228 мобильнай биригээдэ ыраах учаастактарынан көһөн оттуу сылдьаллар, 36 111 туоннаны чөкөтөн, сорудахтарын 68 % толорон иһэллэр. Ити иһигэр, Амма мобильнайдара 4 603, үөһээ бүлүүлэр 710, бүлүүлэр 3 070, горнайдар 1 572, мэҥэ хаҥаластар 2 732, ньурбалар 2 040, таатталар 2 873, хаҥаластар 1 000, чурапчылар 8 590 туоннаны оттообуттар.
Үгүс улуустар былааннарын толорор кирбиигэ киирбит, сорохтор 90 %-ын хааччыйбыт буоллахтарына, халаантан эмсэҕэлээбит улуустар кыраапыктан лаппа хаалан иһэллэр. Ол курдук, 16 800 туоннаны оттуур былааннаах Өлүөхүмэ улууһа 12 369 туоннаны оттообут, 27 689 туоннаны оттуур былааннаах Бүлүү улууһа 17 840 туоннаны оттообут, 8 200 туоннаны оттуур былааннаах Дьааҥы улууһа 4 293 туоннаны оттообут. Ааспыт өттүгэр өрөспүүбүлүкэ саппаас отун хааччыйан кэлбит Кэбээйи улууһа 14 000 туоннаны оттуур былааннааҕыттан, саамай сүрүн ходуһатын, Турбаахыны, ууга былдьатан, 5 863 туоннаны оттообут.
-- Хаҥалас, Нам, Амма, Горнай улуустарыттан от уонна сенаж атыылаһар туһунан кэпсэтэ сылдьабыт. Ити улуустартан 500 туонна кэриҥэ атыыга көстүөх курдук. Маны таһынан, эбии аһылыкка анаан, 274 туонна комбикуорманы, 67 туонна сылгы бурдугун уонна 204 туонна гранулаламмыт оту сайаапкалаатыбыт. Мобильнай биригээдэлэрбит хаар түһүөр диэри оттуур соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьаллар, былааннара 1 850 туонна, -- диэн бүгүн «Саха» НИКХ биэриитигэр Кэбээйи улууһун баһылыгын солбуйааччы Илья Алексеев кэпсээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0