«Аҕа картатын» оҥорорго этии киллэрэбин», - диэтэ парламентарий. Кини санаатынан, аҕа уонна оҕо сынньанарыгар толору хааччыллыылаах сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх.
Чернышев этэринэн, «Пушкин картатыгар» маарынныыр үлэлиир картаҕа хас биирдии ыал оҕотугар ыйга 2 тыһ. солк. төлөбүр аныыр туһунан этиллэр, маны таһынан ол харчыны атын наадаҕа ороскуоттанара кыаллыбат. Бу сууманы оҕолору кытта аҕалар киинэ тыйаатырыгар, зоопаркаҕа эбэтэр кафеҕа сылдьалларыгар, оттон ийэлэр иллэҥ кэмнэригэр эбии сынньаналларыгар кыах биэрэр. Бэлиитик бэлиэтииринэн, дойду үрдүнэн аҕалар оруоллара өссө даҕаны ССРС кэмин саҕаттан болҕомтоҕо ылылла да уонна сайда да илик.
- Аҕаларга араас быһыы-майгы тахсыыта көстөр. Икки оҕолоох аҕа буоларым быһыытынан, холобур, маннык балаһыанньа миэхэ табыллыбат, - диэн түмүктээтэ дьокутаат.
Санаттахха, бу сокуон барылын көҕүлээһинин иннинэ, Борис Чернышевскай бэс ыйыгар 25 мөл. солк. кэриҥэ уонна онтон элбэх дохуоттаах дойду олохтоохторугар 20 %-наах НДФЛ улаатыннарарга этии киллэрбитэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0