Ким билэр?
Бу ыйытыыга чопчу хоруйу устуоруйаҕа туйгун сыаналаах үөрэнээччи биэриэн сөп: “Норуот сомоҕолоһуутун күнэ биһиги, Арассыыйа норуоттара, биир сомоҕо буолан өстөөҕү кыайан, бары уустуктары туораан судаарыстыбаны бөҕөргөппүппүтүн кэрэһилиир, дойдубут үгүс үйэлээх устуоруйатын ытыктыырбытын биллэрэр бырааһынньыкпыт буолар. Устуоруйа чахчытынан, бу бырааһынньык XVII үйэ саҥатыгар буолбут быһыыны-майгыны кытта ыкса сибээстээх. Оччолорго, 1612 сыллаахха, тастан саба түспүт өстөөхтөртөн Нуучча сирин көмүскүүргэ нэһилиэнньэ бары араҥата, бары норуоттар туруммуттара”.
Устуоруйаны өйдөөн кылгастык кэпсээтэххэ маннык. 1612 сыл — Дмитрий Пожарскай уонна Кузьма Минин салалталаах норуот ополчениета Москва куорат Кытай-Куоратын поляк гарнизонуттан босхолообут. Поляктар Кириэмилгэ чугуйбуттар эрээри, сотору кэминэн бэриммиттэр. Манан өр сылларга былаас мөлтөөһүнүттэн үөскээбит Дьалхааннаах кэм (Смутное время) сүрүннээн түмүктэммитэ. 1613 сыл олунньутугар саҥа ыраахтааҕынан Михаил Романов талыллан, династия үөскээбитэ, 300 сыл устата биир ыраахтааҕы ууһа Арассыыйаны салайан кэлбитэ. Династия иккис ыраахтааҕыта Алексей Михайлович уурааҕынан сэтинньи 4 күнүгэр булгуччу бэлиэтэнэр бырааһынньык олохтоммута. Ити күнү Таҥара Ийэтигэр поляктартан босхолонууга көмөтүн иһин махтаныы күнү быһыытынан 1917 сылга диэри бэлиэтиир этилэр. Онон бу саҥа бырааһынньык буолбатах – былыргы бэлиэ күнү сөргүтүү буолар.
Солбуйар бырааһынньык?
Дьиҥэр, Арассыыйа Албан ааттаах кыайыыларын бэлиэтиир туһунан 1995 сыллаахха ылыллыбыт туспа сокуон баар, онно сэтинньи 4 күнэ – сүүрбэччэ ыйыллыбыт дааталартан биирдэстэрэ. Бырааһынньык сүрүн суолтата аатыгар баар – Арассыыйа иһигэр олорор дьон сомоҕолоһууларын уруйдааһын. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ сомоҕолуур суолтата дьэҥкэ өйдөнөр этэ – атыыһыт Кузьма Минин, норуот киһитэ, Дмитрий Пожарскай аристократия бэрэстэбиитэлэ, бэйэ бэйэлэриттэн тэйиччи араҥалар уопсай иэдээн иннигэр сомоҕолоһон кыайыыны ситиспиттэрин бэлиэтээһин. Оттон билигин, сословнай тутул суох кэмигэр, бу даата туох суолталааҕый? Ама 400 сыл анараа өттүгэр поляктары кыайбыппытын бэлиэтиибит дуо? Бэйэтин кэмигэр ити сабаҕа хаадьы төрүөтэ этэ. Бүгүн, хомойуох иһин, саҥа тургутуулар күннэригэр, бу толкуй ис хоһооно сөргүтүлүннэ…
Боппуруоска төннөн кэллэххэ, 2005 сыллаахха бэлиэ күнү олохтооһун бачыымын өйдүөххэ сөп – сэтинньи 7 күнүгэр бэлиэтэнэр хомуньуус былааһын биир сүрүн бырааһынньыгын – “Улуу Өктөөп” күнүн атынынан солбуйуу курдук сыаналыахха сөп.
Саҥа былаас урукку бырааһынньыктары саҥатытара былыр былыргыттан туһаныллар үгэс. Холобур, Нуучча сиригэр христианство үөдүйүүтүн кэмигэр язычество үгүс итэҕэлин бырааһынньыктарын саҥа таҥара күннэринэн солбуйбуттара. Ону билигин даҕаны ааспыт кэмнэр үгэстэринэн бэлиэтээн көрүөххэ сөп. Ороһуоспа күннэригэр уруккулуу Коляда күүлэйдэрэ хаалбыттар. Иван Купала күнэ (от ыйын 7 күнэ – Иоанн Кирэстиитэл Христоһу Иордан уутугар кириэстээбит күнэ) билигин даҕаны түҥ былыргы итэҕэл үгэстэринэн бэлиэтэнэр.
Сэбиэскэй былаас итэҕэл бырааһынньыктарын хомуньуустуу бырааһынньыктарга бэрт ситиһиилээхтик кубулутуу үлэтин ыыппыта. Холобур, Ороһуоспа оннугар Саҥа дьыл бырааһынньыгын олохтоон күн бүгүнүгэр диэри норуот олоччу таптыыр күнүн олохтообута. Пасха бырааһынньыгын чугаһыгар Үлэ уонна Эйэ күнүн уруйдуур Пиэрибэй маай биллэриллибитэ.
Онон, сэтинньи маҥнайгы нэдиэлэтигэр Өрөбөлүүссүйэ күнүн көрсөр оннугар саҥа былаас бырааһынньыга төрүттэммитэ өйдөнөр быһыы-майгы. Ол эрэн, тоҕо сүүрбэ сыл тухары бу бырааһынньык биир күүтүүлээх күҥҥэ кубулуйбата?
Мин санаабар маны быһаарар кэккэ төрүөт баар.
Үгэс — бырааһынньык тутула
Саҥа дьыл бырааһынньыга бэлэх бэрсиинэн, 12 чааска Бэрэсидьиэн этиитин истиинэн, түүн үөһэ салют ытыытын кэтээһининэн доҕуһуолланан күүтүүлээх буолара өйдөнөр. Ыам ыйын бырааһынньыктара хайаан даҕаны күргүөм хаамсыынан, даачаҕа тахсааһынынан, шашлык амсайыытынан бэлиэтэнэр. Дьахтар күнүгэр, Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр дьон-аймах биир аҥаара атын аҥаарын атаахтатар, бэлэҕинэн бэлиэтиир. Оннооҕор элбэх дьоҥҥо сыһыана суох Десантник күнэ былаахтаах хаамыынан, куорат фонтаннарыгар сөтүөнэн бэлиэтэнэр буолан өйгө хатанар. Сэтинньи 7 күнэ саастаах дьоҥҥо кыһыл былаахтаах күргүөм хаамыынан, кистии-саба сиэптэн хостонор “ититиинэн” өйгө ытарчанан хостоммоттуу өйдөнөн хаалбыта. Мин санаабар, Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэ үгэһэ билигин даҕаны булулла илик.
Биир бэлиэ тула түмсүү
Баҕар, саҥа бырааһынньык арыый өр кэминэн билиниллэрэ буолаарай? Бу толкуйу атын ситиһиилээх бырааһынньык утарар. Саҥа кэм бэлиэ күннэриттэн норуот билиниитин ордук ылбыт күнүнэн Куорат күнэ буолар. Хас куорат, улахан нэһилиэк аайы туспа бэлиэтэнэр күн баара-суоҕа 2000-с сылларга үгэскэ киирбитэ, ол эрэн, маассабай ыйытыктар көрдөрөллөрүнэн, Саҥа дьыл кэнниттэн иккис улахан суолталаах бэлиэ күнүнэн ааҕар дьон бэрт элбэх. Хас куорат бэйэтэ туспа үгэстэрдээх, биллэр бэлиэлээх, онон бырааһынньык сигэнэр түгэннэрдээх. Бырааһынньык биир бэлиэ тула түмсэр буоллаҕына, киһи өйүгэр туспа хатанар. Холобур, Саҥа дьыл – симэммит харыйа, Чысхаан. Сомоҕолоһуу күнэ туох бэлиэлээҕий? Солбуллубут “Улуу Өктөөп” сүрүн бэлиэтэ – Лениҥҥэ өйдөбүнньүктэр билигин даҕаны куораттар, дэриэбинэлэр киин болуоссаттарыгар тураллар…
Сомоҕолуур ырыа
Уопсастыба олоҕор чиҥник киирбит бырааһынньык хайаан даҕаны дьону сомоҕолуур ырыалаах буолар. “Лаглайбыт күөх харыйачаан…”, “Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир, түөрт уон биэс, Тыыннаахтар умнубат сыллара…” – бу строкалары элбэх киһи ырыа матыыбыгар аахпыт буолуохтаах. “Өктөөп” бырааһынньыгын туһунан этэр буоллахха, улуу Былатыан “Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр…” строкаларын умнубут киһи суох буолуо.
Түмүккэ
Маны барытын холбоон туран, бу курдук түмүккэ кэлэбит – бүгүҥҥү туругунан, Сомоҕолоһуу күнэ дьиҥнээх норуот бырааһынньыга буоларыгар сөптөөх үлэ барбатах. Дьиҥэр, бу бырааһынньык олус суолталаах бэлиэ күн буолуохтаах. Арассыыйа дойду быһыытынан сүрүн анала – араас омуктары, араас араҥаҕа киирэр дьону бииргэ түмэр, сомоҕолуур күүс. Ааспыт кэмҥэ төннүбэт уларыйыылары аҕалбыт бу сыл сотору кэминэн уустук тургутуулары быһаарарга күһэйиэ. Биир сүрүн сыалынан уопсастыбаҕа хайдыһыы үөскээбэтин курдук сөптөөх туттунуу буолуохтаах. Кыргыһыы хонуутуттан төннүбүт буойуттар, дьалхааны тас дойдуларга баран көһүппүт дьон, бэйэ бэйэлэригэр сөп түбэспэт тус итэҕэллээх уопсастыба чилиэннэрэ бүтэр уһугар биир санааҕа кэлэн, сомоҕолоһуох тустаахпыт – атын суол суох. Онно Сомоҕолоһуу күнэ бэйэтин дьиҥ суолтатын, дьон сөпкө өйдүүр, кэнэҕэскитин сөбүлүүр уонна ытыктыыр бырааһынньыга буолуох тустаах.
Саха сирэ саайтан
Хаартыска СИА
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0