Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Быйылгы курдук ойуур уота тохтообокко күүдэпчилэммитин, иэдээн эҥээрдэммитин саастаах, кырдьаҕас да дьон өйдөөбөт буолуохтаахтар. Ойуур, тыа умайара өрүүтүн баара, ол эрээри син бохсуллар, тохтотуллар буолар этэ. Быйылгы уокка айылҕа, күн-дьыл бэйэлэринэн күүс-көмө буолан биэрдилэр.

Быйылгы курдук ойуур уота тохтообокко күүдэпчилэммитин, иэдээн эҥээрдэммитин саастаах, кырдьаҕас да дьон өйдөөбөт буолуохтаахтар. Ойуур, тыа умайара өрүүтүн баара, ол эрээри син бохсуллар, тохтотуллар буолар этэ. Быйылгы уокка айылҕа, күн-дьыл бэйэлэринэн күүс-көмө буолан биэрдилэр.

Дьэ, сүрдээх, эчи, буолар да эбит. Буорахтаах буочука үрдүгэр олорор курдук сананар буоллубут. Мэктиэтигэр өрөспүүбүлүкэбит сирин аҥаарыгар чугаһыыр иэнэ умайа турар. Улахан уот үөһэнэн быраҕаттанан көтөн, таптаабыт сиригэр тиийэрэ, улахан кутталы үөскэтэрэ, кыайтарбат буолара үчүгэйдик биллэр. Ол да үрдүнэн, быйылгы уот адьас туспалаах, дьиктилээх уот буолла. Бу уот умуллар, тохтотуллар күннээх буоллаҕына, хас да сыллаан булгуччу чинчиллиэн, үөрэтиллиэн наада. Маннык түбэлтэ өссө хатыланар күннээх буоллаҕына, олохпут букатыннаахтык ыарыан, өссө кутталланыан сөп.

Барыбытыгар үөрэх буолуо

Уоту утары охсуһар күүһү тэрийии, хаҥатыы, бу кыһалҕа сорҕотун эрэ быһаарыы. Үйэлэри туораан кэлбит норуот уопута мунньуллуон, сэбилэниигэ ылыллыан, науканан чинчиллибит уонна бигэргэммит араас өрүттээх үөрэх, сүбэ, ыйыы-кэрдии наада буолла. Дьиҥэр, маннык дьаһаныы бүтүн судаарыстыба таһымыгар тэриллиэхтээх этэ. Икки атахтаах сайынным диэн сананан, наһаа баран, олорор мутугун кэрдинэрин улахаҥҥа уурбат курдук майгыламмыта үйэ курдук кэм буолан эрэр.

Бу уот моһолу мүччү түһүөхпүт диэн, бары күүстээх эрэллээхпит. Инникитин, бэйэбититтэн тутулуктаммакка, хатыланыан сөптөөх маннык алдьатыылаах түбэлтэни таһаарбат туһугар турунуохтаахпыт. Тапталлаах Сахабыт Сирин бүттүүн дьоно-сэргэтэ бу быйылгы суостаах түбэлтэттэн куойаларыгар-маҥкыларыгар дириҥник оҕустарбыттара адьас дьэҥкэ. Хайыахпытый, барыбытыгар үөрэх буолуо буоллаҕа.

Былыр былыргыттан дьон-сэргэ күн туллар, күһэҥэ быстар иэдээннээх быһыыта-майгыта бүрүүкээн кэллэҕинэ, бииргэ түмсэр, сарын сарынтан өйөһөн, олох туһугар охсуһууга турунар албаннаах үгэстээх. Оттон кутталга бас бэринэн олорон биэрбит эбэтэр ким баһа хайа диэки хайыһарынан үрүө-тараа ыһыллан хаалбыт -- тыыннаах ордубат. Биһиги уйаммытын-хатаммытын тургутан көрөр быйылгы сайыҥҥы айылҕа кубулҕатын, баҕар, мастаабынан оннук айылаах улахан иэдээҥҥэ киирсибэт диэччилэр баар буолуохтара гынан баран, уоту, курааны кытта охсуспуттар онуоха сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа.

Үчүгэйтэн хайдах үөрбэт буолуоҥуй?

Куһаҕан куһаҕанынан, оттон үчүгэйтэн киһи син биир үөрэр. Үөрэбит – дьоммут-сэргэбит түмсүүлээхтэриттэн, ыччаппыт ыраас уонна эрдээх санаалааҕыттан. Тыабыт сирин дьоно быһаччы уот ортотугар олорор. Кинилэргэ күннэтэ куттал суоһуур. Бэйэлэригэр буолбатаҕына, дьиэлэригэр-уоттарыгар, хаһаайыстыбаларыгар.

 Ыйы ыйдаан уоту кытта охсуһа сылдьар аҕыйаҕа суох дьон баар буолуохтаах. Тыа дьоно сүөһү-ас тутан, онон дохуоттанан олорор. Сүөһү кыстыкка киирдэҕинэ, уот баһаара барбыта диэ суоҕа, син биир күннэтэ аһыан наада. Муҥ маһы кэрийбэт, киһини булар. Быйыл күүскэ курааннаата. Бу үлүгэрдээх үөһэттэн курааҥҥа, аллараттан уокка хаһан, хайдах дьон түптээн-таптаан оттонуон сөбүй? Аны сыратын-сылбатын быһан туран, ханнык эмэтик оттонноҕуна даҕаны, «кытарарга» былдьатыа суоҕа диэн ким мэктиэлиэй? Уокка былдьаммыт бэс күөллэр кыбыыларыгар тиэммит төһөлөөх отторо күл-көмөр буолбутун сэрэйэн көрө сатыахха эрэ сөп.

Устар сайыны быһа сымалалаах буруо чаанынан тыыммыт олохтоох дьон, оҕо аймах доруобуйаларыгар оҕустарыыларын ким кэлэн чинчийиэ, чэбдигирдиэ баарай? Утарытынан ыалдьан, охтон барбатылар да, оннук хаалыа буоллаҕа.

Бэйэлэрин үтүө көҥүллэринэн

Ойуур уотун кытта охсуһууга от ыйын 19 күнүттэн тэриллэн үлэлии турар Доброволецтар өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай ыстааптарын үлэтэ-хамнаһа киэҥник иһиллэр-биллэр буолла. Бу аатыгар этиллэ сылдьарын курдук, бэйэлэрин үтүө көҥүллэринэн ойуур уотун утары охсуһарга быһаарыныы ылыммыт дьон түмсүүтэ буолар. Тус бэйэм кинилэри барыларын суобастара этэринэн салайтарар, ыраас санаалаах, төлөннөөх сүрэхтээх дьоннорунан ааттыам этэ. Ыстааптарыгар сырыттахха, сүнньүнэн, эдэр дьон буолар, соччонон сөҕө-махтайа көрөҕүн -- манна кэлэн, тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар саастаах дьону. Ыстаап салайааччыта – өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник иһиллэр-биллэр уопсастыбанньык, улугуруу диэн төрдүттэн сыстан көрбөтөх ураты көхтөөх киһи, олоҕор элбэҕи ситиспит улахан предприниматель Афанасий Алексеев.

949b1994 171e 4f44 955b d47168efb8ca

-- Бу ый 9 чыыһылатыттан ыстааппыт «Кыайыы 50 сыла» спорт киэҥ уораҕайыгар көһөн киирэн үлэлии олорор, -- диэн кэпсиир Афанасий Павлович. – Дьиҥнээҕинэн, от ыйын 19-гар тэриллэммит, доброволецтар хамсааһыннара саҕаламмыта. Бастаан блогер кыргыттар куорат нэһилиэнньэтиттэн харчы хомуйан, доброволецтары тардан саҕалаабыттара. От ыйын 18 күнүгэр улахан буруо тарҕанан, паромнар сырыылара тохтооннор, куорат олохтоохторо айманыах курдук буолбуттарыгар, күүһү түмэн үлэлиэххэ диэн сүбэлэһэн, ыстаап тэриммиппит. Онтон ылата бу күҥҥэ диэри, доброволец ыстааба уоту утары охсуһарга бэйэлэрин баҕаларын биллэрбит 1100-тэн тахса дьону түмэн, астарын-таҥастарын, туттар сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйан, уот араас фроннарыгар ыыталаан кэллэ. Ыстаабы, бэйэбиттэн ураты, өссө 7 киһи салайсар. Бастайааннай үлэһитэ 25-27 киһи, ол үөһэ 15 волонтер күннэтэ көмө буолар. Биһиэхэ хамнас төлөммөт, бэйэбит баҕабытынан үлэлиибит. Атын үлэлээх дьоҥҥо, тустаах тэрилтэлэрэ төлүөхтэрин сөп буолуо. Ыстаап, ыксаллаах быһыы-майгы букатыннаахтык тохтотуллуор эбэтэр уот баһаарын дьайыыта бохсуллуор диэри үлэлиэҕэ диэн былаанныыбыт.

Нэһилиэнньэттэн 8 мөл. солк. көмө харчы ыстаапка киирбитэ. Харчы туттуллуутун боппуруоһун 10 киһилээх салалта кэллиэгийэлээх сөбүлэһиинэн быһаарар. Төһө харчы ороскуоттаммыта, туохха туттуллубута дөкүмүөннэринэн отчуоттанан, уопсай билиигэ таһаарыллан иһэр. Ол харчыттан 1 мөл. солк. хаалбытыгар, ыстаап салалтата улахан тэрилтэлэртэн өйөбүл көрдөөн, ыҥырыы суруктары ыыталаабытыгар, ким да хардарбатаҕа. Ыстаап сабыллыах, доброволец хамсааһына тохтуох курдук балаһыанньата үөскээн киирэн барбыта.

 Бу ый 7 күнүгэр Людмила Валерьевна Николаева үлэбитин билсэр сыалынан ыстааппытыгар кэлбитигэр, үөскээбит балаһыанньабытын кэпсээн биэрдэхпит дии. Людмила Валерьевна ыстааппытыгар үлэлии киирэр баҕатын эппитигэр, бары эгди буола түспүппүт. Билигин балаһыанньабыт тосту уларыйда, харчыга кыһалҕабыт тохтоото. 20 мөл. солк. киирдэ, туох да күүркэтиитэ суох иккис тыыммытын ыллыбыт диэххэ наада.

доброякт

Ол оннугар атын кыһалҕалар үөскүүллэр. Куорат маҕаһыыннарын  үрдүнэн уокка туттуллар ранец, ыстыык лаппаакы, киирсэ саппыкы, бириһиэн таҥас, респиратор суох буолла. Бензопила, Дружба эрбиилэр эмиэ бүттүлэр. Бу күннэргэ «Якутия» авиа-хампаанньа 292 кэмпилиэк анал таҥаһы, 130 киирсэ саппыкыны бэйэтин суотугар аҕалан биэрэн, онуоха-маныаха диэри абыраата. Бэйэбитигэр бүппүт бары наадалааҕы өрөспүүбүлүкэ тас өттүнээҕи чугас куораттартан атыылаһа сатыыбыт. Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн биирдиилээн харчынан сиэртибэлээһин киирэр. Биһиги уот баһаарын утары охсуһууга туспа счет аспыппыт. Билигин ойуур уотуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Бэс Күөл олохтоохторугар гуманитарнай көмө пуунун астыбыт.

Доброволецтар хамсааһыннарыгар кыттыһалларыгар ыҥыран, билигин бары улуустар биир дойдулаахтарын түмсүүлэрин салалталарыгар таҕыстыбыт. Уот баһаардара турбут улуустарын биир дойдулаахтарын түмсүүлэрэ хара бастакыттан күүс-көмө буолбуттара ыраатта. Оттон уокка хабыллыбатах улуустар куораттааҕы дьонноро-сэргэлэрэ туора соҕус туттан сылдьаллара баар суол. Өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин бүттүүнүн уопсай дьыалата, иэдээнэ буоллаҕа. Мин дьиэм бүтүн турар диэн санаанан туора туран хаалар, хайдах да эргиппит-урбаппыт иһин, букатын табыллыбат суол буолар. 5-10 да киһи тиийэн, күүс-көмө буоллаҕына – улахан дьыала.

Бу үлүгэрдээх уһуннук салҕанан бара турар уоттан дьон сылайда, ордук тыа сирин дьоно. Күннэтэ уот ортотугар олорор дьон кинилэр буоллахтара. Ол иһин доброволецтары тардыыга улахан суолтаны биэрэбит. Баҕалаах аҕыйыа диэн куттана саныырбыт эмиэ баар. Билиҥҥитэ олохтоох нэһилиэнньэ, ол иһигэр предпринимателлэр күүскэ өйүүр буоланнар үөрдэллэр. Ыстааппытын бэйэлэрин суоттарыгар босхо аһата олорор эргиэнньиттэрдээхпит. Онон бу аҕыйах күннээх буолбакка, ыйынан салҕанан бара турар көмөнөн туһанарбытыгар улахан махталлаахпыт.

f0c89304 b070 4984 b823 c1b660ca63a1

Дириҥ түмүктээһиннэр оҥоһуллуохтарын наада

Бүттүүн күүһүнэн, «өстөөҕү» син биир иннин ылыахпыт. Сахабыт Сиригэр маннык улахан уот турбутугар, айылҕа уустуктарын таһынан, үс суол төрүөт баар. 2015 сыл сэтинньи 10 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбатын 1213-с №-дээх «Сэтиэнэх оту уоттааһыны бобор туһунан» уурааҕа тахсыбыта. Биир тылынан, өртөөһүн бобуллубута. Лаҥха, сэтиэнэх буолбут от, дэлэҕэ, буорах ыһыллан сытарыгар холонуо дуо? Иккис төрүөтэ, олоҕо суох оптимизациянан, каадыры сарбыйыынан үлүһүйүү. Сэбиэскэй кэмҥэ 100-тэн тахса “АН-2” сөмөлүөттээх, 1,5 тыһ. парашютист-десантниктаах. 1 тыһ. сирдээҕи сулууспалаах баһаарыһынайдардаах этибит. Ол үөһэ ойуур харыстабылын анал министиэристибэтэ уонна тэрилтэлэрэ бааллара. Билигин онтон туох ордубутун этэ да барыллыбат. «Ойуур – норуот баайа» дэнэрэ, билигин туох диэххэ сөп эбитэ буолла? Үсүһэ, олохтоох дьаһалталар матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй сэбилэниилэрэ быстар мөлтөх диэбэккэ, арааһа, төрдүттэн суох диир кырдьыктаах буолуоҕа.

“Айылҕаҕа, дьон-сэргэ олоҕор, норуот хаһаайыстыбатыгар сүдү оруоллаах бу салааҕа, маннык улахан охсуу кэнниттэн туох эмэ уларыйыы, саҥа дьаһаллары ылыныы, саҥаны киллэрии тахсыа дуо?” диэн ыйытыаҕы баҕарыллар.

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31