Саха өрөспүүбүлэкэтэ “Үөрэх” национальнай бырайыагынан 2022-2023 сс. эбии үөрэхтээһин бырагырааматын олоххо киллэрэн 2,5 тыһыынча миэстэни арыйарыгар субсидияны ылыаҕа. “Саха сиригэр 2022-2023 сылларга 18 муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр, 15 улууска уонна Дьокуускай куорат уокуругар баар эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр 2 тыһыынчаттан тахса оҕо эбии үөрэх ылыахтара. Ол курдук, 2024 сылга эбии үөрэхтээһиҥҥэ сылдьар саастаах оҕолор уопсай ахсааннарыттан 80% хабыллыаҕа. Сабаҕалааһын быһыытынан 2030 сылга – 86% оҕо. Субсидияны федеральнай бүддьүөттэн ыытыахтара уонна “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай бырайыагынан бырагырааманы олоххо киллэриэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0