Сокуон барыла нэһилиэнньэҕэ ас-үөл бородууксуйатын хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун хааччыйыыга, ону тэҥэ национальнай ас-үөл ырыынагар конкуреннаһар кыаҕы үрдэтиигэ, аһы-үөлү тарҕатыыга туһуланар.
Санатахха, Ил Түмэн 40-с пленарнай мунньаҕын кэмигэр, дьокутааттар сокуон барылын бастакы ааҕыыга көрбүттэрэ. Сокуон барылын дьүүллэһии кэмигэр, кэккэ боппуруостар уонна бэлиэтээһиннэр киирбиттэрэ. Оробуочай бөлөх үлэтин түмүгүнэн, дьокутааттар сокуон барылыгар 10 уларытыылары бэлэмнэбиттэрэ. Киллэриллибит уларытыылар, Саха Сиригэр ас-үөл бородууктатын хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун хааччыйар эрэгийиэннээҕи бырагырааманы бигэргэтэр, «Саха сирин бородууксуйата» информационнай бэлиэнэн маркировкалааһын миэрэлэрин киллэрэр.
Бу туһунан Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин санаатын эттэ:
- Тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл миэрэлэрин таһынан, бүгүҥҥү пленарнай мунньахха биһиги сокуон ылыныытын көрдүбүт. Ол курдук, историческай суолталаах түгэн буолла. Биэс сыл устата элбэх уларытыыны, сүбэлэһиини ааспыт сокуоммут бырайыага пленарнай мунньахха киирэн, сокуон быһыытынан ылыллан таҕыста. Ол эбэтэр, хаачыстыбаннай уонна куттала суох Саха Сирин иһигэр оҥоһуллан тахсар ас-үөл бородууксуйатын туһунан сокуон үлэлээтэ. Онно туох миэрэлэр ылыллыахтаахтарын, Саха Сиригэр оҥоһуллар бородууксуйаҕа хаачыстыба, куттала суох буолуу өттүнэн өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн ханнык өйөбүллэри ылыан сөбүн быһаарыллар. Улахан сокуон ылылынна. Манна биир пуунугар сурулла сылдьарынан, Саха Сиригэр саха аһа, бородууксуйата диэн киирдэ. Эрдэттэн бу хайысхаҕа үлэ ыытылла турар уонна куттала суох, хаачыстыбалаах бородуксуйаҕа сөптөөх миэрэлэр, итиэннэ материальнай база кыралаан иннин диэки хамсыырыгар сөптөөх үлэ барбыта. Саамай сүрүнэ - сокуон өттүнэн мэктиэтэ уонна көмүскэлэ буолар. Бу кэнники кэмҥэ сокуон бастакы ааҕыыны ааспытын кэннэ, биир ый устата, Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба оробуочай хамыыһыйалара холбоһоммут элбэх улахан үлэни ыыттыбыт. Түмүгэр сокуоммут бигэргэннэ, сокуон быһыытынан үлэлиир буолла. Биллэн турар, үлэлээн истэҕин ахсын, бу сокуоҥҥа өссө саҥа хайысхалар көстөн иһиэхтэрэ, онон биһиги ханнык баҕарар түгэҥҥэ, норуот дьокутааттарын, бырабыыталыстыба өттүттэн көрөн, бу сокуоҥҥа сайдар, кэҥиир өттүгэр эбии уларытыылар эмиэ киирэн иһиэхтэрэ. Өссө төгүл этэбин, олохтоох бородууксуйа оҥоһуллан тахсар, аһы-үөлү көмүскүүр олус үчүгэй эрэгийиэннээҕи сокуон баар буолла.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0