Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

   Саҥа үүммүт сыл аан дойдуну аймаабыт сүрүн сонуна – Казахтаҥҥа буолбут өрө туруу. Бу тыҥааһыннаах быһыы-майгы туһунан бэлиитикэни анаарааччы Чокуур Гаврильев санаатын үллэстэр.

   Саҥа үүммүт сыл аан дойдуну аймаабыт сүрүн сонуна – Казахтаҥҥа буолбут өрө туруу. Бу тыҥааһыннаах быһыы-майгы туһунан бэлиитикэни анаарааччы Чокуур Гаврильев санаатын үллэстэр.

--Ким даҕаны итинник нус-хас олохтоох дойдуга көһүппэтэх өттүттэн соһуччу айдаан тахсыан сылыктаабатах буолуохтаах. Гаас сыанатын икки бүк төгүл үрдэтэннэр, дьон онтон абаран-сатаран, маҥнай эйэлээх миитиҥҥэ тахсыбыта Онтон кэлин букатын да өрө турбуттара, салалталарын дьиэтин, тэлэбиидэнньэлэрин хампаанньатын, полиция учаастактарын урусхаллаабыттара. Сэрии сэбинэн-сэбиргэлинэн сэбилэнэн, алдьархай ааҥныы сыыспыта.

Сойуустаһар дойдубут буоларын быһыытынан, Бэрэсидьиэннэрэ Касым-Жомарт Токаев ыҥырыытынан, итиэннэ ОДКБ (Организации Договора о коллективной безопасности) чэрчитинэн, Арассыыйа байыаннайдарын Казахстаҥҥа киллэрдэ. Кинилэр суолталаах сири-уоту, дьиэни-уоту харабыллыыр буоллулар. Онон Казахстаҥҥа билигин былаас син өрүһүммүт курдук, балаһыанньаны хонтуруолга ыллылар.Дьэ, тоҕо маннык буолла?

Гаас сыаната, дьиҥэр, сылтах эрэ буоларын өйдүөх кэриҥнээхпит. Бу көстүүнү сорохтор ааттаах аймахтар атааннаһыыларынан сыаналаатылар. Сорохтор: “Тастан күөртээтилэр”, -- дииллэр. “Баай-дьадаҥы киирсиитэ дириҥээбититтэн”, -- диэн быһаарааччылар эмиэ бааллар. Былаас былдьаһыытыгар да күтүрүүллэр. Биһиги ити санаалары ырыппакка, хайдах маннык балаһыанньа буолбутун быһааран көрүөххэйиҥ.

Бастатан туран, сатамматах транзит дии саныыбын. Икки сылтан ордук кэм анараа өттүгэр, ол эбэтэр 2019 сыллаахха, оччолорго 79 саастаах, билигин 81-дээх Нурсултан Назарбаев бэйэтин баҕатынан Бэрэсидьиэн  дуоһунаһыттан тохтообута. Ол эрээри “Нур Отан” диэн бас-көс баартыйаны салайара, ону таһынан Куттала суох буолуу сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ.

Анал сокуонунан Назарбаев, Элбасы (Ил Баһа) буоларынан, ис-тас бэлиитикэ боппуруостарын хайаан да кинини кытта дьүүллэһиэхтээхтэр. Назарбаевтыын сүбэлэһиэхтээхтэр, кини этиитин кытта сөбүлэһиэхтээхтэр. Нурсултан Абишевич өтө көрбүт курдук, арыый эрдэ хамсаммыт эбит. Бэл, киин куораты Алма-Ататтан хоту сыҕарытан, Нур-Султаҥҥа (Астанаҕа) аҕалан, былаас биирдэ таҥнары күккүрүөҕүн өрүһүйбүт курдук. Ол эрээри миитиннээччилэр: “Оҕонньор уурай, бар”, — дииллэриттэн сылыктаатахха, былаастан ситэ барбакка сылдьар кырдьаҕаһы утаран тахсыбыттар диэххэ эмиэ сөп.

Иккиһинэн, миитиннээччилэри харааччы иирдэннэр, судаарыстыбаннай структуралары былдьыырга туһаайбыт анал бөлөхтөр үлэлээбиттэрэ саарбаҕа суох. Бу балар кэннилэригэр ким турарый? Оппозиция буолбатах. Манна тас уонна ис күүстэр бааллар быһыылаах. Кимнээҕэ эмиэ биллибэт...

казастан

Үсүһүнэн, хомойуох иһин, казах норуота нация быһыытынан өссө да сайда илигин көрдөрдө. Аҥаардас маҕаһыыннары да моройдооһуннара, халааһыннара сайдыыта суох буолалларын туоһулуур. Аны, саатар, былааһы көрүөхтээх күүстэрбит мөлтөөн-ахсаан биэрдилэр. Кыайан туппатылар. Маныаха арҕааҥҥы дойдулар: “Эйэлээх кэпсэтиини ыытыҥ”, -- дииллэрэ эмиэ өйдөммөт курдук. Кимэ-туга биллибэт күүстэри кытта ким кэпсэтиэҕэй? Ити бас-баттах барбыт түүрэйдьиттэри кытта кыайан кэпсэппэккин.

Дьиҥэр, миитиннээччилэр этиилэрин былаас ылыммытын бэлиэтиир оруннаах. Гаас сыанатын төттөрү түһэрдилэр. Бырабыыталыстыбаны барыларын уураттылар. Мин санаабар, Токаев сөпкө дьаһанна. Былаас кытаанах-күүстээх эрэ буоллаҕына -- былаас буолар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением