СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутулугар киирсэр Булт хаһаайыстыбатын уонна айылҕа ураты харыстанар сирдэрин департаменын салайааччыта Дьулустаан Дьяконов этэринэн, Булт саҥа быраабылатын быйылгыттан үлэлэтэн барарга аны бу тохсунньу ый иһинэн Ил Дархан параметрдары (бултанар болдьоҕу) чопчулуур Ыйааҕа тахсыахтаах.
Мантан аллара Дьулустаан Михайловичтыын Саха сиригэр сыһыаннаах уларытыылары көрөбүт:
1. Андыга сааланыы болдьоҕо эрдэлээн биэрдэ, ыам ыйын 29 күнүттэн (урут бэс ыйын 1 күнүттэн этэ) көҥүллэнэр. Бүтэр болдьоҕо бэс ыйын 4 күнүттэн хойутуо суохтаах. Ол гынан баран, булт болдьоҕо 4 күнтэн уһаабат. Онон тустаах сиргэ олохтоох салайыныы уорганнара халбаҥнатан биэриэхтэрин сөп.
2. Тайаҕы бултааһын болдьоҕо балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕаланар. Урукку Быраабылаҕа алтынньы 1 күнүттэн көҥүллэнэрэ. Саха сирин булчуттарыгар табыгастаах буолла: ыраах атынан айаннаан тиийэн бултуур дьон, сир ыла тураары, эрдэ айаннаан тутуллан ыстарааптаналлара. Аны тыһыта-атыыра, оҕото диэн араарбакка, аҥаар кырыытыттан бултаһыахха сөп.
3. Хагдаҥ эһэни бултааһын атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри көҥүллэнэр. Болдьох уһаан, саха үгэһинэн тыатааҕыны кыстаан сытар арҕаҕар бултаһар кыах үөскээтэ. Ити эрээри, бииригэр диэри саастаах уонна оҕолоох тыһы эһэни бултуур бобуллар.
4. Кыыл табаны сонордоһор болдьох кылгатылынна: атырдьах ыйын 1 күнүттэн нөҥүө сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри эрэ көҥүллэнэр. Эрдэ кулун тутар 15-гэр диэри бултууру көҥүллүүллэрэ. Биһиги булчуттарбытыгар соччо табыгаһа суох быһаарыы ылыллыбыт. Бу Красноярскай кыраайга кыыл табабыт аҕыйаата диэн туруорсаннар, уларытыы киирбит.
5. Атыыр туртаһы атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр эрэ диэри бултуур болдьох олохтоммут.
6. Куобаҕы Саха сирин бары улуустарыгар (эрдэ хотуларга эрэ көҥүллэнэрэ) туһахтыахха сөп буолла. Ол гынан баран, ханнык улууска туһаҕы туттар көҥүллэнэрин эбэтэр бобулларын Ил Дархан булт иниспиэктэрдэрин, экологтары кытта сүбэлэһэн быһаарар. Бөрө олус мэнээктээтэҕинэ, ахсаанын аҕыйатар инниттэн туһаҕынан бултааһын көҥүллэнэр.
7. Саас атыыр куһу иитийэх тыһы (“таҥнарыахсыт” диэн аат ордук барсар) куһунан ыҥыртаран, мэҥиэлээн бултуур буоллахха, куска 30 күн устата сааланар көҥүллэнэр. Ол эрээри, биир дурдаҕа хас киһи бултуон сөбө, онно туспа лиссиэнсийэ ирдэнэрэ-ирдэммэтэ, “таҥнарыахсыт” регистрациялаах буолуохтааҕа дуу, суох дуу өссө да ситэ быһаарылла илик. Маннык ньыма хотугу улуустарга тарҕаммат. Көҕөн, кураанах кус хоту тиийбэт.
8. Күһүҥҥү куска сааланыы атырдьах ыйын иккис субуотатыттан саҕаланар. Кус барыар диэри.
Саҥа Быраабыла сонун сүүрээннэрэ:
1. Булчут булт иниспиэктэрэ бэрэбиэркэҕэ диэн көрдөөтөҕүнэ, докумуоннарын уонна бултуур сэбин-сэбиргэлин хайаан даҕаны көрдөрүөхтээх, докумуонун барытын бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Сокуон кытаатыннарыы өттүгэр баран иһэрин умнумаҥ. Итэҕэһи буллахтарына – бултуур быраабыҥ быһыллыа турдаҕа.
2. Хаһыа да буолан бөлөҕүнэн сылдьан бултуур буоллахха, хайаан даҕаны ыраахтан көстүмтүө чаҕылхай таҥас кэтиллиэхтээх. Холобур, дурдаҕа-сэһээккэҕэ олорор, куобах күрэҕэр сылдьар буоллахха. Онтон суох ыстарааптанаҕын, бултуур көҥүлүн быһыллыан син.
Кыылы-сүөлү бултуурга туох бобулларый?
1. Кыыл таба муоһун тыыннаахтыы (өлө илигинэ) быһар бобуллар.
2. Мас көтөрүн бары көрүҥүн буулдьа саанан ытар бобуллар. Арай, кыра халыыбырдаах, холобур 5,6 калибрдаах “туоһапка” саанан ытыахха сөп. Харабыынынан ытар көҥүллэммэт.
3. Бытархай кыылы -- куобаҕы, кииһи, тииҥи, кырынааһы, солоҥдону уонна нуорканы 5,7 мм халыыбыртан улахан буулдьа саанан, оттон сиэгэни уонна бэдэри 8 миллиметртэн улахан халыыбырдаах саанан ытар бобуллар.
4. Ситэриилээх былаас боломуочуйалаах федеральнай уорганын кытта сөбүлэһиннэрэн, мас көтөрүттэн улары, хабдьыны уонна бочугураһы туһаҕынан бултуохха сөп.
Булт болдьоҕор үөһэ ыйыллыбатахтан манныктар бааллар:
Бөрөнү атырдьах ыйын 1 күнүттэн кулун тутар 31 күнүгэр диэри болдьоххо сонордоһор көҥүллэнэр.Сааскы куска сааланыы болдьоҕо дойду үрдүнэн кулун тутар 1 күнүттэн бэс ыйын 16 күнүгэр диэри быһылынна. Ити эрээри, биир түбэҕэ 10 хонуктан уһуо суохтаах.Күһүн-кыһын мас көтөрүн болдьоҕо атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан нөҥүө сыл олунньу 28 күнүгэр диэри олохтонуон сөп (барыта холбоон 120 күнтэн уһуо суохтаах).
Дьокутаат санаата
Саха сирин булчуттарыгар табыгастаах
Владимир Прокопьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыытыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
-Булт саҥа Быраабылатыгар өрөспүүбүлүкэ дьокутааттара уонна булт хаһаайыстыбатыгар эппиэттээх салайааччылар, исписэлиистэр Госдума туһааннаах кэмитиэтин кытта элбэхтик үлэлэстибит. Ол курдук, тайаҕы, туртаһы, хагдаҥ эһэни, андыны бултааһын болдьохторугар итиэннэ куобаҕы, бөрөнү туһаҕынан бултааһыҥҥа сыһыаннаах уларытыылар биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн киирбит этиилэри аахсан ылылыннылар. Маны таһынан “Саа-саадах туһунан” федеральнай сокуоҥҥа булт саатын илдьэ сылдьыы болдьоҕо 5 сылтан 15 сылга диэри уһатыллыахтаах, 16 сааһын туолбут оҕо төрөппүтүн кытта сылдьан бултуура уонна кусчут атын улууска тиийэн (холобур, хоту хаастыы барарга сөмөлүөккэ моһуоктаах соҕус буолар) табаарыскыттан саатын киниттэн суруктаах, докумуоннаах туттарыҥ көҥүллэниэхтээх. Салгыы үлэлэһэр боппуруостардаахпыт. Сааскы куска кэлиэҕиттэн сааланарга туруорсубуппутун атынынан – “мэҥиэ” куһунан бултуурунан киллэрбит курдук буолан хааллылар. Биһиэхэ оннук үөрүйэхпит суох гынан баран, тыыннаах мончуук кустаах киһи ый устата бултуур балаһыанньата үөскээтэ. Мин санаабар, сүнньүнэн, Саха сирин булчуттарыгар табыгастаах Быраабыла киирэн эрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0