Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр сылыктыылларынан, бүгүн өрөспүүбүлүкэ арҕаатыгар, Халымаҕа, киин, соҕуруу өттүгэр сорох сиринэн кыралаан хаардыыр. Түүн -30-35°, илин, хотугулуу-арҕаа халлаан дьайҕардаҕына -35-40°, хотугулуу-илин хотоол сиринэн -41-46°, арҕаа -20-25°. Күнүс -27-32°, илин -32-37°, Өймөкөөҥҥө -37-42°, арҕаа -18-23°.
Дьокуускайга күнүс -28-30°. Күнүс кыралаан хаардыан сөп, сөкүүндэҕэ 1-3 м түргэннээх уларыйа сылдьар тыаллаах.
Оттон Үөһээ Дьааҥы улууһун Сайдыытыгар бу түүн ураты кэрэ көстүүлээх дьүкээбил суһума оонньоото. Ол туһунан @vestiverkhoyanya "сэлиэнньэ үрдүнэн айылҕа бэйэтэ оҥорбут дьиҥнээх лазернай шоута дьэргэлдьитэн олордо" диэн суруйар.
Хаартыска: @vestiverkhoyanya
- 0
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0