Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сенатор Сахамин Афанасьев: «Дойду баһылыга Аартыканы кэлимник сайыннарыыга туһаайда»

Сенатор Сахамин Афанасьев: «Дойду баһылыга Аартыканы кэлимник сайыннарыыга туһаайда»

-Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кулун тутар 27 күнүгэр Мурманскайга «Аартыка – биир тылы булуу территорията» VI норуоттар икки ардыларынааҕы Аартыкатааҕы пуорумҥа кыттан тыл эттэ. Бэрэсидьиэн Аартыка суонатын уонна Хотугу муора суолун кэлимник сайыннарыы кэскиллэрин туһунан кэпсээтэ, — диэтэ Саха Сириттэн сенатор Сахамин Афанасьев.

11

- Владимир Путин норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум пленарнай мунньаҕар кыттан тыл этиитэ - Аартыканы сайыннарыыга туһаайыллыбыт Анал этиитэ буолар. Кини Аартыка Арассыыйаҕа  уонна аан дойдуга да сүҥкэн оруоллааҕын уонна суолталааҕын бэлиэтээтэ.  Ону тэҥэ, Аартыка эйгэтин өйөөһүн уонна уһун болдьохтоох социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыы, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы уонна ураты айылҕалаах эйгэтин оннунан хаалларыы судаарыстыба сүрүн соруга буоларын ордук тоһоҕолоон эттэ, - диэн чуолкайдаата Сахамин Миланович.

Хаартыскалар: саха гов.ру

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21