Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Бу күннэргэ Аллараа Халыма оройуонугар хаардаатар, тыалырдар да, навигация бүтэһиктээх күүрээннээх эрэсиимигэр киирэн турар.   Билигин Чиэрискэй бөһүөлэгин туһаайыытынан Халыма өрүс  төрдүгэр үс танкер эриэйдэҕэ тураллар -   икки  «Ленанефть» (2054, 2063) уонна «Яна». «Ленанефть-2064» танкер өрүс үөһээтиттэн устан иһэр  диэн "Колымская правда" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Алексей Курило биллэрэр. 

Бу күннэргэ Аллараа Халыма оройуонугар хаардаатар, тыалырдар да, навигация бүтэһиктээх күүрээннээх эрэсиимигэр киирэн турар.   Билигин Чиэрискэй бөһүөлэгин туһаайыытынан Халыма өрүс  төрдүгэр үс танкер эриэйдэҕэ тураллар -   икки  «Ленанефть» (2054, 2063) уонна «Яна». «Ленанефть-2064» танкер өрүс үөһээтиттэн устан иһэр  диэн "Колымская правда" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Алексей Курило биллэрэр. 

Муора эриэйдэтигэр  турар  “Андрей Первозванный”,  “Александр Невскэй”, “Диксон”турар муора танкердарыттан  уматыгы аччыгый уйуктаах суудуналарга көҕүрэтэн хачайдааһын ыытылынна. Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Халыматааҕы суудуна хампаанньатын ТР-75 танкера ЛОРП “Ленанефть-2054” танкерыттан 350 туонна хочуоланайга тутталлар ниэби тиэнэн, билигин Орто Халыма куоратыгар тиийдэ.

Бу иннинэ Дьокуускайтан кэлбит “Василий Лебедев” рефрежиратор Орто Халымаҕа тиийэн сорох таһаҕаһын сүөкэнээт, төннөн иһэн аара Колымское сэлиэнньэҕэ табаарын чааһын түһэрдэ, балыгы тиэннэ. Салгыы Зеленай Мыс пуордугар тохтуу түһээт, Походскай сэлиэнньэтигэр тиийэн хаалбыт таһаҕаһын сүөкэннэ уонна Халыма балыгын тиэннэ. Рефрежиратор сылдьыбыт сэлиэнньэлэригэр  оҕуруот аһын тириэрдибитин бэлиэтиэххэ сөп.

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Халымаҕа төрдүгэр кэлбит Аартыкатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын “Магдебург” рефрежиратора Чиэрискэйгэ оҕуруот аһын  - хортуоппуйу, хаппыыстаны, луугу, сымыыты уо.д.а бородууктаны аҕалан сүөкэнэ турар. Ону таһынан, бу хампаанньа СТК-1012 сухогрууһа сайын устата Дьокуускайтан Чиэрискэйгэ диэри икки сырыыны оҥордо. Бу манан Аллараа Халымаҕа навигациянан оҕуруот аһын, бородууктаны аҕалыы түмүктэнэр.        

ххх

Алтынньы 1 күнүгэр СӨ Гражданскай оборуонаҕа уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков салалтатынан таһаҕаһы тиэйиигэ суһал бөлөх уочараттаах мунньаҕа буолан ааста.

Мунньахха өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар таһаҕаһы тиэйии бүтэһиктээх түһүмэҕэр тиийбитин иһитиннэрдилэр. Навигация саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ туһанарыгар 1 129,1 тыһ. туонна таһаҕас тиэлиннэ эбэтэр ол былаантан 90,2% буолар. 1028,5 тыһ. туонна таһаҕас эбэтэр былаантан 82,2% тиэрдилиннэ. Индигиир уонна Халыма өрүстэринэн таһаҕаһы таһыы чугастааҕы күннэргэ түмүктэниэ, оттон Дьааҥы өрүһүнэн тиэрдии уруккутун курдук уустуктардааҕа бэлиэтэннэ.

“Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствотын” АУо тэрилтэтигэр бу хайысханан  чоҕу уонна ньиэби тиэйиини түргэтэтэргэ, оттон  таһааччыларга хаалбыт таһаҕаһы тиийиэхтээх сиригэр тириэрдэри ураты хонтуруолга ыларга сорудахтанна. Таһаҕаһы тиэрдээччилэргэ суудуналары кыһыҥҥы турар сирдэрин кэмигэр сөптөөхтүк хааччыйалларыгар ыйыы бэрилиннэ”, – диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Лепчиков.

                                                     Хаартыскалар  "Колымская правда" хаһыат саайтыттан ылылыннылар

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22