Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ быйылгы сылга 6,8 млрд. солк. көрүллүбүт. Бу көрдөрүү былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,4 млрд. солк. улахан.

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ быйылгы сылга 6,8 млрд. солк. көрүллүбүт. Бу көрдөрүү былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,4 млрд. солк. улахан.

«Демография» национальнай бырайыак биэс эрэгийэннээҕи бырайыактартан турар. Ол курдук, «Дьиэ кэргэн оҕолоро төрөөтөҕүнэ үбүнэн өйөөһүн» бырайыакка 5 млрд. солк. анаммыт. Уопсайа 16 тыһ. дьиэ кэргэн бу бырайыагынан төлөбүрү ылыаҕа. Ол туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Улахан болҕомто үстэригэр диэри саастаах оҕолору уһуйаанынан хабыыга ууруллуоҕа. Бу үлэҕэ 1,1 млрд. солк. көрүллүбүт. Өлүөхүмэ, Алдан, Амма, Нам, Таатта, Уус Алдан улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка уопсайа 8 оҕо саада тутуллуоҕа. «Аҕа көлүөнэ» диэн бырайыагынан Бүлүү улууһугар Сосновкаҕа баар интэринээт-дьиэ  150 миэстэлээх саҥа куорпуһун тутан бүтэриэхтэрэ. Өлүөхүмэҕэ 200 миэстэлээх куорпуһу салгыы тутуохтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Цифровизация туризма

В рамках форума «Цифровой Алмаз» прошла сессия, посвященная цифровизации туризма, где…
13.11.24 19:37