Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Итинник сокуону таһаарар көҕүлээһин Госдуума Физичэскэй култуураҕа   уонна успуорка кэмитиэтигэр көрдүлэр.  Маннык көҕүлээһиннэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕын чэрчитинэн бэлэмнэнэллэр, дьүүллэһиигэ киирэллэр.

Итинник сокуону таһаарар көҕүлээһин Госдуума Физичэскэй култуураҕа   уонна успуорка кэмитиэтигэр көрдүлэр.  Маннык көҕүлээһиннэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕын чэрчитинэн бэлэмнэнэллэр, дьүүллэһиигэ киирэллэр.

Көҕүлээһин туһунан билиһиннэрдэххэ, 2026 сылтан саҕалаан, арыгы уонна табах атыытыттан анал сыаллаах төлөбүрдэр успуорт тэрээһиннэрин үбүлээһиҥҥэ ыытыллыаҕа.  Субсидия сууматын хас сыл ахсын РФ Бырабыыталыстыбата бигэргэтиэҕэ.  Нолуоктааһын сокуонунан тутуллар акциз сууматыттан бырыһыаннан тутуллара сабаҕаланар. Анал сыаллаах төлөбүрдэр маассабай успуорт, оҕо успуордун уонна успуорт эбийиэктэрин тутууга, үлэлэтиигэ туттулуохтарын сөп.   Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Свищев көҕүлээһин боппуруоһа ураты суолталааҕын, успуорду сайыннарыыга үбүлээһин биир эбии көрүҥүн быһыытынан РФ Үпкэ министиэристибэтин кытта үөрэтэн, сөптөөх быһаарыыны ылынан баран, сокуон бырайыагын Госдуума дьокутааттарын көрүүтүгэр киириэҕэ диэн чуолкайдаата. 

Госдуума саайтыттан

Хаартыска куйаар ситимиттэн 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21