Бу сыл саҕаланыаҕыттан араас сылларга бүтэрбиттэри уонна бэтэрээннэри кытары көрсүһүүлэр, чиэстээһиннэр, быыстапкалар, кэмпириэнсийэлэр тэриллэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк аграрнай үөрэх кыһатын тэриллибит, үлэлээн кэлбит устуоруйатын уонна инники былааннарын сырдатар «От истоков к будущему» виртуальнай быыстапка үлэлиир.
Быыстапка эспэсииссийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нассынаалынай бибилэтиэкэтин, К.Д. Уткин аатынан Билим бибилэтиэкэтин пуондаларыттан уонна Билим бибилэтиэкэтин быыстапкалыыр саалатыттан ылыллыбыт архыып докумуоннараа, хаартыскалар, араас сылларга үөрэҕи бүтэрбит дьоннор, үлэлээбит-хамсаабыт преподавателлэр, исписэлиистэр уонна устудьуоннар ахтыылара киллэриллибит. Виртуальнай быыстапканы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нассынаалынай бибилэтиэкэтин саайтыгар: https://nlrs.ru/exhibitions/ot-istokov-k-budushchemu көрүөххэ сөп диэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин МАХ ханаала суруйар.
Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин МАХ ханаала.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
