Онон сибээстээн, бу сыл ыам ыйын 21 күнүгэр 10 чаастан Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуоҥҥа сис кэмитиэтигэр конституционнай сокуон барылыгар аһаҕас истии буолуоҕа. Тустаах кэмитиэт мунньаҕар “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар (Төрүт сокуонугар) “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар (Төрүт сокуонугар) уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан” сокуон барыла (СӨ Ил Дарханын көҕүлээһининэн) көрүллүөҕэ. Коронавирус дьаҥын кэмигэр хааччахтаныы эрэсииминэн сибээстээн, мунньах видео-кэмпириэнсийэ көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Онон https://youtu.be/1ErLv_plDr8 диэн сыылканан киирэн, тэрээһини истиэххитин уонна кэмэнтээрий биэриэххитин сөп.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















