Балаҕан ыйын 17 күнүгэр норуот дьокутааттарыттан аан бастакынан куоластааһыҥҥа Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров, ыччат дьыалатыгар, физическай култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев кытыннылар.
“Дойду сокуону оҥорор уорганын быыбарыгар хас биирдиибит булгуччу кыттыахтаах”, – диэн Владимир Чичигинаров бэлиэтээтэ уонна Саха сирин бары олохтоохторун куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
“Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо Саха сирин интэриэстэрин федеральнай таһымҥа туруорсар уонна көмүскүүр киһини талыаҕа. Онон бу быыбарга олохтоохтук сыһыаннаһан кыттыахха наада”, – диэн Михаил Гуляев тоһоҕолоото.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0