Үлэ бэрээдэгинэн ыытыллыбыт мунньахха бу сайын от ыйын 5 күнүгэр сис кэмитиэт “Экологическое благополучие” национальнай бырайыакка өрөспүүбүлүкэ этиилэрин бэлэмнээһини түргэтэтэр туһунан быһаарыыта хайдах туолан иһэрин тула кэпсэттилэр. Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин ону санатан туран, бу хайысханан ыкса дьарыктанар СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Лука Сафонов бэлэмнээбит информациятын иһиттилэр.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ этиилэрэ РФ айылҕа баайыгар уонна экологияҕа министиэристибэтигэр “Өлүөнэ өрүһү уонна кини салааларын чэбдигирдии” эрэгийиэннээҕи бырайыак пааспарын пуорматын быһыытынан ыытыллыбыт. Чопчулаатахха, этиилэри национальнай бырайыак иһинэн “Генеральнай ыраастааһын” уонна «Биология баай көрүҥүн харыстааһын уонна экологиялаах туризмы сайыннарыы» федеральнай бырайыактарга киллэрэргэ диэн туруорсубуттар.
Билиҥҥи туругунан Өлүөнэ бассыайыныгар 285 суудуна тимирэн сытар, өрүс кытылыгар турар 32 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа канализация-ыраастыыр тутуулар суохтар, онтон 100-тэн тахса нэһилиэнньэлээх пуун халаан кэмигэр ууга барар суонаҕа тураллар, үксүлэригэр кытыла алдьанара бэлиэтэнэр. Ол иһин Өлүөнэ бассыайынын чэбдигирдии туһунан боппуруос федеральнай таһымҥа хаста да туруорулла сылдьыбыт.
Бу бырайыактарга киирэр чопчу сирдэр, эбийиэктэр туһунан билиһиннэрдээхэ, балайда улахан кээмэйдээх үлэни, үбүлээһини эрэйэр үлэ ыытллыахтааҕа көстөр.
Ол курдук, хостуур бырамыысыланнас урукку быраҕыллыбыт сирдэригэр “хвостохранилище” дэнэр киртийбит ууну тутар сирдэри суох оҥоруу олус уһун, уустук уонна ороскуоттаах үлэ. Ол гынан баран, куттала суох буолууну хааччыйар уонна кэлэр көлүөнэҕэ чэгиэн тулалыыр эйгэни хаалларар инниттэн бу үлэни ыытар наадалаах диэн бэлиэтээтилэр.Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ тулалыыр эйгэҕэ куһаҕаннык дьайар оннук 5 эбийиэк баар: Депутатскайдааҕы ГОК-а (Усуйаана), Лебединскэйдээҕи ЗИФ (Алдан), Батаҕайдааҕы ОФ (Үөһээ Дьааҥы), Дьугдьуур көмүһэ (Уус Маайа).
Ону таһынан бырайыактарга кэскиллээх этиилэри болҕойуохха сөп: “Кэҥкэмэ” учаастагын баазатыгар тыа кыылын чөлүгэр түһэрэр Киини тэрийии; Айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр экологиялаах туризм инфраструктуратын үлэҕэ киллэрии; Өлүөнэ-Өлөөн, Сундурунускай, Дьааҥы-Индигиир кыыл табатын популяцияларын кэтээн көрүүгэ авиа учуоту ыытыы курдуктар киирбиттэр.
Миниистири солбуйааччы кэпсээбитинэн, РФ министиэристибэтиттэн билигин өрөспүүбүлүкэ этиилэригэр официальнай хоруйу бэлэмнии сылдьабыт диэн биллэрбиттэр. Ону таһынан, москубалар тылынан барыллаан маннык информацияны биэрбиттэр: “Генеральнай ыраастааһын” федеарльнай бырайыагынан тимирбит суудуналары хостооһун барыллаан биэрэчинигэр Тиксии акваториятыгар 12 суудуна киирбит (2026-2030 сс. үстүү суудуна); хостуур бырамыысыланнас урукку быраҕыллыбыт сирдэригэр “хвостохранилище” дэнэр киртийбит ууну тутар сирдэри cуох оҥоруу үлэтигэр Роспотребнадзор биэрэчинэ оҥоһулла турарынан, сыл бүтүүтэ биллиэҕэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ уунан хааччыйар тутуулары саҥардыы ордук сытыытык турар. Ол курдук, 1970-80 сс. тутуллубут үгүс канализациялыыр-ыраастыыр тутуулар 80 % эргэрбиттэр. Бу хайысхаҕа НС-04-17/45-пр 01.07.2024 с. боротокуолга киирбитинэн уонна “Арассыыйа уута” федеральнай бырайыак пааспарынан 740,80 мөл. солк. суумалаах тэрээһин үлэни ыытыы киирбит.
Мунньах түмүгүнэн сис кэмитиэт салайааччыта Андрей Находкин өрөспүүбүлүкэ этиилэрэ РФ тустаах министиэристибиэтигэр киллэриллибиттэр уонна ити ыйыллыбыт национальнай бырайыактарга хапсарга туһуламмыт үлэни салгыы ыытарга ыҥырда. Бу сыл бүтүөр диэри РФ Бырабыыталыстыбата РФ Бэрэсэдьиэнин иһинэн Сэбиэккэ национальнай бырайыактары бэлэмнээн туттарыахтаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0