көннөрүүлэри көрүү кэмигэр хомунаалынай субсидия иэһин сабарга дьайыылаах быһаарыыны ыллылар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн көннөрүүгэ эбии үбүлээһин туһунан боппуруоһу көрүү тохтоон турбут эбит буоллаҕына, икки аҥаар сыл ааспытын кэннэ бастакытын улаатыннарыы өттүгэр көрдүлэр. Норуот дьокутааттара бу көннөрүү кэмигэр Ил Дархан киллэрбит бырайыагын өйөөн, хомунаалынай субсидиятыгар үөскээбит иэһи сабыыга эбии 5,5 млрд солк үбү ыытарга сөбүлэстилэр. Онон бу хас эмэ сыллар усталарыгар соһуллан кэлбит кыһалҕаны быһаарыыга туһуламмыт тиһиктээх мэхэньиисим көдьүүстээхтик үлэлээн эрэрин көрдөрөр.
Алексей МАТВЕЕВ.
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
