Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн...”  диэн этии бу саҥа сокуон олоххо киирбитин  кытта сибээстээх. Ол курдук, балаҕан ыйын 1 күнүттэн  кирэдьиити болдьоҕун иннинэ барытын сабар буоллахха, страховка харчыта төннөрүллүөхтээҕин мэктиэлиир сокуон олоххо киирдэ.

Тустаах сокуон ылылла илигинэ, кирэдьиит сууматын барытын ууран биэрэн баран, страховка харчытын сууттаһан ылаллара. Билигин кирэдьиити болдьоҕун иннинэ төлөөн баран, сэттэ күн иһигэр страховканы төннөрөллөрүгэр  сайаапка түһэриллэр. Өскөтүн,  страховкалааччы баан буолбатах буоллаҕына,  иэс төлөнүллүбүтүн туһунан тустаах тэрилтэттэн ыспыраапка ылыллыахтаах. Маны тэҥэ, саҥа сокуон чэрчитинэн, кирэдьиити ылбыт дьон  кэллэктиибинэй страховкалааһын  бырагырааматыгар холбонуу иһин  төлөөбүт харчыларын төттөрү төннөрөр толору бырааптаахтар. Бу уларыйыыга  ипотека кирэдьиитэ эмиэ хабыллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением