Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Хабаровскай кыраай Дуумата Судаарыстыбаннай Дуумаҕа уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулларыгар табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны атыылааһыны уонна табахтыыры бобор туһунан сокуон бырайыагын киллэрдэ.

Хабаровскай кыраай Дуумата Судаарыстыбаннай Дуумаҕа уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулларыгар табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны атыылааһыны уонна табахтыыры бобор туһунан сокуон бырайыагын киллэрдэ.

Ол туһунан дойду аллараа палататын электроннай баазатыгар тахсыбыт докумуонтан билсиэххэ сөп.«Куораттарга уонна куорат чугаһынааҕы сылдьар бары көрүҥнээх уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулларыгар табах уонна никотиннаах бородууксуйаны розницанан эргинэри боборго этии киллэрэбит», -диэн бырайыакка суруллубут.

Ону тэҥэ, бырайыак ааптардара бу бобуу кальяннарга, электроннай сигареталарга, никотиннаах бородууксуйаны туһанар атын да устройстволарга эмиэ дьайыахтаах диэн туруорсаллар.

Биллэрин курдук, Арассыыйа уопсастыбатын кэнники 10 сылга оҕолор вейптары тардаллара 10 төгүл улааппыта дьиксиннэрэр буолла.

Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21