Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Быйылгы курдук, чуолаан тыа сиригэр олорооччуларга, уустук сайын кэлбитэ өтөрүнэн биллибэт этэ. Кураан ордук оттооһуҥҥа уустуктары үөскэттэ. Ону тэҥэ айгыр-силик айылҕабыт барахсан тыынар тыҥатынан буолар хаарыаннаах хампа күөх тыабыт умайан күүдэпчилэннэ.

Быйылгы курдук, чуолаан тыа сиригэр олорооччуларга, уустук сайын кэлбитэ өтөрүнэн биллибэт этэ. Кураан ордук оттооһуҥҥа уустуктары үөскэттэ. Ону тэҥэ айгыр-силик айылҕабыт барахсан тыынар тыҥатынан буолар хаарыаннаах хампа күөх тыабыт умайан күүдэпчилэннэ.

Дьэ, маннык уустук сайын содулларын туоратан, кэлэр кытаанах кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһугар саха омук былыр-былыргыттан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр үтүө үгэһин сөргүтэр кэм-кэрдии тирээн кэллэ.

Ол үтүө быһыы Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр буолбут алдьархай содулларын туоратыыга хайыы үйэ көстүбүтэ.

Биһиги Сунтаарбыт улууһун ытык кырдьаҕаһа, улууска бастакы бааһынай хаһаайыстыбаны тэрийээччи, “Сырдык суол” бастакы салайааччыта, Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Хотугу сулус» уордьанын кавалера, Сунтаар улууһун, Кириэстээх, Тойбохой нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, 90 саастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ Михаил Иннокентьевич Коколов дьоһуннаах көмөнү оҥорон эрэр.

Коколов 21

Бу соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораабыт, көҥүл тустууга уолаттарга сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнэ буолбут, Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастара Вячеслав Карпов олоҕун тосхоло буолбут «бары бииргэ» диэн этиитинии, бары бииргэ хардарыта көмөлөсүһэн, араас ыарахаттары кыайыахпыт диэн туран, ытыктабыллаах Михаил Иннокентьевич суругун бэчээттиибит.

                                                                                                        Борис Николаев, Сунтаар.

Ордор оппун биэрэбин

Олоххо араас көстүүлэр киһи күүппэтэх өттүттэн буолаллар эбит. Бу сүүсчэ сыллар усталарыгар хаһан да буолбатах уот кураан кэлэн, улахан алдьархайы аҕалан, суоһар ойуур баһаардара буолан аастылар.

Ама, ол тухары иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх иирээки дьон уоттаабыт үһү дуо? Олохтоох саха омук төрөөбүт айылҕатын уоттаабакка олорон кэлбитэ. Аньыы даҕаны. Былыр тиэхиньикэ суох эрдэҕинэ, ыраах тыанан, үрэҕинэн ыаллар олорор кэмнэригэр, оттуур ходуһаларын саас-күһүн өртүүллэрэ. Ону даҕаны сыл аайы өртөөбөттөрө, үс сыл буола-буола уларыта сылдьан. Сыл аайы өртөөтөххө, сылгы кыһын хаһан аһыырыгар чыыбаайыта суох буолар. Чыыбаайы өртөммөтөх ходуһаҕа сэтиэнэх быыһыгар үүнэр, ону сылгы сөбүлээн сиир. Өртөммүт сир ото күөх сымнаҕас буолан, бары от аһылыктаах харамай сөбүлүүр: ынах үүттэнэр, сылгы уойар, үөн-көйүүр өлөр, убаһа иһэ үөн буолбат. Ол эрээри күһүн эрдэ хагдарыйар, кэнчээритэ суох буолар.

Ааспыт үйэ дьоно айылҕаны билэллэрэ-көрөллөрө ураты, хаһан да уоту ыыппаттара. Сарсыныгар-өйүүнүгэр хос кэрийэн, сүгэлээх, күрдьэхтээх сылдьан умуруоруллара. Бу быйыл ураты кураан сайын буолан, күн уотуттан сир араҥата дириҥник сылыйан, кууран-хатан, сир бэйэтэ умайан таҕыста. Онно эбии ыраах тыаҕа араас эспэдииссийэлэр, сир баайын көрдөөччүлэр араас өстүөкүлэ иһиттэрэ лупа буолан сылыйан умайдаҕа. Онтон да атын араас төрүөттэр бааллар: чаҕылҕан сымалалаах хаппыт маска түһэн, тыалга аалыллан умайара.

 СӨ Бырабыыталыстыбата быйыл саас ыам ыйыттан саҕалаан, 3-4 ый устатыгар айылҕа баһаарын кытта охсуһан таҕыста. Хаһан маннык буолбута баарай -- кыайтарбат уот баһаара диэн? Биир кэмҥэ сууккаҕа тэҥинэн 5000 киһи уоту умуруорууга сырытта. Тыһыынчанан тиэхиньикэ, байыаннай тааҥкалар, улахан сөмөлүөттэр, бөртүлүөттэр үөһэттэн уу куттулар – суох, уот умуллубат.

Бу Горнай улууһун баһаара ынырыгын! Алдьархай Атамай нэһилиэгэр ааҥнаан, элбэх дьиэни-уоту, тиэхиньикэни уот былдьаан сиэтэҕэ тугун сүрэй?! Күрүлэс куйааска ойуур быыһыгар турар уһаайбаны ылан, дьиэ туттубут ыаллар көрө былдьаттахтара кыһыытыан!

Оттуур ходуһалары, оттообут отторун уот сиэн, аһаҕас халлаан анныгар хаалбыт ыаллар төһө аймаммыттара буолуой? Тустаахха олус ыарахан. Биһиги төһө да ыраах буолларбыт, ол иэдээни истэн, тэлэбиисэртэн көрөн, “туох эмэ көмөнү оҥорбут киһи” диэн санаатыбыт. Биһиги курдук, тыа сиригэр сүөһү ииттэн, оттоон-мастаан олорор ыаллар, отторун уокка былдьатан, сүөһүлэрин кыстатан таһаарар кыахтара суоҕа уустугу үөскэтэр.

Дьэ, ол иһин толкуйдаан көрөн баран, биһиэхэ от үүнүүтэ төһө да мөлтөҕүн иһин, син бары нэһилиэктэр кыстыыр отторун булуннахтара. Мин Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр, Бэс Күөлүн ыалларыгар, 40 туонна оту биэрэр буоллум. Атамай нэһилиэгин баһылыгар Федоров Роман Кононовичка 30 туонна оту атыытыгар, 10 туоннаны билэр киһибэр, сылгы ииттэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Васильев Виталий Яковлевичка, көмө быһыытынан босхо.

сенокос трактор 1

Айылҕа алдьархайыгар түбэспит дьоҥҥо көмө наада. Таҥара уон оччону биэриэҕэ. Сэрии сылын оҕото буолан, аччыктыыры, кыһалҕаны барытын ааспыт буоламмын, эрэйи эҥээрдэһэн улааппытым. Аһыныгас санаа баһыйыахтаах -- айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Хата, улууһум дьоно, ордор оттоох буоллаххытына көмөлөһүҥ. Дьокуускайга таһаҕас тиэйэ барар массыыналар бу суол туруон иннинэ эрдэ тиэйэн илдьэн биэрэллэрэ буоллар. Улуус салалтата уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениета дьаһайыаххытын сөп этэ.

Күтүөтүм Романов Валерий Николаевич бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир. Кинилиин сүбэлэһэн баран, ордор оппутун биэрэбит. Тыа хаһаайыстыбытан министиэристибэтигэр үүнээйинэн дьарыктанар Д.Д.Махаров кэпсэтэ сылдьыбыта.

Быйыл дьыл-күн хойутаан, кыһын да хойутаан кэлиэҕэ. Улахан массыыналары өрүһү туоратыы хойутуо, онон оту паром сырыыта тохтуон иннинэ дьаһайыахха наада. От ылааччылартан дуогабар оҥостор анал боломуочуйалаах киһи кэлэн көрөн, тутан барыан наада.

Үтүө санааны кытта 90 саастаах Михаил Коколов.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31