«Оскуола медицинатын сайыннарыахха наада, кэмэ кэллэ. Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх министиэристибэлэригэр кэлэр үөрэх дьылыттан оскуолаларга медицина үлэһиттэрин төнүннэрэргитигэр соруйабын», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан региоҥҥа доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ салгыы медицина көмөтүн оҥорууга суолу сайыннаран иһэрин бэлиэтээтэ, ол иһигэр үүнэр көлүөнэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа.
Тиэкис, хаартыска: СИА
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
