Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьокуускайга, сэтинньи 25 күнүттэн — ахсынньы 18 күнүгэр диэри ускуустуба уонна култуура эйгэтин биир саамай кэтэһиилээх тэрээһинэ — VI-с төгүлүн ыытыллар "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-пуорум ыытыллыа. Бу сүдү тэрээһин сүдү бэлиэ түгэннэри кытта ыкса ситимнээх: П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра төрүттэммитэ 120 сылын уонна Саха Сиригэр биллэриллибит Култуура, Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылларын ситимниир.

Дьокуускайга, сэтинньи 25 күнүттэн — ахсынньы 18 күнүгэр диэри ускуустуба уонна култуура эйгэтин биир саамай кэтэһиилээх тэрээһинэ — VI-с төгүлүн ыытыллар "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-пуорум ыытыллыа. Бу сүдү тэрээһин сүдү бэлиэ түгэннэри кытта ыкса ситимнээх: П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра төрүттэммитэ 120 сылын уонна Саха Сиригэр биллэриллибит Култуура, Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылларын ситимниир.

Улахан тэрээһин иннинэ тыйаатырга суруналыыстарга аналлаах пресс-кэмпэриэнсийэ тэрилиннэ. Көрсүһүүнү бэстибээл уус-уран салайааччыта, РФ норуодунай артыыһа, Арассыыйа уонна ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, Арассыыйа Үлэтин Дьоруойа Андрей Борисов иилээн-саҕалаан ыытта, атах тэпсэн олорон кэпсэтии тэрилиннэ.

6

Саха Сирин кытылларыттан — Аан дойдуга

2026 сылга "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" бэйэтин үһүс тыынын ылан, сыллата ыытыллар бэстибээл-пуорум статуһун чөлүгэр түһэрэр. СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин бирикээһинэн, бырайыак түөрт хайысханы — тыйаатыры, киинэни, норуот эпоһын уонна муусуканы — түмүөҕэ. Быйылгы, саҥардыллыбыт цикл бастакы сылыгар сүрүн болҕомто тыйаатыр ускуустубатыгар  ууруллар. Оттон 2027 сылга "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" Арассыыйа Култуураҕа министиэристибэтин сүрүн бырагырааматыгар киирэргэ бэлэмнэнэр.

Тэрийээччилэр ортолоругар — СӨ Бырабыыталыстыбата, СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Арассыыйа тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун эрэгийиэннээҕи салаата, Аартыка эпоһын уонна ускуустубатын киинэ, "Желанный берег" бэстибээл дирекцията киирэллэр.

Кэпсэтии кэмигэр Андрей Борисов бэлиэтээбитинэн: "Бэстибээл аатыгар иҥмит идиэйэ — кэрэ кытыллар тустарынан. Биһиги кэрэ кытылларбыт — бу пуорум сүрүн санаата. Аартыка киинэ Ытык Сайсары күөлүн кытылыгар турар. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, бу сир саха норуотун култуурата сайдыытын биир сүрүн түһүмэҕин кытта ыкса ситимнээх. Биһиги сыалбыт — Сайсары күөлү улуу өрүстэр, муоралар, акыйааннар уонна ытык күөллэр сойуустарыгар холбооһун. Аартыка култууратын аан дойдутааҕы таһымҥа таһаарарга дьулуһабыт. Ол туһугар пуорум тэриллэр — тыйаатыр, киинэ, эпос уонна муусука сайдыытын суолун ырытан көрөргө, билим, култуура уонна идиэйэ өттүнэн тирэхтээх буоларга", - диэн эттэ.

2 copy copy copy

"Учуутал — үөрэнээччи": көлүөнэлэр ситимнэрэ

2026 сыл репертуара аан дойду тыйаатырын эйгэтигэр биир сүдү түгэни — уһулуччулаах режиссер, судаарыстыбаннай диэйэтэл Андрей Борисов 75 сааһын бэлиэтиир. "Учуутал — үөрэнээччи" диэн анал бырагыраамаҕа көрөөччүлэр маастар бэйэтин уонна кини үөрэнээччилэрин — бүгүн дойду нассынаалынай тыйаатырдарын сирэйдиир режиссердар туруорууларын көрүөхтэрэ.

Дьокуускайга Алтай Өрөспүүбүлүкэтин В.П. Кучияк аатынан Нассынаалынай драматическай тыйаатыра кэлэр. Кинилэр Андрей Борисов туруорууларын: Д. Белеков "Хан Алтаайга тахсыы" уонна "Маадай Хара" диэн эпоһу көрдөрүөхтэрэ. Тыва Өрөспүүбүлүкэтин В. Кок-оол аатынан Нассынаалынай музыкальнай-драматическай тыйаатыра "Айлан Кушкан" испэктээги аҕалар.

Геокултуурунай эйгэ

Быйылгы бэстибээл уратыта — кини далааһыныгар. Бырагыраама Саха Сирин эрэ буолбакка, Арассыыйа атын куораттарын, ону ааһан тас дойдулары хабар.

  • Уфаҕа М. Гафури аатынан Башкир академическай тыйаатыра Андрей Борисов "Урал Баатыр" испэктээгин көрдөрүөҕэ.
  • Элистаҕа Б. Басангов аатынан Нассынаалынай драматическай тыйаатыр "Рыцарь Великой степи" испэктээги туруоруоҕа.
  • Нерюнгрига Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оҕо куукулатын тыйаатыра "Олоҥхону оонньуубут" диэн испэктээги көрдөрүөҕэ.

Маны таһынан, Андрей Борисов испэктээктэрэ икки улахан тас дойду пуорумугар кыттыахтара. Ахсынньыга П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра Москубаҕа "Режиссура уруоктара" диэн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ Н. Лугинов "Утуйар уу уҥуоргу өттүгэр" (“По ту сторону сна”) диэн сэһэнинэн испэктээги көрдөрүөҕэ.

Ытык Иссык-Куль кытылларыгар

Бэстибээл көҕүлээһининэн, Саха тыйаатыра Кыргызстаҥҥа гостуруолга турунуоҕа. Онно кинилэр эмиэ Н. Лугинов "Утуйар уу уҥуоргу өттүгэр" (“По ту сторону сна”) уонна Чингиз Айтматов сэһэнинэн туруоруллубут, бэстибээл аатын биэрбит "Желанный берег” испэктээктэри көрдөрүөхтэрэ.

Улуу суруйааччы төрүт сирэ — Иссык-Куль күөлүн кытылын — "Желанный берег" бырагырааматыгар киирбитэ бу улахан ытыктабыл бэлиэтэ. Андрей Борисов бу испэктээкилинэн 40-тан тахса сыл устата биһиги өрөспүүбүлүкэлэрбит икки ардыларыгар тыыннаах култуурунай сибээс салҕанар, оттон Иссык-Куль биһиэхэ дьиҥ-чахчы "кэрэ кытыл" буолла.

3 copy copy

Үөрэх бырагыраамата уонна доҕордоһуу өйдөбүнньүгэ

Пуорум биир сүрүн соруга — сырдатыы үлэтэ. Көрөөччүлэри уонна идэлээх дьону маастар-кылаастар, артыыстары кытта ирэ-хоро кэпсэтиилэр күүтэллэр. Бэстибээл ураты түгэнинэн биллиилээх тыйаатыр худуоһунньуга Геннадий Сотников — Андрей Борисов чугас доҕорун уонна соратнигын — айар үлэтигэр анаммыт Валентина Чусовская "Только то, что люблю..." диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолуоҕа.

Араас маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Степанида Борисова ураты ньымалары үллэстиэ, оттон Андрей Борисов режиссерскай салаатын бүтэрбит выпускниктар бэйэлэрин айар суолларын кэпсиэхтэрэ.

Маны таһынан, көрөөччүлэр тыйаатыр кириитигэ Дмитрий Родионовтуун, ону тэҥэ Алтай уонна Тыва нассынаалынай тыйаатырдар артыыстарын кытта көрсүөхтэрэ.

 Ахсынньы 4 күнүгэр Саха тыйаатырыгар биллиилээх саха суруйааччыта, драматург, тылбаасчыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ уонна Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Иван Дмитриев-Сиэн Чолбодук сырдык кэриэһигэр анаммыт ахтыы киэһэтэ буолуоҕа.

Бу курдук, "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым"  бэстибээл тыйаатыры эрэ көрдөрүүнэн муҥурдаммакка, ускуустуба киэҥ аартыгын эдэрдэргэ арыйар, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр аналлаах.

"Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" төрдө

XXI үйэ саҕаланыытыгар төрүттэммит бэстибээл баай устуоруйалаах. 2001 сылга Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү быһыытынан саҕаламмыта, 2005 сылга СӨ Култуура министиэристибэтин өйөбүлүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыта. Бастакы көһө сылдьар "Желанный берег" бэстибээл Улан-Удэҕэ ыытыллыбыта, онно Бурятия, Калмыкия, Алтай, Хакасия уонна Саха Сирин сыаналарын түмпүтэ.

Пуорум аата кини айааччытын дьылҕатын кытта быһаччы ситимнээх: "Желанный голубой берег мой..." — Чингиз Айтматов "Пегий пес, бегущий краем моря" сэһэнинэн туруоруллубут, Андрей Борисов дипломнай испэктээгэ. 1986 сыллаахха бу туруоруу ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылбыта уонна үйэлэргэ Саха тыйаатырын визитнэй карточката буолбута.

"Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" — бу тыйаатыр эрэ буолбатах, бу — Сахабыт Сирин кутун, өбүгэ эпоһын уонна аныгы ускуустуба биир ситимэ, норуоттар сомоҕолоһууларын биир олуга.

Галина Матвеева

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0