Мунньахха Бэтэринээрийэ департаменын, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Хотоннору тутуу, кыстыкка киирии боппуруостарын көрдүлэр. Санатан эттэххэ, ойуур баһаарыттан Бэс Күөлүгэр 9 сүөһү, 8 сибиинньэ, 20 куурусса, 120 куруолук, ону таһынан 10 хотон (ол иһигэр 100 миэстэлээх уопсай хотон), 8 тиэхиньикэ (1 уу баһар массыына, 2 МТЗ-82, 1 – Т40, 4 “Синтай” тыраахтар) уонна 4 тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сэп-сэбиргэл (1 тыраахтар прицебэ, 1 роторнай от охсор тэрил, 1 диискэбэй кыраабыл, 1 ынах ыыр аппараат), 9,5 км күрүө, 213 туонна от уокка былдьаммыта. Хоромньу уопсай суумата 62 мөл. 318 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
Эмсэҕэлээбит сүтүктээх ыалларга тыа хаһаайыстыбатын эппиэттээх тэрилтэлэрэ сыһыарылыннылар. Олор хотоннор тутуллуохтаах сирдэрин көрдүлэр, үлэни хаһан саҕалыылларын сүбэлэстилэр.
Дьиэ кыылын “Туймаада” экоферма, “Хорообут” ХЭТ, “Тумул” ТХПК, Хатастааҕы сибиинньэ комплекса, “Сибиир” ПТКХ, Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката биэрэр диэн бигэргэттилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0