Барыта 195 268 гектар ходуһа сирэ охсуллан, 177 847 туонна от кэбиһилиннэ. Ити кыстыыр от 40 %-а. Кыстыыр отторун 50 %-ын Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустара хааччыннылар, Үөһээ Халыма улууһа былаанын 44 % толордо, Орто Халыма улууһа 2 853 туоннаны оттоото, былаана 5 600 туонна.
Уон сэттэ улууска 313 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ, кинилэр ыраах учаастарынан барыта холбоон 43,5 тыһыынча туонна оту оттуур соруктаахтар. Халаан содулуттан Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи улуустара, кураан тэбиититтэн Чурапчы улууһа былааннарын толорбот туруктаахтар. Уһун ардахтан сылтаан Бүлүү улууһугар үгүс ходуһаны уу ылбыта. Бу улуустарга көмөлөһөр сыалтан, кэккэ дьаһаллар ылылыннылар. Ол курдук, Дьааҥыга эбии мобильнай биригээдэ тиийиэхтээх, атыттарга өҥ сирдээх улуустар көмөлөһүөхтээхтэр.
Чурапчы улууһугар 66 мобильнай биригээдэ тэриллибититтэн 39 биригээдэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Хаҥалас улуустарыгар тиийэн отуу сылдьаллар, билиҥҥи туругунан 10 340 туоннаны оттоотулар. Бу күннэргэ хас да биригээдэ Нам улууһугар оттуу баралларын туһунан улуус дьаһалтата иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0